Ахсынньы ый — Билгэ ыйа. Былыргы өбүгэлэрбит остуоруйалаһар, уһун тымныы киэһэлэргэ остуол оонньууларынан оҕолор сааранар кэмнэрэ. Орто-Халыма улууһун Өлөөкө-Күөл орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччилэрэ суруйбут үлэлэрин бэчээттиибит.
Амма Аччыгыйа аатырбыт-сураҕырбыт «Саха олоҕун энциклопедиятынан» ааттаммыт айымньытынан «Сааскы кэм» роман-эпопея буолар.
Манна сүрүн оруолу ылар Микиитэ Лэглээрин оҕо сааһа бэрт ырылхайдык ойууланар. Кини иитиллибит балаҕанын иһэ бэйэтигэр олус күндү, оттон таһыттан киирбит дьон кинилэр балаҕаннарын наһаа сөҕөллөр. Оннооҕор «бу дьиэҕэ биир күн олорбут киһи биир сыл оҥорбут аньыыта бырастыы буолар…» диэн этэллэр. Маны ааҕа олорон хабыс-хараҥа, сииктээх, кыараҕас балаҕаны саныыгын. Эбиитин аһыыр астара кэмчи, Өлөксөй ыарытыйара бу барыта түмүллэн киһи кута-сүрэ тохтообот хартыыната ойууланар. Санаабар бастаан тырыттыбыт таҥастаах, умунах буолбут истээх Микиитэни олус аһыммытым. Итинник усулуобуйаҕа улааппатахпыттан хайдах эрэ бэйэбин ордуктук санаммытым.
Онтон салгыы ааҕан истэҕим аайы Микиитэ оҕо сааһа атын өттүттэн арыллан испитэ. Ол курдук Даарыйа эмээхсин дьукаахтаспытыттан балаҕан иһэ сырдыырга дылы буолта. Эмээхсин эҥээркэй куолаһа кулгаахпар иһиллэр курдук. Кини хаһан да бүппэт остуоруйалара, өйү толкуйдатар таабырыннара, аралдьытар остуол оонньуулара хайдах эрэ миигин ымсыырдар курдук буолтара. Микиитэ уол утуктаабыт харахтарынан ити сириллибит балаҕан иһэ уларыйан, аптаах дыбарыаска кубулуйан көстүбүтэ. Бары-барыта тупсан, уларыйан, киэркэйэн киһи эрэ санаата көтөҕүллүөхтүү… Онтон Микиитэ утуктаан ситэ истибэккэ хаалбыт остуоруйаларын тугунан бүппүттэрин оо, билбит киһии… Билигин аҕай ааҕа олорон Микиитэтээҕэр бэйэбин ордуктук санаммытым сүтэ охсон, аны ымсыырар санаалар киирэллэр. Киэһэ аайы атынтан-атын остуоруйаны истэр, кыһыҥҥы уһун күннэри остуол оонньуутунан саатаан аралдьыйар, мунаахсыйар ыйытыыларыгар куруутун муударай эппиэттэри ылар Микиитэ бу сырыыга миигиннээҕэр ордук буолан көстүбүтэ.
Амма Аччыгыйа Микиитэ уобараһынан бэйэтин оҕо сааһын көрдөрбүт диэн ырытааччылар эппиттэриттэн көрдөххө, кырдьык да оннук эбит быһыылаах. Микиитэ уол бастар бараммат баай тыллаах, умсулҕаннаах дьиктилээх-дьиибэлээх остуоруйалары, мындыр толкуйу тобулар таабырыннары истэ улаатан санаата-оноото сырдык, аламаҕай, аһыныгас, кэрэҕэ-үтүөҕэ тардыһыыта күүстээх. Амма Аччыгыйа уус-уран тыллаах суруйааччы буолан тахсыбытын төрүөтэ итиннэ сыттаҕа, дии саныыбын.
