Биһиги мааны Майабыт биир бастыҥ ыалын Акулина Макаровна уонна Спартак Петрович Афонскайдар улахан дьиэ кэргэн, күн-күбэй герой-ийэни Акулина Макаровнаны кытта кэпсэттибит.
— Акулина Макаровна, үтүө күнүнэн бу биһиги «Мэҥэбил» пресс-киин кэрэспэндьиэннэрэ буолабыт. Биһиги эһигиттэн аҕыйах боппуруос ыйытыахпытын баҕарабыт. Дьиэ кэргэҥҥит туһунан кылгастык сырдатыаххыт дуо?
— Биһиги Афонскайдар диэн 11 оҕолоох ыал буолабыт. Саамай улахан оҕобут 25 саастаах үлэһит, кырабыт 2 саастаах. Студент оҕолордоохпут уонна оскуолаҕа үөрэнэллэр.
— Бэйэҕит оҕо сааскыт туһунан кылгастык кэпсиэххит дуо? Оҕо сылдьан элбэх оҕолонуоххутун баҕарар этигит дуо?
— Мин оҕо сааһым Таатта улууһугар ааспыта. Кыйы диэн дэриэбинэҕэ. Бииргэ төрөөбүт 5-пит , мин 4-с оҕо буолабын. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан 2 эрэ оҕолонор былааннаах этим, кыыс уонна уол.
— Дьиэ кэргэҥҥитигэр оҕону иитиигэ туох ураты ньымалары туһанаҕыт?
— Биһиги оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ сыһыара үөрэтэбит. Кыыс, уол үлэтэ диэн олох араарбаппыт, иһит сууйаллар, муоста харбыыллар, дьиэни бэрээдэктииллэр, таһырдьа үлэни эмиэ бары бииргэ үлэлиибит. Бэйэлэрэ график оностоллор, бүгүн ким туох үлэлээҕин, бэркэ билэллэр, ол иһин уһаппакка этиппэккэ эрэ хомуналлар. Уонна аһаҕас буоларга иитэ сатыыбыт, элбэхтик кэпсэтэн, кыһалҕаланнахтарына тутатына этэр гына үөрэтэбит.
— Эһиги оҕолоргутун кытта бириэмэҕитин хайдах атаараҕыт?
— Оҕолорбор барыларыгар төһө кыалларынан болҕомто уура сатыыбын. Кыратык да тиийэн оронугар куустуһан сытан ону-маны кэпсэттэххэ, киһи оҕотун билэр буолар.
Киэһээҥи аһылык биһиэхэ саамай күндү буолар, онно ким да төлөпүөн көрбөт, бары бииргэ олорон аһыыбыт уонна күннээҕи солун ырытыһабыт, ону-маны кэпсэтэбит. Уопсайынан остуолга ким да төлөпүөн хаһан да көрбөт.
— Оҕолоргут эһиэхэ төһө көмөлөһөллөрөүй?
— Биһиги бириэмэбитин арааһынайдаан атаара сатыыбыт, үлэнэн даҕаны, көннөрү шашлыктаан дуу, остуолга чэй иһэн дуу, эбэтэр айылҕаҕа тахсан оонньуубут.
— Оҕону иитиигэ ордук туохха саамай болҕомто ууруохха сөбүй?
— Оҕоҕо саамай болҕомто, мин санаабар, чугасыһыы, тугу да кистээбэккэ, кинини эмиэ подруган, табаарыһын курдук көрүөххүн наада, оҕо 11 сааһын туоллаҕына улаатар, тугу барытын билэр буолар.Төһөнөн элбэхтик кэпсэтэҕит да, оччонон оҕо аһаҕас буолар. Аҕабыт эмиэ оҕо иитээһинигэр улахан болҕомто уурар. Кыргыттарыгар да, уолаттарыгар да сахалыы сиэр-туом туһунан уонна абааһылаах, куталлаах түбэлтэлэри кэпсиир.
— Бэйэҕит туох дьарыктааххытый?
— Мин бэйэм кумааҕынан, лозанан ону-маны оҥорооччубун.
— Эдэр ийэлэргэ сүбэҕит.
— Эдэр ийэлэргэ сүбэлиэм этэ: оҕо кыра эрдэҕинэ оҕо буолар, онтон төһөнөн улаатан истэҕин аайы кини саамай чугас дьүөгэҥ буолар. Элбэхтэ кэпсэтиҥ кыра эрдэҕиттэн, кини оччоҕо аһаҕас буола улатыа. Уол да буоллун, кыыс да буоллун. Уонна кэпсиир кэмигэр болҕойон олорон истиҥ. Билигин уонна сотовай үйэтигэр, биһиги субуотаҕа төлөпүөннэрин ылан уурабыт.
Интервью ыллылар: Маша Аржакова, Вика Баишева, VII «В» кылаас үөрэнээччилэрэ, «Мэҥэбил» пресс-киин кэрэспэндьиэннэрэ, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата