Бу күннэргэ Саха сирин режиссера Дмитрий Давыдов “Пугало” диэн киинэтин туһунан киин сир кириитиктэрэ үгүстүк суруйдулар: “судаарыстыбаттан өйөбүлэ, анал үөрэҕэ суох режиссер соһутта”, “хотугу түүр дэриэбинэтин хорсун ырыаһыта” о.д.а … Киинэ кириитигэ Антон Долин “Пугалоны” «Зеленая миля», «Догвилль», «Малефисента» курдук киинэлэргэ майгыннатта, дьүөрэлии тутта. Сорохтор сонно тута, “арт-хауснай киинэ”, диэн сыана быстылар…
Өссө 2016 с. “Костер на ветру” киинэтэ тахсыаҕыттан, Дмитрий Давыдов айар суолун “Достоевскай, Тарковскай, Герман айар ньымаларын кыымын санатта”, диэн бэлиэтээн эппиттээхтэрэ.
Киинэ ымпыгын-чымпыгын ырыта үөрэммит киин сир кириитиктэрэ бэл диэтэр, кырыымпа тыаһа киинэҕэ ханнык оруолу оонньообутун ыйбыттар уонна “Пугало” диэн — бу ураты дьоҕурдаах эмчит дьахтар туһунан эрэ киинэ буолбатах… Бу айфон, шопинг өрөгөйдөөбүт эйгэтигэр… режиссер Давыдов сибигинэйэн этэргэ дылы: “Биһиги, Саха сирин дьоно бэйэбит бэйэбитинэн сылдьабыт, олоробут, ол эрээри, бу аан дойду биһиэхэ ананан айыллыбатах”, диэн.
“Zoom” платформаҕа С.А.Герасимов аатынан ВГИК аспирантката, киинэни чинчийээччи, культуролог Людмила Жигалова маннык этэн аһарда: “Саха киинэтин Европа дьоно сөбүлээтилэр, ылыннылар. Билигин саха киинэлэрэ араас фестивалларга өрөгөйдүүр, бириистээх миэстэҕэ тахсар кэмнэрэ тосхойдо. Саха норуотун төрүт уратыта Европа дьонугар дьиҥэ, биллибэт этэ. Ол гынан баран, ити барыта сюжекка киирэн, ситимнэнэн, Европа олохтоохторо ону ылыннылар. Инникитин фестивальнай киинэттэн ураты, коммерческай бырайыакка даҕаны сахалар ылсан көрүөхтэрин сөбө буолуо. Тус бэйэм “Охотники”, “Генезис 2.0” диэн Максим Арбугаев киинэлэрин умсугуйа көрбүтүм”.
Чаҕылхай, соһуччу түгэн
“Кинотавр” курдук улахан түһүлгэҕэ Саха сириттэн бу бастакы чаҕылхай уонна күүтүллүбэтэх соһуччу түгэн буолла: Амма сэлиэнньэтигэр олохтоох режиссер, учуутал Дмитрий Давыдов устубут “Пугало” киинэтэ—31-с төгүл ыытыллыбыт “Кинотавр” Гран-притин ылла! Киинэҕэ сүрүн оруолга уһуллубут этно ырыаһыт Валентина Романова-Чыскыырай “Лучшая женская роль” номинацияны тутта. Итиэннэ киинэ кириитиктэрин Д.Дондурей аатынан бирииһэ эмиэ биһиэхэ тигистэ! Ыраах, атын улахан куоракка олорор билэр дьонум: “Эһиэхэ, Саха сирин дьонугар улахан ситиһии кэлбитинэн, Эйигинэн сирэйдээн эҕэрдэлиибит”, диэн суруйбуттара сылаас сыдьаай.
