Таатта улууһун А.Е.Кулаковскай аатынан Дьохсоҕон орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Сивцева Мария Владимировна чинчийэр үлэтэ.
Үлэ көдьүүһүнэн (актуальноһа) билиҥҥи тэтимнээх, балысхан сайдыылаах үйэҕэ төрөөбүт тыл сүппэтин, тыыннаах хааларын хааччыйыы – биһиги ытык иэспит буоларын чопчулааһын буолар.
Мандар Уус-Борис Федорович Неустроев “Ойуу тыла — Айыы тыла” кинигэтиттэн ох тыллар
Биһиги, билиҥҥи кэм учууталлара, төрөппүттэрэ, сахалыы тыыннаах, төрүт тылынан сайа саҥарар, толкуйдуур оҕону иитэн-үөрэтэн, үүннэрэн таһаарар сыалы-соругу туруорунуохтаахпыт. Сахалыы киэҥ көҕүстээх, атын омугу кытта сатаан алтыһар, бэйэтин омугун уратытын, тылын, культуратын билэр, киэн туттар үөрэнээччини. Онуоха бары ытыктыыр, тумус туттар киһибит Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус Ийэ тыл туһунан кынаттаах, мындыр этиилэрэ учуутал үлэтигэр көмө-тирэх буолар, оҕо үөрэххэ көҕүн көбүтэр дии саныыбын. Мантан салгыы Мандар Уус “Ойуу тыла — Айыы тыла” (Дьокуускай, 2004 с.) диэн кинигэтиттэн тылга сыһыаннаах сүбэ-саргы, ыйар сулус буолар ох тылларын төһөнү булбуппун холобурдаатым, тиэмэлэринэн наардаатым. Барыта 50-ча олус туһалаах, күннээҕи олоххо эркээйи курдук туттуохха сөптөөх этиини бэлиэтээтим. Үс бөлөххө араардым: 1. Мандар Уус быһаарар. 2. Мандар Уус бигэргэтэр. 3. Мандар Уус сүбэлиир.
Мандар Уус быһаарар
- … Төрүт Тылтан түстэнэн түспүт Ийэ Тылбыт – бу Үрдүк Айыылар орто дойду хас биирдии киһитигэр санаатын сайҕаннын, толкуйун тобулуннун, өйүн күүркэттин, кутун салайыннын, буор кутун буҕатытыннын диэн тус бэйэтигэр эрэ чуо анаан биэрэр сүдү бэлэхтэрэ буолар эбит. Дьэ, бу Сүдү Бэлэҕи күннээҕи олох түбүгэр-садьыгар муна-тэнэ сылдьан сүтэрбэккэ-оһорбокко, Кэм Тылыгар суурайтарбакка, атын омук тылыгар саба баттаппакка олохпут устатын тухары төһүү күүс, эрэллээх доҕор, арахсыспат аргыс оҥостон баран, биһиги кэннибититтэн бу сиргэ олох олоруохтаах Ытык Ыйаахтаах ыччат дьоммутугар, толору кымыстаах тойон айах курдук тутан, салгыы биэрии – Үрдүк Айыылартан иҥэттэрбит Ытык Иэспит буолар (34-35сс.).
- … Ийэ Тыл тыа сиригэр эрэ саһан сытар, кини чөллөөҕүн тухары бу омук тыыннаах (71с.).
- Ийэ Тыл уонна Төрүт Итэҕэл ини-биилэр… (77с.).
- … баччаҕа дылы син этэҥҥэ, үрүк-түрүк кэлбит Ийэ Тылбыт бу баара суоҕа аҕыйах сыл иһигэр олус атаҕастанна, аһааҕырда, мөлтөөтө, бу түгэни Кэм Тыла кэтээн олорбут курдук, харса-хабыра суох өтөн киирэн иһэр – тулабыт, испит-таспыт барыта Кэм Тыла буолла (82с.).