Оттон билиҥҥи оҕо улаатар эйгэтэ хайдаҕый?! Кини билигин олох кыратыттан ыла телефонтан, телевизортан арахпат. Ытаабатын эрэ диэн, төрөппүттэр үөрэ-көтө оҕолорун телевизортан, телефонтан, планшеттан, компьютертан тэйиппэттэр. Ол түмүгэр, оҕо кэпсэппэккэ, сахалыы саҥаны истибэккэ улаатар. Күннээҕинэн «бар», «кэл» эрэ диэн дьадаҥы тыллаах-өстөөх буолар. Аны туран, аныгы сайдыылаах кэм арыйыылара хараҕар барытын бу баар гына көрдөрөн биэрэллэриттэн өйүгэр оҥорон көрөр дьоҕура сайдыбат. Оннук бэлэм көстүүгэ үөрэнэн, суруллубут тиэкистэри ааҕа да соруммат, интэриэһиргээбэт. Ааҕыы диэнтэн тэйэр, сүрэҕэлдьиир, сөбүлээбэт. Киниэхэ барыта бэлэм көстө, саҥара сылдьара ордук. Мантан сылтаан айар, толкуйдуур дьоҕура арыллыбат.
Даарыйа эмээхсин остуоруйалара аһыныгас, доҕордоһууга бэриниилээх, инники олоххо үтүөҕэ эрэллээх буолууга иитэр-үөрэтэр ис хоһоонноохтор. Оттон билиҥҥи оҕо компьютерын, телефонун оонньуута үксэ кэриэтэ ытыалаһыы, өлөрсүү, куотуу, сырсыы. Биллэн турар, аһыныы-хараһыйыы туһунан этэ да барыллыбат.
Оттон таабырыннары ылан көрүөҕүҥ, толкуйдатар аналлаах өбүгэбит бэлэҕэ буоллахтара. Билигин таабырын таайсарга тоҕо эрэ, харахпыт уоттаммат, сүргэбит көтөҕүллүбэт, тэттибэппит диэххэ сөп. Ол таабырыны сатаан таайбаппытыттан эбитэ дуу, өйбүт сыппаҕыттан эбитэ дуу… Таабырыны сатаан эргитэн толкуйдаабаппыт быһыылаах, мас хайдыбытыныы туруору ылынабыт. Эбэтэр улахан аҥарын таайыытын билбэппит, үксүн наар «ол тугуй?» диэн буолар. Аныгы дьоммут диибит да, балаҕан иһигэр улааппыт Микиитэҕэ таабырын чааһыгар ырааҕынан тиийбэппит.
“Кинилэр хабылык хабаллар, дурда эргитэллэр, эрилээҥкилииллэр” диэн суруйар ааптар, бу оонньуулартан хабылыгы эрэ билэбин. Биллэрбин да аҕыйахта оонньообутум буолуо. Оттон Микиитэ салҕыбакка күн аайы, күнү быһа оонньуур оонньуулара этэ. Кинини умсугутара диэн, сүүйүүтүн саҥа остуоруйаны истии. Билигин хабылык туһалааҕа биллэн, сайдан эрэр оонньуу буолар. Наука этэринэн, оҕо тарбахтарын сайыннарыыттан кини үөрэҕи ылыныыта, өйүн-санаатын сайдыыта тутулуктаах. Ол иһин билигин мелкай моториканы сайыннарарга араас үлэ, үөрэх бөҕөтүн ыыталлар.
Оттон былыргы саах сыбахтаах балаҕаҥҥа олохтоох өбүгэбит оччоттон ыла оҕону кэпсээнинэн, остуоруйанан умсугутан, толкуйдарын таабырынынан тобулан, тарбахтарын остуол оонньуутунан сайыннаран улаатыннарбыт. Ол иһин балаҕаҥҥа улааппыт оҕолор уус тыллаах, амарах санаалаах, сытыы өйдөөх дьон буолбуттара саарбаҕа суох. Кинилэр тымныыга хаарыллан, үлэлээн-хамнаан уһаарыллан, батталга самнан хаалбакка төттөрүтүн күүһүрбүттэр эбит. Оттон билиҥҥи оҕо маннык олоҕу тулуйуо этэ дуо?! Оҕону сөпкө иитииттэн кини олоҕо тутулуктаах эбит.
Арсен ВИНОКУРОВ, 11 кылаас үөрэнээччитэ,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл орто оскуолата.
Хаартыска «Сааскы кэм» уус-уран киинэттэн.