Түҥ ойуурга наһаа өйдөөх мэкчиргэ олорбута. Кини өйө бэрдиттэн ону-маны толкуйдуу-толкуйдуу төттөрү-таары хаамыталыыра, көтөрү-сүүрэри үөрэтээри, түүнү-күнү быһа дакылаат ааҕара. Кэнникинэн киниттэн бары салҕан барбыттара. Биирдэ саамай өйдөөхтөрө — ийэ бөрө обургу мэкчиргэҕэ эппитэ:
— Түүнү-күнү быһа эн саҥаҕын истэрбититтэн салҕан хааллыбыт. Өйгүн, билиигин ханна да гынар кыаҕыҥ суох буоллаҕына, хата, биһиги мэник-тэник оҕолорбутун ааҕарга-суруйарга үөрэт.
Мэкчиргэ ону истэн сүрдээҕин сэргээбит уонна дьоһумсуйан олорон ачыкытын көннөрүммүт, сөмүйэтин чочоҥноппута:
- Сөпкө эттиҥ, ол гынан баран, эһиги оҕолоргут тугу да өйдөөбөт буоллахтарына мөхтөхпүнэ, талаҕынан таһыйдахпына, көмүскээн тиискитин ардьатымаарыҥ, тыҥыраххытын саратымаарыҥ, — дии-дии, сис туттан баран хаамыталаабыта. Бөрө өр толкуйдаабыта уонна этии киллэрбитэ:
- Мин икки мэник-тэник уоллаахпын, кинилэри сытыары сымнаҕас, кинигэни ааҕар гына үөрэттэххинэ, хамнаскын ботуччу соҕус төлүөм, — ийэ бөрө сөбүлэспитин биллэрбитэ.
- “Баччаҕа оҕолоргутун аҕалыҥ” диэн биллэрии ыйаатахпына, уолаттаргын тэтэрээттээх, уруучукалаах аҕалаар, — диэн баран, мэкчиргэ биллэрии суруйбутунан барбыта:
Мин, мэкчиргэ, уйам аттыгар, кэлэр ый саҥатыгар ойуур олохтоохторун оҕолоругар ОСКУОЛА арыйабын.
Оскуолабар биир ыалтан өйдөөх икки оҕону үөрэтэ ылабын. Үөрэтии быраабылатын туһунан төрөппүттэри кытта туспа кэпсэтиэм. Өйдөөх оҕолоргутун тэтэрээттээх, уруучукалаах аҕалаарыҥ! Мэкчиргэ. Бу ый эргэтэ.
Ойуур олохтоохторо бары мэкчиргэ биллэриитин аахпыттара. Биллэриини ааҕан баран, кыыллар-көтөрдөр сүрдээҕин ыксаабыттара. Ханнык оҕолоро өйдөөҕүн бэрэбиэркэлии, дьиэлэригэр сүүрбүттэрэ.
Сүүрэр атахтаахтарга, көтөр кынаттаахтарга хаһан да буолбатах аймалҕан, эмиэ да өрө көтөҕүллүү, үөрүү-көтүү буолбута. Мэкчиргэ оскуолатыгар оҕолорун үөрэттэрээри, хайа оҕолоро өйдөөҕүн сыымайдаабыттара. Дьиэлэрин иһигэр күн аайы ытаһыы-соҥоһуу, сорохторго үөрүү-көтүү да баара.
Хайа оҕо акаары буолуоҥ баҕарыай? Оҕо барыта оскуолаҕа үөрэниэн баҕарар. Муҥур уһугар тиийэн, акаары оҕону булбакка, туох баар оҕолорун барытын оскуолаҕа илдьиэх, үөрэттэриэх буолбуттара.
Ол иһин ый саҥатыгар көтөр кынаттаахтар, сүүрэр атахтаахтар баар-суох оҕолорун барытын соһон, мэкчиргэҕэ үөрэттэрэ аҕалбыттара.
