Амма улууһун Мээндиги нэһилиэгин биир бастыҥ эдэр ыала – Софроновтар. Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга – Иосиф Константинович, далбар хотуна – Владислава Алексеевна. Кинилэр иккиэн Мээндиги орто оскуолатыгар үлэлииллэр. Софроновтар түөрт оҕолоохтор. Улаханнара Эрсан – V кылаас үөрэнээччитэ. Иккис уол Костя III кылаас үөрэнээччитэ. Сайнаара – «Туллукчаан» оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ. Кыра кыыс – Күннэй тоҕус ыйдаах. Биһиги ыал ийэтиттэн Владислава Алексеевнаттан интервью ыллыбыт.
– Үтүө күнүнэн, Владислава Алексеевна. Эһиги хаһан ыал буолбуккутуй?
– Дорообо, 2005 сыл балаҕан ыйын 16 күнүгэр. ХИФУ үөрэнэ сылдьан билсибиппит.
– Саха үөрэхтэннэ, саха ыалларын баһыйар өртө биир-икки оҕолонон муҥурданар буолла. Эһиги санааҕытыгар тоҕо итиннигий?
– Бу кэлиҥҥи бириэмэҕэ биир-икки оҕолоох, ол эбэтэр “нуклеарнай”дьиэ кэргэн элбии турар. Тоҕо диэтэххэ, мин санаабар, ити төрүөтэ төрөппүт, дьиэ кэргэн олоҕун хаачыстыбатын үрдэтээри, үлэлээн-хамсаан карьератын оностоору, үлэҕэ үлүһүйүүтэ буолар.
– Былыргы үгэһинэн иитээччи-аһатааччы, дьиэ кэргэн баһылыга аҕа. Билиҥҥи ыал аҕата хайдах буолуохтааҕый?
– Билиҥҥи ыал аҕата булар-талар аһатар эрэ оруоллаах буолбатах, оҕону иитиигэ интэриэстээх уонна дьиэ кэргэнин, чугас дьонун иннигэр эппиэтинэстээх буолуохтаах. Аҕа иитиитэ, ийэ иитиитинээҕэр олох атын дии саныыбын. Аҕа ордук бэйэтин холобурунан көрдөрөр: кини кэргэнигэр сыһыанынан, дьону кытта убаастабыллаахтык кэпсэтэринэн, үлэтинэн-хамнаһынан, эппит тылын тутуһарынан, чөл олоҕу үрдүктүк тутарынан холобур буолуохтаах.
– Оҕо төрөппүттэрин удьуордуур, кинилэртэн барыга бары үөрэнэр. Эһиги оҕолоргутун хайдах иитэҕитий?
– Оҕону иитии кини дьиэ кэргэниттэн саҕаланар. Оҕо төрөппүттэрин көрөн улаатар. Ол иһин биһиги оҕолорбутун үөрэтэн-такайан эрэ буолбакка, холобур буола сатыыбыт. Айылҕаҕа тахсан сиэри-туому тутуһабыт, общественнай миэстэлэргэ сылдьан ханнык бараабылалары тутуһуохтаахтарын көрдөрөбүт, бары бииргэ үлэлиибит, сынньанабыт. Оҕолорбутун кытта элбэхтэ аһаҕастык кэпсэтэбит, иллэҥ кэммитин оҕолорбутун кытта атаара сатыыбыт. Хас биирдии киһи улахан да киһи буол, оҕо да буол бэйэтэ сөбүлүүр дьарыктаах буолуохтаах диэн өйдөбүллээхпит, ол иһин оҕолорбут саҥа дьарыктарынан үлүһүйэллэригэр күүс-көмө буолабыт, кинилэр санааларын, этиилэрин убаастыыбыт.
– Тыа сиригэр олорор уонна куорат сиригэр олорор ыал, оҕону иитиитэ уратылаах дуо?
– Куорат уонна тыа сирин дьиэ кэргэнин иитиитэ оҕо төгүрүччү сайдарыгар улахан олук буолар. Ол эрээри, иитиилэрэ уратылаах дии саныыбын. Мин кэтээн көрүүбүнэн тыа сиригэр иитиллибит-улааппыт оҕо булугас-талыгас, тулуурдаах, көрүүтэ-истиитэ ураты, олоҕу сыаналыыра атын, олоххо толору бэлэмнээх буолар. Тоҕо диэтэххэ элбэхтэ айылҕаны кытта алтыһар, сүүрэр-көтөр, дьонун кытта тэҥҥэ улэлиир-хамсыыр, төрөөбүт дойдутун үгэстэрин тутуһан, көрөн улаатар.
– Тыа сиригэр олорор элбэх оҕолоох ийэ күннээҕи түбүгэ тугуй?
– Олохпут сайдан, тыа сиригэр олорор ийэҕэ күннээҕи түбүгэ арыый да чэпчээтэ диэххэ сөп. Элбэх оҕолоох ийэ дьиэҕэ-уокка үлэтэ, сылтан-сыл элбээн иһэр. Ол да буоллар оҕолорбутун кытта алтыһарбыт элбиир. Тыа сиригэр олорор ийэ дьиэ иһигэр эрэ түбүгүрэр буолбатах, кини хаһаайыстыбатын, оҕуруотун эмиэ көрөр-истэр. Онно сүрүн көмөлөһөөччүлэрим – уолаттарым Эрсан уонна Костя.
– Владислава Алексеевна күннээҕи түбүктэн быыс булан, биһигини кытта кэпсэппиккэр, махтанабыт. Баҕарабыт дьиэ-кэргэҥҥитигэр өрүү эйэ, таптал сылааһа сыдьаайдын.
Роберт Веревкин,
Мээндиги орто оскуолатын X кылааһын үөрэнээччитэ,
«Тыл баайа» медиа-киин, Амма