- Орто Туруу Дойдуга Олох олоро кэлбит оҕо киһи Ийэ Кутун, Ийэ Өйүн, Ийэ Тылын быстыбат Ситимнэрэ кэһиллибэккэ, этэҥҥэ улаатан истэҕин аайы, кини Ис Көҥүлэ күөмчүлэммэккэ, харгыстаммакка, айылҕата этэринэн көҥүллүк, түргэнник үүнэр-сайдар (86с.).
- …бу олохпут тэтимэ эмиэ аһара түргэтээтэ… Муҥура суох үгүһү түргэнник билии-көрүү, үөрэтии наада. Ол төрдө эмиэ соҕотох Ийэ Тылга сытар! (91с.).
- Аан бастаан “маама”, “паапа” диэн саҥарыаҕыттан саҕалаан оҕобутун Ийэ Тылыттан сыыйа тэйитии күүрээннээх үлэтэ саҕаланар: оҕобут маҥнай икки тылы булкуйан хардары-таары саҥара сатыыр, онтон саҥарарга судургутун талар, эккирэтэр, сыыйа тылын ситимэ кэһиллэр, ыксаан бу ситими бэйэтэ айа сатаан, хайдах бэйэтигэр сатанарынан уларытан-тэлэритэн, сөбө буолаарай диэн саҥара сатыыр, ол кэннэ дьэ этиитин тутула уларыйан, санаатын араастаан таһаара, тиэрдэ сатаан, эрэй бөҕөтүн көрөр (95-96с.).
- Икки тылынан илэй-балай быһаарса үөрэммит киһини Ийэ Тыл истиҥэ, иһирэҕэ, илбиһэ, имигэһэ, ичигэһэ, ибирэ, аба-хомуһуна таарыйбат, кини кутун-сүрүн сылааһынан угуттаабат, үөрдүбэт, долгуппат буолан барар (96с.).
- Ийэ Тылынан толору быһаарсар, өйүн-санаатын таска эрэйэ суох таһаарар, санаатын сайа этинэр буоллаҕына, оҕо тыына хаайтарбат, муунтуйбат, бэйэтигэр бүгэн хаалбат (109с.).
- Икки-үс тылга төттөрү-таары мэскэйдэнэн Кэмин да халтайга ыытыа уонна тыла бигэ олоҕо суох буоллаҕына (Ийэ Тыла олоҕун булбатаҕына), өйүн-санаатын сайдыыта биллэ бытаарыа (109с.).
- Ийэ Тылбын таптыыр, кэрэтин иҥэриммит буоллахпына, мин тылга тапталым күөдьүйэр, оччоҕо эрэ үөрэтэр тылбар муҥ саатар убаастабыл үөскүө этэ буоллаҕа… эт-хаан, күүс-уох өттүнэн да көстө-биллэ ордук сайдыа… (110с.).
- … олох айанын тэтимэ – кини бытаарыыта, түргэтээһинэ киһи өйүгэр-санаатыгар, ордук тылыгар-өһүгэр улахан сабыдыаллаах… (116с.).
- Тыынтан тыыҥҥа, куттан кукка, өйтөн өйгө, тылтан тылга сүрүнэн бэриллэр төрүт үөрэх аата Уһуйуу дэнэр эбит (162с.).
- Тыл хас эмэ сүүһүнэн, тыһыынчанан сыллар усталаах-туораларыгар айыллар, мунньуллар, чочуллар… омук төһөнөн үйэтэ уһуур да, соччонон тылын баайа хаҥаан, өйө-санаата диэлийэн иһэр – син биир сааһыран эрэр киһи курдук. Онон тылтан ордук күндү баай киһи-аймахха суох, ол иһигэр биһиэхэ – саха омукка эмиэ… (167с.).
- … ойуулуур, өҥнүүр-дьүһүннүүр, илэ көрдөрөр кыахтаах тыллаах-өстөөх, саҥалаах буоламмыт, Олоҥхо Тыла-Өһө диэн муҥура суох дириҥ-далай, кэриитэ көстүбэт киэҥ байҕал тылланнахпыт… Саха тыл баайдаах буолан, ахса быста аҕыйаатар да, дьыл баччатыгар дылы этэҥҥэ олох олорон кэллэ, аны мантан инньэ хайаһабыт?.. (169с.).