Мэкчиргэ уйатын аттыгар аата-ахсаана суох элбэх көтөр-сүүрэр мустубута. Мэкчиргэ алыс элбэхтэрэ бэрдиттэн хараҕа алааран хаалбыта. Ачыкытын сотто-сотто көрбүтэ да, хас үөрэнээччи кэлбитин быһаарбатаҕа. Ол да буоллар саҥата-иҥэтэ суох хаалбатаҕа, дьоһумсуйан олорон, өттүк баттаммыта. Ачыкытын көннөрүнэн баран, дакылаат аахпытынан барбыта: бастаан, аан дойдуга олорор араас омук тылын-өһүн, олоҕун-дьаһаҕын туһунан кэпсээбитэ. Онтон көтөр-сүүрэр тыла-өһө хантан төрүттээҕин, хантан кииннээҕин туһунан өйдөппүтэ. Оскуолаҕа ханнык предметтэр үөрэтиллэллэрин, ол предметтэр тугу үөрэтэллэрин, ол олоххо-дьаһахха туох туһалааҕын барытын сиһилии ырыппыта.
Халлаан киэһэрэн барбыта. Мэкчиргэ кэпсээбитин курдук кэпсии-ипсии турбута, сылайбыт быһыыта биллибэтэҕэ. Истээччилэр сылайбыттара, аччыктаабыттара. Оҕолор төрөппүттэрин ньилбэгэр олорбутунан, утуйан бускуһан хаалбыттара.
Бастаан тыл көтөхпүт ийэ бөрө икки уолун кууспутунан утуйан хаалбыта, түһээн бурдургуу сыппыта. Ыраах, кырыы диэки түбэспиттэр абыраммыттара, түргэн үлүгэрдик, мэкчиргэ билбэтинэн сып гынан хаалбыттара.
Мэкчиргэ уйатын аттыгар олорооччулар учууталтан куттанан, түүн буолуор диэри истэрин-үөстэрин хам туттан баран, тулуйан олорбуттара. Мэкчиргэ түүн буолбутугар биирдэ уурайбыта уонна бэйэтин дьаалытынан, бултанан аһыы-сии барбыта.
Мэкчиргэ олус уһуннук дакылааттыырыттан кыыллар-көтөрдөр сүрэҕэлдьээн, оҕолорун оскуолаҕа үөрэттэрэ аҕалбат буолбуттара. Мэкчиргэ учуутал төрөппүттэр тугу да билбэттэрин, сүрэҕэлдьииллэрин билэр буолан, оҕолоргутун оскуолабар аҕалыҥ диэбэт буолбута. Уруккутун курдук син биир бэйэтэ-бэйэтигэр кэпсии-ипсии сылдьар. Үөрэнэр баҕалаах баара буоллар, билигин да үөрэтиэ эбит.
Кини ол оннугар кинигэ бөҕөтүн ааҕара, ааҕан билбитин барытын көтөрдөргө-сүүрэрдэргэ кэпсээн ойуур иһин аймыыра. Киэҥ билиилээх буолан, ханнык баҕарар тиэмэҕэ дакылаат ааҕыан сөптөөх көтөр — мэкчиргэ — баарын бары билэбит. Кини күн аайы: «Мин курдук элбэҕи ааҕыҥ, оччоҕо киэҥ билиилээх буолуоххут», — диэн ойуур олохтоохторун сүбэлиирэ, өйдөтөрө. Ойуур олохтоохторо бары киниттэн куота-көтө сылдьар идэлэммиттэрэ.
Мэкчиргэ курдук өйдөөх, элбэҕи ааҕар, киэҥ билиилээх оҕолор билигин да бааллар. Кинилэр үөрэнэртэн сылайбаттар, сүрэҕэлдьээбэттэр, билии-көрүү олоххо-дьаһахха наадатын билэллэр.
«Оҕолоор, кинигэни ааҕыҥ, дьоһун дьон буола улаатыҥ!» — диэн ойууртан мэкчиргэ ыһыыта иһиллэрин истэҕит дуо?
Мария Федотова-Нулгынет/ Аптаах остуоруйа – Дьокуускай: Бичик, 2012.—56.