Мэйиини кытта мээрэйдиир
Дархан ШЕСТАКОВ уонна Влад СТРУЧКОВ, Дьокуускай 2 №-дээх орто оскуолатын VI кылааһын үөрэнээччилэрэ, мэйии үлэтин, пульс тэбиитин, төһө герц буоларын кээмэйдииллэр.
Бу бырагырааманы баһылыырга YouTube-ка видеолары көрөн үөрэммиттэр. Уолаттар WorldSkills-ка бастакы кыттыылара буолан, өйдөөбөттөрө, билбэттэрэ элбэх. Онон сэрэхтэр, бэриллибит сорудаҕы тута кыһаллан толордулар.
– Элбэҕи ааҕабын, техническэй конструированиенан дьарыктанабын. Бу IT эйгэҕэ кэлбитим иккис сылым. Бастаан «Кэскилгэ хардыыга» кыттан, III миэстэ буолбутум. Ол кэннэ, WorldSkills-ка ким да кыттыан баҕарбатын истэн, холонон көрүөм диэбитим. Бу күрэххэ араас улуус оҕолорун кытта билсэн, элбэх доҕордоннум. Эһиил эмиэ кыттар санаалаахпын, – диир Дархан Шестаков.
Влад күрэх кэмигэр кулгааҕар наушниктаах олорорун бэлиэтии көрбүтүм. «Бу аата тугуй?» – диэн ыйыттым.
– Туораттан көрдөххө, наушниктаах, ырыа истэ олорор курдук көстөбүн. Бу бырагыраама маннык мэйиим үлэтин кээмэйдиир. Илиибэр кэппит “чип” пульсум тэбиитин бэлиэтиир. Уопсайынан эттэххэ, «детектор лжи» курдук схеманан үлэлиир. Киһи албынныырын, кырдьыгы этэрин эмиэ көрүөххэ сөп. Ол гынан баран, биһиги бэйэбит көрдөрүүлэрбитин дьүүллүүр сүбэҕэ туттарыахтаахпыт.
Уолаттар олус көхтөөхтүк кытыннылар. Кэлин оскуоланы бүтэрдэхтэринэ, программист буолуохпут дэһэллэр. Билигин хамнастаах, кэскиллээх идэ. Киһи саҥаны билэн-көрөн, ону үөрэтэн сайдар. Билиҥҥи олоххо эн сатыырыҥ эбэтэр эйигин онно үөрэппиттэрэ кыра. Онон оҕолорго ситиһиилэри баҕарыахха.
Павел Ильин.