Дойду Төрүт Сокуонугар уларытыылары киллэрэргэ куоластааһын бу ый 25 күнүттэн ыытылла турар. Быйыл саҥа 18 саастарын туолан, бэйэлэрин куоластарын биэрэр кыахтаммыт оҕолор дойдуларын иннигэр иэстэрин төлөөн, улуус, нэһилиэк ахсын куоластыыр учаастактарга кэллилэр.
КҮНДЭЭДЭ, НЬУРБА:
Алексей Петров:
— Бүгүн, от ыйын 1 күнэ-мин олохпор олус суолталаах уонна долгутуулаах күн үүннэ. Ол курдук РФ Төрүт сокуонугар уларытыыларга куоластааһын күнэ. Минбыйыл орто оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн, 18 сааспын туолан, Россия гражданина буоларым быһыытынан, аан бастаан бэйэм гражданскай позициябын толорбуппуттан астынным. Биһиги инники олохпутун үчүгэй өттүгэр уларытар кэскиллээх диэн өйдүүбүн. Инникитин дойдубут сайдыылаах, кыахтаах буоларыгар эрэнэбин. Бастакы куоластыырбар соһуччу бэлэҕи тутан олус үөрдүм, олохтоох дьаһалтаҕа махтанабын.
ЧЫЧЫМАХ, ТААТТА:
Алина Иванова:
-Дойдубут Конституциятыгар уларыйыы киирэригэр куоластааһыҥҥа кыттыы хас биирдии гражданин бырааба буоларынан, мин быйыл сокуоннай сааспын ситэммин кыттарга быьаарынным. Куоластааһыҥҥа кыттан, норуот бэйэтин санаатын биллэрэр, дойду политическай олоҕор, кыратык да буоллар, кыттар дии саныыбын. Мин бу бырааппын куоттарбакка куоластааһыҥҥа кытынным. Элбэх сылга биирдэ буолар Конституцияҕа уларытыыны киллэриини ылыныыга куоластааһыҥҥа кыттыбыппыттан үөрэбин.
Таня Гуляева:
— Мин санаабар, Россия хас биирдии гражданина дойдутун туһугар, бэйэтин иннигэр кыһаллан быыбарга кыттыыны ылыахтаах. Быыбарга дойдубут инникилээх буоларын уонна тупсарын туһугар кыттабыт. Мин сокуоннай сааспын туолан, быыбарга бастакы кыттыым үчүгэйдик ааста.
КУТАНА, СУНТААР:
Герман Игнатьев:
— Мин бастакы быыбарым буолар.Төрүт сокуон дойдубут туһугар үлэлиэ диэн куоластаатым. Инникибит сырдык буоллун, олохпут тупсар ини. Дьиэ кэргэн бары баран куоласпытын биэрдибит.
ДЬОКУУСКАЙ:
Максим Варламов:
— Хас биирдии киhи инники олоҕор, норуотун кэскилигэр эппиэтинэстээхтик сыhыаннаhыахтаах. Ол туhугар политиканы, ылыллар сокуоннары, уураахтары интэриэhэргээн ааҕыахтаах, истиэхтээх. Ону сэргэ, бэйэтин быраабын туhанан, сөптөөхх быhаарыныыны ылынан, быыбарга сылдьан куоластыахтаах дии саныыбын.
КҮҮКЭЙ, СУНТААР:
Наташа Тимофеева:
— Мин 18 саастаахпыт. Мин Россия гражданина буолабын. РФ гражданина буоларым быһыытынан куоластааһыҥҥа кытынным. Мин дойдум сайда, чэчирии турарыгар баҕарабын.
ХАМАҔАТТА, НАМ:
Мария Аммосова:
— Аан бастаан быыбардыыр оҕолору эҕэрдэлиибин! Хас биирдии киһи быыбардыахтаах. Конституцияҕа уларытыылар киирэллэрин сөбүлэһэрин эбэтэр сөбүлэспэтин туһунан биллэрэр бырааптаах. Мин Россия гражданина буоларым быһыытынан, сокуоннай сааспын туоламмын бастакы быыбарбар кытынным. Хас биирдии быыбардааччыттан биһиги олохпут инникитэ быһаарыллар дии саныыбын.
БОРОНУК, ДЬААҤЫ:
Учуутал Акулина Стручкова:
-Быйыл Боронук нэһилиэгэр олохторугар аан бастаан быыбардыыр оҕолорбут гражданин буолалларын быһыытынан бырааптарын дьоһуннук ылынан, кэлэн быыбардаатылар. Кинилэр инники олохторугар бигэ эрэллээхтик хардыылыылларыгар мэктиэ буолар дойдубут сүрүн сокуонугар уларытыылары сөптөөхтүк өйдөөн куоластаабыттара буолуо диэн эрэнэбит. Улахан олох аартыгар үктэнэллэригэр дойдубутугар маннык сүдү далааһыннаах, суолталаах быыбарга кыттыбыттара оҕолорбут инники олохторугар эппиэтинэстээх буолалларын кэрэһилиир дии саныыбыт.
АММА-НААХАРА, АММА:
Амма-Наахара оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит бастыҥ үөрэнээччитэ, ГТО кыһыл көмүс знагын хаһаайына, оскуола, нэһилиэх бастыҥ активистката, общественнига Валерия Николаева быйыл эмиэ аан бастаан куоластаан, дойдутун дьылҕатын туһугар кыһамньытын биллэрдэ.