Тимуровскай десант диэн кырдьаҕастарга-кыамматтарга көмө оҥоруу буолар. Ол эрээри маннык көмө аҥардас бөх-сах хомуйуутунан, мас хайытыытынан муҥурдаммат. Бу тэрээһин сүрүн сыалынан нэһилиэк бэтэрээннэрин санааларын көтөҕүү, болҕомто ууруу буолар.
Аан дойдутааҕы аҕа саастаах дьон күнүгэр анаан, Өлөөкө Күөл орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ уонна учууталлара сылын аайы тимуровскай десаны ыыталлар. Бу күн тыыл бэтэрээннэригэр уонна сэрии кэмин оҕолоругар орто, үрдүкү кылаастар уу баһан, олбуор сыыһын ыраастаан, мас хайытан, дьиэ сууйан көмөлөһөллөр. Алын кылаастар бэйэлэрэ оҥорбут аккырыыккаларын ырыа-хоһоон доҕуһуоллаах бэлэхтииллэр. Нэһилиэк оҕолоро ытык дьоммутугар истиҥ сыһыаннаах буола улааталлар.
Ааптар: Изабелла Ноговицына.
Өлөөкө Күөл, Орто Халыма