Мандар Уус бигэргэтэр
- Дьэ, субу Кэмтэн ылата үгүс Үтүмэн дьыллар усталаах-туораларыгар Удьуор Хааҥҥынан айаннаан кэлбит, күн бүгүн Эйиэхэ – тус бэйэҕэр эрэ анаммыт Ийэ Тылыҥ кэрэтэ, итиитэ, истиҥэ, иһирэҕэ, имигэһэ, ибирэ-сибирэ, илбиһэ, чиҥэ, дьиҥэ, күүһэ-күдэҕэ, аба-хомуһуна, дириҥэ, ньиргиэрэ, ылбаҕайа, ырааһа хас үүдэһиҥҥинэн, утаһыҥҥынан, имҥинэн, тымыргынан-сыдьааҥҥынан эккэр-хааҥҥар тарҕанан, өйгөр-санааҕар сөҥөн, куккар-сүргэр олохсуйан, Ийэ Тылга Улуу Таптал сөҕүрээбэт кутаатын күөдьүтэн күүдэпчилэтэн таһаардаҕа! (33-34сс.).
- … Үтүмэн Үйэлэр тухары үгүс да Өркөн Өйдөөхтөр, Уйаҕас Сүрэхтээхтэр Ийэ Тылларын күүһүнэн санааларын сайҕаан, толкуйдарын тобулан, саргылаах саҥаларын, тырымнас тылларын холбоон, үйэлэргэ өлбөт өйдөбүллэрин, кэхтибэт кэриэстэрин этэн-тыынан, кэпсээн-ипсээн, ыллаан-туойан, олоҥхолоон, суруйан хаалларбыттара Кэмнэри уҥуордаан кэлэн күн бүгүн бу биһиэхэ олохпут суолугар эркээйи, сирдьит сулус буолан чаҕылыйа тыган, сырдыгынан сыдьаайан, итиинэн илгийэн эрдэҕэ… (34с.).
- … Ийэ Кут … … Ийэ Өй … … Ийэ Тыл … Үс Ийэ – үс сүдү күүстэр – үс аҕас-балыстар – киһи олоҕун үс сүрүн тирэхтэрэ… (69с.).
- Бу кэлин кэмҥэ Ийэ Тылбыт күлүмэх күүһэ-уоҕа төһө да биллэ уҕараатар, билигин да саха омук олоҕор тыын суолталаах, сатала суох көмөлөөх (78с.).
- Хайа да бэйэлээх омук уйан сирэ – Ийэ Тыла (81с.).
- Ийэ Тыл барахсан хаһан баҕарар Ийэ! (91с.).
- Киһи да син биир айылҕа оҕото – Ийэ Тылыгар төһө дириҥник өтөн киирэр да, соччонон олоҕун төрдө баараҕай, чаллах буолуоҕа (109с.).
- Биир бигэ, төрүт, олохтоох тыллаах-өстөөх буоллаҕына, оҕо санаатын сааһыланар, өйүн түмэр, толкуйун тобулунар кыаҕа өссө күүһүрэр (109с.).
- Ийэ Тыл дьиҥнээхтик олоҕун булбут буоллаҕына, атын омук тылын үөрэтэргэ, баһылыырга аан аһааччы, сүрүн көмөлөһөөччү, бөҕө тирэх буолуоҕа (110с.).
- Бу Орто Туруу Дойдуга олох олоро кэлбит киһиэхэ Үрүҥ Айыы Тойон анаан биэрбит, бэрт кылгас гынан баран, балысхан сайдыы Ытык Кэмин – уһуйуу кэмин таба туһанан, оҕобутугар Ийэ Тылын бигэтик олохсуттахпытына эрэ, онно таба тирэнэн, кини бэйэтэ салгыы сайдар суолун солонуохтаах (111с.).
- Кэм Тылыттан кээмэйдээн, сөбүн көрөн таба олохсутуу – Ийэ Тыл үйэтин уһатыы (116с.).
- Омук – Тыл, Тыл – Омук! (120с.).
