Бастакы Президени кытта көрсүһүүгэ Туймаада туонатыттан эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан кытта кэлбиттэрэ. Талыллан, сүүмэрдэнэн, ыҥырыллан кэлбит ыалдьыттарбыт тугу сэһэргииллэрий?
Эрдэһит хамаҕатталар
Тэрээһиҥҥэ биир бастакынан кэлбит ыалдьыттарбытын үөрэ көрсөбүт.
Адриана Данилова, IX кылаас, Саха-француз лиссиэйэ, Хамаҕатта, Нам:
– Куонкурус туһунан учууталым Алена Николаевнаттан истибитим. Мин биир боппуруоһу толкуйдаан ыыппытым. Михаил Ефимовичтан Россия регионнара төрөөбүт тылларын үөрэтиилэрин, бэйэлэрин тылларынан саҥаралларын бобор-хаайар туһунан туох санаалааҕын ыйытыахтаахпын.
Виталий Никитин, VI кылаас, Саха-француз лиссиэйэ:
– Ыйытыыбын толкуйдуурбар ийэм көмөлөспүтэ. Улаханнык долгуйбаппын. Мин лиссиэйбэр киһи кэрэхсиир учуутала элбэх. Оттон Михаил Ефимович ханнык учууталын ордук күндүтүк саныырын билиэхпин баҕарабын.
Экология долгутар…
Айталина Сидорова, Бэрдьигэстээх, Горнай:
– Көрсүһүүгэ ыҥырбыттарын соһуйа, долгуйа истибитим. Учууталбар Мария Ивановнаҕа эрийэн эппит этилэр. Мин ыйытыым маннык: «Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥаласка метаноловай собуот тутуутун туһунан улахан мөккүөр тахса турар. Сорох дьон туһалаах диир. Оттон атыттар ийэ айылҕабытын алдьатыа, Өлүөнэ өрүспүтүн киртитиэ диэн дьиксинэллэр, утараллар. Маннык тутуу Саха сиригэр туһалаах, наадалаах дуо?»
Чэмэлиинэ Павлова, Бэрдьигэстээх, Горнай:
– Михаил Ефимович Николаев – Саха сирин Бастакы Президенэ. Кини биһиги өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар оҥорбут үтүөтэ, өҥөтө элбэх. Тэрилтэлэр оҥорон таһаарар уонна дьон бөҕүн-саҕын переработкалыыр, утилизациялыыр, улахан кыһалҕаны суох гынар туһунан туох санаалааҕын ыйытыам.
“Дойдулар
сыһыаннаһыыларын
интэриэһиргиибин”…
Алеша Эверстов, XI кылаас, Кэбээйи Е.Е. Эверстов аатынан орто оскуолата:
– Маннык куонкурус биллэриллибитин “Кэскил” хаһыаттан ааҕан билбитим. Учууталым Вера Николаевна Заровняева: “Историяны уонна дипломатияны интэриэһиргиигин. Ол туһунан ыйытарыҥ ордук буолуо”, – диэн сүбэлээбитэ. Онон Бастакы Президентэн Крым, Донбасс, Косово, Каталония туһунан тугу саныырын ыйытыам.
Михаил Николаев – Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экономическай, политическай, култуурунай, духуобунай сайдыытыгар улахан кылааты уурбут ытык киһибит. Оскуолам, нэһилиэгим, бүтүн Кэбээйи улууһун аатыттан Бастакы Президеммитин 80 сааһын туолар өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн, ону таһынан Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 385 сылынан, СӨ Конституцията ылыллыбыта 25 сылынан итии-истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин. Кытаанах доруобуйаны уонна Сахатын сирин туһугар өссө да үлэлии турарыгар баҕарабын.
Бу сааһыгар сөбө суох дуоспуруннаах, боччумнаах уолу, улахан киһилии көрүүтүн, дьоһун тылын-өһүн хайгыы иһиттибит. Алеша историк эбэтэр химик-биолог буолар баҕа санаалаах. “Урут “Кэскил” хаһыаты кылааһынан суруйтарар этибит. Кэлин оҕолор, улаатан дуу, хайдах дуу, соччо аахпаттар. Мин тапталлаах хаһыаппын билигин да суруйтарабын. Хас да матырыйаалым тахсыбыта. Өссө улуустааҕы хаһыаппар эмиэ бэчээттэнэбин”, – диир.
“Кэскили” ааҕабыт”…
Уруйдаана Афанасьева, “Эрчим” пост, сал. А.И. Афанасьева (Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү):
– Өр толкуйдаабыппыт. Мин үс ыйытыыны ыыппытым. Онтон “Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, ханнык саха суруйааччытын сөбүлээн аахпыккыный” диэни талбыттар. Бэйэм Сэмэн Данилов хоһооннорун умсугуйан ааҕабын. Историяны, нуучча тылын ордоробун.
Михаил Ефимовичка доруобуйаны, куруук үөрэ-көтө сылдьарыгар, уһуннук, дьоллоохтук олороругар баҕарабын.
“Кэскил” хаһыаты кырабыттан ааҕабын, суруйууларым хаста да тахсыбыттара. Кэпсээннэри ырытабын. “Кириитикэлиир сорудахха” кыттыбытым. Түмүгүн долгуйа күүтэбин.
Дайаана Федорова, VI кылаас, Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү:
– Бэйэм спорду өрө тутабын. Сүүрүүнэн дьарыктанабын. Ол иһин Михаил Николаевтан: “Улахан дьоҥҥо “Манчаары” оонньуулара ыытыллар. Оттон оҕолорго аналлаах маннык өбүгэ оонньуулара баар буолуо дуо?”, – диэн ыйытаары кэлбитим. “Кэскили” сөбүлээн ааҕабын. Ордук бүтэһик балаһаҕа тахсар айымньылары.
(Салгыытын «Кэскил» хаһыат 46 №-гэр аах).
Кэпсэттэ Айыына КСЕНОФОНТОВА.
Василий ПАК түһэриилэрэ.