«Бэс Чагда» санаторийга сэтинньи ыйга ыытыллыбыт «МедиаЫҥырыы» лааҕыр смената түмүктэммитэ номнуо биир ый буолан эрэр. Ол эрэн биһиги, онно сылдьыбыт оҕолор, бу сменабытын олус да ахта саныыбыт.
Бу «МедиаЫҥырыыга» барыта сүүс уон оҕо, түөрт академияҕа арахсан, билсэн, үөрэнэн, саҥаны-сонуну билэн бириэмэбит биллибэккэ ааспыта.
«Кэскил» хаһыаппыт үлэһиттэрэ «Бэс Чагда» лааҕырдары кытары ыкса үлэлэһэн биһиги үөрэхпитин, сынньалаҥмытын бэртээхэйдик тэрийбиттэрэ. Оҕолор ситиһиилэнэн, күүстээх өрүттэрин арыйан, араас саҥа дьоҕурдары баһылаан үөрэ-көтө дьиэлээбиттэрэ. “Биһиги быраһаайдаспаппыт, көрсүөххэ диэри диибит”, — диэн этиилээх тарҕаспыппыт.
Мин санаабар бу смена наһаа да астыктык ааста. Оҕолор бары арылланнар, күүстээх, кистэлэҥ дьоҕурдарын көрдөрдүлэр. Бука бары тапсаммыт атастыы буоллубут, саҥа доҕоттордоннубут.
Мин бу сменабын санаан кэллэхпинэ санаам көнньүөрэр, сүрэхпэр сылаас тыын киирэр курдук буолар.
Слава Васильев, «Ыллык» эдкорпост, Хаҥалас, Ньурба.