“Кинигэ – киһи өйдөөх сүбэһитэ” – бу кырдьык. Сахаларга урут сурук-бичик суоҕа. Бастаан үөрэх таҥара дьиэтиттэн саҕаламмыт. Сахалыы бастакы кинигэ “Катехизис”. Саха алпаабытын Новгородов Семен Андреевич оҥорбута, 1917 с.бэчээттэппитэ. Онтон ыла элбэх кинигэ тахсыбыта.
Мин бастаан “Сурук-бичик кинигэтэ” диэни аахпытым. Ийэм элбэх кинигэни бэлэхтээбитэ. Кини Бэчээт дьиэтигэр үлэлиир. Кини элбэх боппуруоһу быһаарар, салайар. Аллараа этээскэ элбэх араас боппуруоһу быһаарар, салайар. Аллараа этээскэ элбэх араас хаһыаты, сурунаалы, кинигэни атыылыыллар. Ийэм миэхэ “Чуораанчык” (“Колокольчик”) хаһыаты, оҕо кинигэтин аахтарар, бэлэхтиир. Кинигэм долбууругар остуоруйалардаах, научнай-популярнай кинигэлэр, тылдьыттар, уо.д.а. бааллар. Саамай таптыыр кинигэлэрим- “А.С. Пушкин остуоруйалара”, К. Чуковскай, С. Маршак, С. Есенин, С. Васильев айымньылара. Бэйэм хоһооннорум бастакы кинигэтин 2021 с. ийэм бэчээттэппитэ. Билигин өйтөн суруйарбын сөбүлүүбүн.Ону мунньан быйыл иккис кинигэбин оҥоруом.
Интэриниэт эмиэ туһалаах. Мин уустугурдар боппуруоспар эппиэти булабын. Ордук “Окружающий мир” сорудаҕын толорорго олус элбэх наадалааҕы билэбин. Онон араас тылдьыттар, энциклопедиялар бааллара миэхэ эмиэ туһалыыр. Кинигэ киһи өйүн сайыннарар, олоххо үөрэтэр.
Валерия Акимова.
Тулуна орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ
“Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иитиллээччитэ
Уус-Алдан улууһа