- Доҕотторуом, Ийэ Кут, Ийэ Өй, Ийэ Тыл сүдү күүстэрин муҥутуур чыпчаала: Олоҥхо! (123с.).
- … хас эмэ Үтүмэннэр усталаах-туораларыгар кылахтаһан-кылахтаһан муспут сүдү баайа – Ийэ Тыла сааһыран истэҕин аайы таһынан таһымнаан, баар баара өтөн, дьөлүтэ кэйиэлээн, батарбакка, өбүгэбит барахсан сыыйа-баайа кэрэкэ-кэрэкэ тылларын кэккэлэтэн кэпсээн кэҕийэн уус-уран тылларын уурталаан хоһуйан хоххуллан, нарын-нарын тылларын наардаан ыллаан ыҥсалытан турдаҕа (127с.).
Мандар Уус сүбэлиир
- Хас биирдии омук – кини ахсаана элбэҕиттэн эбэтэр быстар аҕыйаҕыттан кыра да тутулуга суох – тылын-өһүн, культуратын, духовноһын харатын харатын курдук харыстыыр кэмэ кэллэ (7с.).
- Биир омук аатыран, уһуннук дьоллоохтук олох олоруохпутун баҕарар буоллахпытына, аан бастаан хайаан да Ийэ Тылбытын харах харатын курдук харыстыахтаах эбиппит… (81с.).
- … омук тыыннаах хаалар, үйэтэ уһуур сүдү күүһүн билигин даҕаны биһиги, тыа дьоно – айылҕа оҕолоро – иҥэринэн сылдьабыт, онон бу быыстала суох кутуллар тыл ардаҕыттан сөптөөҕүн, туһалааҕын эрэ иҥэринии – биһиги бүгүн күннээҕи Ытык Иэспит биир ирдэбилэ буолар! (83с.).
- Түҥ былыргыттан Ытык Өбүгэлэрбит өйдөтө сатаабыттарын, үөрэхтэннэхпит буолан, үрдүнэн көрөн кэбиспэккэ, үс ытык күүстэрбит – Ийэ Кут, Ийэ Өй , Ийэ Тыл Быстыбат Ситимнэрин кэспэккэ, кэлэр кэнчээри ыччаттарбытын бэркэ кичэйэн ииттэхпитинэ эрэ, Саҥа үйэ Сахата дэнэр, бу Үһүс Үтүмэҥҥэ олох олоруохтаах, атын дойду ааттаахтарын кытта тэҥҥэ алтыһар, удьуорун салгыыр, омугун сайыннарар толору кыахтаах дьону бэйэбит кэннибититтэн бу Ийэ Сирбитигэр унаар буруоларын уһатыа этибит. Ити улуу сорукпут туоларыгар Ийэ Тыл көмөтө, көдьүүһэ сүдүтүн бигэтик өйдүөхтээхпит. Оччоҕо эрэ сарсын сайдыы суолугар тирэхтээхтик үктэниэхпит (92с.).
- Оҕону кытта күн аайы Ийэ Тылынан бэрт үгүстүк кэпсэтии – кини аан бастакы сүрүн үөрэҕэ – уһуллуута. Ийэ, аҕа соло булан, күн аайы Ийэ Тылынан ыаһахтаһаллара, эһэ, эбэ уу-нуһараҥ остуоруйалара, кэпсээннэрэ, аҕа дьон оҕону кытта ыраастык саҥаран сэлэһиилэрэ, ылахтаһыылара – бары көмөлөөн бу оҕо Ийэ Тыла оннун булуутугар төһүү күүс буолар (107с.).
- … бу билигин Ийэ Тылбытын улаханнык аһааҕырдан олорор дьон, тугу оҥоруох, хайдах дьаһаныах этибитий: — бастатан туран, идэбититтэн, сааспытыттан тутулуга суох бука бары тус бэйэбит тылбытын көрүнүөх, ыраастаныах, кыатаныах этибит… Ийэ Тылбытын өрүһүйэр туһугар саҥаттан үөрэнии да тирээтэҕинэ, толлума, эрчилин, ыаһахтас, ылахтас, Эн сахаҕын эбээт!… Оҕолорбутун кытта кэпсэтэрбитигэр хайаан да тылбыт ууһун киллэрэн, бэркэ болҕойон саҥарарбыт-иҥэрэрбит буоллар, күнтэн күн кыраны да буоллар, саҥа тылы-өһү эбинэн иһиэхтэр этэ – “отонноотоххо оҥоойук туолар”… (108с.).