Оттон Давыдов дьоруойдара кимнээҕий? Ол-бу сүпсүлгэҥҥэ, ситиһиини, билиниини сырсар, ол ымсыылаах, баҕалаах суол тоҕойугар кими эрэ ордук санаан, ымсыыран тэпсэ, туората, үүрэ-үтүрүйэ, баттыы сатыыр, бэйэни кэрэхсэнэ-кэрэхсэнэ, субу-субу хаартыскаҕа түһэринэр, үйэтитэр, уһун күн ону бэрийэр, ортоһуор соҕус көстүүтүн аннынан ону-маны суруйар, хас киһиттэн“лайк” эрэйэр, “глянцевай”, “гламур” буола сатааччылартан ыраах сылдьааччылар: биллибэт-көстүбэт сэмэй, чуумпу дьон… мас кэрдээччилэр, оһох отточчу, тырахтарыыс, ыалдьар ийэ, таҥараны үгүс тыла суох итэҕэйээччи, кураанах, бэйэмсэх “үөртэн” ойдом олорооччулар…
Былырыын Саха гимназиятыгар үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ төрөппүттэрин уонна учууталларын кытта Дмитрий Давыдов “Ийэкээм” киинэтин ырыппыттарын илэ истибитим. Бу—гимназия дириэктэрэ В.В.Софронеева көҕүлээбит бэртээхэй тэрээһинэ этэ. Оттон режиссер “Костер на ветру” диэн бастакы киинэтин “Сахафильм” саалатыгар биир сайын … соҕотох кэриэтэ көрбүттээҕим.
Историческай наука доктора, Гуманитарнай чинчйиии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун кылаабынай научнай үлэһитэ Екатерина Назаровна Романова:
Омос көрдөххө, Давыдов киинэлэрэ—күннээҕи олох, күннээҕи дьон… Ол гынан баран, киинэ тылынан Давыдов үйэлээҕи, халыыпка хаайтарбат киэҥ санааны, киһи-аймах улахан кыһалҕаларын этэр, таарыйар. Этническэй ырыалары чаҕылхайдык толорор Валентина Романова-Чыскыырайы ыҥыран бу киинэҕэ устубута—кини режиссер быһыытынан өтө көрөр, сэрэйэр улахан дьоҕурдааҕын көрдөрөр. Саха киинэтэ диэн—Азия дуу, Скандинавия дуу киинэлэриттэн уратылаах. Итиниэхэ саха тыла—сүрүн быһаарар код, күлүүс буолар. Тыл күүһэ култуурабытын харыстыырга улахан өрүһүлтэбит…
Кимий, Давыдов?
Ирина Витальевна Бочкарева, Амма 2 №-дээх оскуолатын нуучча тылын, литературатын учуутала:
-Дмитрий Леонидович—биһиги бииргэ үлэлиир киһибит. Кини IV кылаас салайааччыта. Тус бэйэм кинини бэйэм төрөппүт буолан туран билэбин. Оҕом кылааһын салайааччытын биир сыл кини солбуйбута. Ол курдук, оҕом наар оскуолаттан Дмитрий Леонидович туһунан кэпсээн, кинини хайҕаан, холобур туттан дьиэтигэр төннөрө. Кыракый оҕо мээнэ итинник кэпсээбэт ээ: оҕо тапталын, билиниитин итинник көрдөрөр. Дмитрий Давыдов—олус интэриэһинэй уонна сэмэй киһи. Кини хайа үлэлиэҕиттэн оҕолору кытары киинэ устара, КВН-ҥа, “JuniorSkills” кытыннарар. Устудьуон эрдэҕиттэн биһиги оскуолабытыгар социальнай педагогунан, тэрийэр үлэҕэ, о.д.а. эппиэттээх үлэлэргэ сылдьыбыта. Биир кэмҥэ кини Чапчылҕан оскуолатыгар айымньылаахтык үлэлээбитэ, дириэктэргэ тиийэ үүммүтэ. Сахабыт сирэ, Кыыс Амма—дьиҥ талааннары төрөтөр, үөскэтэр. Манна биһиэхэ, кырдьык, талааннар бааллар. Ол эрээри, ону көрө үөрэммиппит бэрт буолан эбитэ дуу, ситэри өйдөөн көрбөппүт дуу, хайдах дуу… Наар бэйэни сэнэнэр, намтатынар үгэстээхпит. Онон ханнык баҕарар эйгэҕэ бэйэбит суолбутун-ииспитин аа-дьуо көрдөрөн, таһааран иһэрбит ордуга дуу, дии санааччыбын. Бииргэ үөрэммит кыыһым уолун—Радислав-Кудай Захаровы “Костер на ветру” киинэҕэ Дмитрий сүрүн оруолга уһулан оонньоппута. Радислав билигин аармыйаҕа сылдьар. Талааннаах биир дойдулаахпыт Дмитрий Давыдовынан аммалар киэн туттабыт!
