Оҕолоор, хаһан эмит аһыы олорор иһиккит туһунан толкуйдаан көрбүккүт дуо? Хайдах оҥоһуллубутун, туохтан оҥоһуллубутун, ким оҥорбутун туһунан, урут бу иһит суоҕуна туох иһиттэн аһаабыттарын…
Билигин биһиги остуолбутугар эгэлгэ ойуулаах-бичиктээх араас иһит-хомуос дэлэй. Үксүн таас, фарфор. Мас, туос иһиттэн аһыыр ыал арааһа суоҕа да буолуо. Оттон урут мас, туос иһиттэн аһаан олордохторо ди. Биһиэхэ хоту хатыҥ үүммэт, онон туос иһит туһамматахтар. Оттон мас иһиттэр бааллар эбит. Ону биһиги «Өбүгэбит туттубут маллара» диэн бэсиэдэттэн биллибит. Бу иннибэр турар улахан кытыйаны олус сэҥээрэ, сэргии көрөбүн. Төһө да эргэрэн, туһаныллыбакка туран сааһыран алдьаннар, олус үчүгэй көрүҥнээх. Хаһан эрэ, кимнээх эрэ бу иһиттэн тото-хана аһаан-сиэн улааттахтара, хайа эрэ ыал остуолугар сып-сылаас , мип-минньигэс аһы толору хоторон сандалы тула мустаҕа.
Маннык иһити оҥорор олус уустуга эбитэ буолуо. Тоҕо диэтэр, кытыйаны мас уруттан оҥороллор эбит. Маннык улахан уруту булан, хатырыгын хастаан, иһин сэрэнэн хаһан, иһит гынан таһаараллара. Быһах эрэ тэриллээх дьон оҥоһуга диэтэххэ бэртээхэй оҥоһук.
Эт илиибинэн кытыйаны тутан-хабан көрөммүн олус астынным. Мин эрэ буолбатах, оҕо барыта кэрэхсии көрдө, биһирээтэ.
Ваня Созонов, 11 кылаас үөрэнээччитэ,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.