- Аны билигин бука бары – төрөппүттэр, оҕону иитэр тэрилтэлэр, көрдөрөр-иһитиннэрэр, биллэрэр тэрилтэлэр үлэһиттэрэ, бары үрдүкү салайааччылар, бар дьоммут, бу саха омук туһа диэн, бары биир өйүнэн-санаанан түмсэн туруннарбыт, билигин да хойут буолбатах, Ийэ Тылбытын өрүһүйүө этибит диэн эрэл санаа кыыма кылахачыйар: “норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” (109с.).
- … баар-суох соҕотох тирэхпитин – Ийэ Тылбытын харах харатын курдук харыстаан, бүөбэйдээн инники балысхан айаммытыгар бүтүн күүс, бөҕө тирэх оҥостуохтаахпыт. (110-111с.).
- Ытык Өбүгэлэрбит барахсаттар ити курдук Ийэ Тылбыт уотун иитиэхтээн, умулларбакка, бу биһиэхэ тиксэрбиттэрин, кэлэр үйэ дьонугар сөҕүрэппэккэ салгыы илтэрбит, тиэртэрбит ханнык, доҕотторуом… (117с.).
- Дьэ, салгыы олох суолун оймуур баҕалаах буоллахпытына, Ытык Өбүгэбит кэс тылын-кэриэһин толоруох эрэ кэриҥнээхпит: Бүтүн Билиибитин саҥалыы мунньунан, тилиннэрэн – Билиибит Маһын чэчирэтэ силигилэтэн, Ийэ Куппутун иэнигитэн, Ийэ Өйбүтүн күүркэтинэн, Өркөн Өйбүтүн өрөкүтүнэн, Ийэ Тылбытын иитиэхтээн, дьон буолар туһугар туруулаһыах, киһи буолар туһугар киирсиэх, омук буолар туһугар охсуһуох тустаахпыт, доҕотторуом! (184с.).
- Оҕобут Ийэ Тылын хас эмэ сүүһүнэн сылларга сайдан кэлбит сүүрээннэрин булкуйбакка, бутуйбакка иҥэрии, олохторун булларыы – сүрүн сорукпут… (197с.).
- Өссө төгүл чиҥэтэн эттэххэ: туспа омуктар Ийэ Тылларын үөрэтэргэ, баһылыырга суос-соҕотох бигэ тирэҕиҥ –бэйэҥ Ийэ Тылыҥ эрэ (200с.).
Бүгүҥҥү туругунан ийэ тылбыт инники кэскилин, салгыы сайдар кыаҕын кэҥэтэргэ, күүһүрдэргэ Саха сирин Ил Дархана, Ил Түмэн, Бырабыыталыстыба, Үөрэх министиэристибэтэ уонна саха тылынан дьарыктанар бары билим тэрилтэлэрэ, саха тылын учууталлара, уопсастыбаннай хамсааһын бүттүүн турунан, олус болҕомтолоохтук уонна эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан саҥа кэнсиэпсийэни оҥоруохтаахпыт диэн саха тылын учууталларын 2-с сийиэһигэр эттилэр. Саха омук кэскилэ, инникитэ ийэ тылбытын кытта ситимнээҕин өйдөөн туран.
Түмүкпэр, Борис Федорович хайдахтаах курдук мындырын, олоххо туспа көрүүлээҕин аҥардас “Ойуу тыла – Айыы тыла” кинигэтиттэн ааҕан билиэххэ сөп. Хас биирдиибитигэр суолдьут сулус, эрэллээх эркээйи, суолталаах сүбэһит буолар кынаттаах тыллар. Ону олохпутугар туһаннарбыт ханнык.