Евгений Федорович Николаев, Амматааҕы норуодунай тыйаатыр режиссера:
-“Пугало” киинэҕэ мин иккис режиссербун. Дмитрий киинэлэрин сценарийын бэйэтэ нууччалыы суруйар. Ону илдьэ кэлэр, мин артыыстарбар ааҕан биэрэбин. Ол кэнниттэн сонно тута сахалыы тылбаастаан, артыыс бэлэмнэммэккэ эрэ, оонньоон барар. Ол иһин, оҥостон туран саҥарыы-иҥэрии, туттуу-хаптыы эҥин Давыдов киинэлэригэр суох. Кини артыыс сюжеты хайдах биэрэрин, көрдөрөрүн ордук ылынар. Дмитрий сахалыы саҥарбатар да, барытын өйдүүр.
“Юность Севера” ааҕааччыта
Үөрэ истибитим диэн, Дмитрий Давыдов Амма гимназиятыгар үөрэнэ сырыттаҕына, “Юность Севера” хаһыакка айымньылара бэчээттэммит эбит. Оҕо эрдэҕиттэн суруйарын, айарын, ааҕарын сөбүлүүрэ арааһа, киинэ алыптаах эйгэтигэр сирдээтэҕэ. Анал идэлээхтэр бэлиэтииллэринэн, киинэни ааҕар, билиилээх-көрүүлээх киһи устар. Оҕо эрдэҕиттэн Николай Гоголь айымньыларын сөбүлээн ааҕар эбит.
Суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ Дмитрий Давыдов санаатын маннык үллэстибитин тус бэйэм сөбүлүү иһиттим:
Мин бэйэбин дьолуолаах киһибин диэхпин сөп. Ол эрээри, туох барыта улахан үлэттэн, сыраттан кэлэрин умнубаппын. Бииргэ үлэлээбит айар хамаандабар барҕа махталбын биллэрэбин. Киинэҕэ үлэлиэхпиттэн сценарийы бэйэм суруйабын. Ол иһин эппиэтинэһи кимҥэ эрэ сүктэрэн баран сылдьыбакка, барытыгар баар буоларбын, быһаччы кыттарбын сөбүлүүбүн. Билэбин, мин киинэлэрбин сорохтор “хараҥа тыыннаах, ыарахан”, “арт-хауснай” жанрдаах”, дииллэр. Холобур, “Костер на ветру”—дьиҥэ, сырдык тыыннаах киинэ дии саныыбын. Бэйэтин кэнниттэн сүрүн дьоруой туох эрэ үчүгэйи хааллардаҕа дии. Киинэни мин көрөөччүнү кытары истиҥник аһаҕастык кэпсэтээри, алтыһаары устабын. Көрөөччү киинэҕэ толкуйдуохтаах, ырытыахтаах дии саныыбын. Мин киинэлэрим “Арт-хаус” хайысхалаах буолбакка, “авторскай“ тыыннаахтар дии саныыбын. Ситиһиинэн эрэ дуоһуйан хаалбакка, наар бэйэ-бэйэни көрсө сылдьыбакка, бэйэ-бэйэттэн тардыһан, тутуһан, салгыы сайдыахпытын, үүнүөхпүтүн наада. Саха киинэтэ оннук үрдүк чыпчаалга өссө да тиийэ илигин умнумуоҕуҥ…
“Эпатажнай”, ол аата, дьону соһутарын, элбэхтэ эксперименниирин сөбүлүүр режиссер Сергей Потапов устар киинэлэрэ ити этэр “арт-хауснай” хайысхалаах буолуохтарын сөп. Потаповтан улахан уратыта — Давыдов дьоруойун ис сүрэҕиттэн таптаан, аһынан, санаарҕаан туран көрдөрөр курдук. Ол иһин киһи кини киинэлэрин кэннэ толкуйга ылларар, киинэни айааччыны кытары ханан эрэ мөккүһүөх, ол эрээри, үксүгэр, сөпсөһөн көрүөх санаалара киирэллэр.
Жанна Леонтьева.