Ахсынньы ый — Билгэ ыйа. Былыргы өбүгэлэрбит остуоруйалаһар, уһун тымныы киэһэлэргэ остуол оонньууларынан оҕолор сааранар кэмнэрэ. Орто-Халыма улууһун Өлөөкө-Күөл орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччилэрэ суруйбут үлэлэрин бэчээттиибит.
Хойутаан кэмсинии
(кэпсээн)
Төлөөр алааска олорбута эбитэ үһү баай кырдьаҕас Баһылай оҕонньор. Алаас муҥунан сылгылаах, хонуу муҥунан хороҕор муостаах, ол эрэн оҕото соҕотох, көрдөр хараҕын дьүккэтэ, көтүрдэр тииһин миилэтэ, хараҕын харатын, кулгааҕын куллукутун курдук харыстыыр уола — Миитээ. Миитээ кыра сааһыттан атаахтык иитиллибитэ, тугу баҕарбыта барыта баар буолан иһэрэ, тугу эппитэ барыта туолан иһэрэ, ол иһин санаабытын сүрэх-быар ыарыыта оҥостубакка улааппыта. Баай оҕото буолан тугу да үлэлээбэтэ, күөх көппөлөөн тугу да сатааабата. Ол эрэн онтуттан олох саатар сирэйэ суох этэ.
Миитээ санаатыгар кини эрэ киһи киэнэ килбиэннээҕэ курдук этэ. Ол иһин сиртэн быкпакка сылдьан дьону сэниир, кырдьаҕаһы – кыамматы баһа-атаҕа суох баттыыр, үүнэ-тэһиинэ суох үктүүр сутуругар сокуоннаах, ытыһыгар ыйаахтаах буола улааппыта. Оттон аҕата оҕотун таптаан олох буойбакка, мөхпөккө дьон сыыһатын эттэллэрин хоҥоруутугар да хоҥнорбокко, уола халлаан хабарҕатынан, муора тобугунан буола улаатан эрэрин куойатыгар-маҥкытыгар да оҕустарбакка сылдьыбыта.
Туох барыта туомнаах диэбиккэ дылы, Баһылай оҕонньор кырдьар сааһыгар туйахпын хатарар киһим диэн эрэнэ саныыр уола топпутун тобуга уйубуна кэлбити кытта кэлсэр, барбыты кытта барсар чэпчэки быһыыта, киһиргэс майгыта баһыйан, арыгыһыт, хаартыһыт, уоруйах буолбутун туһунан сурах аар саарга аатырбыта. Баһылай оҕонньор киһи кэпсэппэт, ыт үрбэт киһитэ буолбута. Миитээ туора дьоҥҥо эрэ буолбакка, оннооҕор төрөппүт аҕатыгар хахай тириитин кэтэн ыар ыалдьыт, нүһэр хоноһо буолан, куттуура. Баһылай оҕонньор мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр улахан сыыһаны оҥорбутун кырдьан баран дьэ өйдөөн, киэҥ көхсө кыараан, уһун санаата кылгаан барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолта. Үйэтин тухары муспут баайын-дуолун уола ый ыһыаҕа оҥорон, аҕата барахсан ытыс эрэ соттон хаалла. Урут атаҕастаабыт, баттаабыт дьадаҥыларыгар эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ буолан сүөм түспүтэ, күнэ хараарбыта.
Оттон Миитээ үтэһэтэ туолан, оҥорбут куһаҕаныгар сэтэ-сэлээнэ ситэн, киһи аатыттан тахсан өлбүт сураҕа иһиллибитэ. Баһылай оҕонньор бытыгын быһа үктээн эрэ баран хоҥ мэйиитин өйдөөн кэмсиммитин да иһин, хараҕын ууутунан суунарга эрэ тиийбитэ. Маны этэн эрдэхтэрэ, оҕоҕун сөпкө иитиэҥ-олоххор дьоллоох буолуоҥ диэн.
Вова ВИНОКУРОВ, 11 кылаас үөрэнээччитэ,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.