Бүгүн биһиэхэ үөрэнэргэ үөрэнии туһунан уйулҕа идэлээҕэ Татьяна Васильевна Сабарайкина сэһэргиир.
Тугу учуоттуохха?
– Төрөппүт оҕото оскуолаҕа киирэргэ төһө бэлэмнээҕин эрдэттэн кэтээн көрүөхтээх, билиэхтээх. Маныаха оҕо эт-хаан, уйулҕа өттүнэн төһө сайдыылааҕа, болҕомтото, өйдүүр, толкуйдуур дьоҕура, тулуура, киһи этэрин төһө өйдүүрэ, истэрэ ураты болҕомтоҕо ылыллыахтаах. Баҕар, оҕо болҕомтото ситэ сайдыбатах буолуон сөп. Оччоҕо, биллэн турар, үөрэҕи бастаан утаа ыарырҕатыа. Онон төрөппүт «мин оҕом суруйар, ааҕар буолла, үөрэнэргэ бэлэм», диэн толкуйдуура тутах.
Төһө тулуурдааҕый?
– Тулуур – үөрэнэргэ сүрүн хаачыстыба. Чаас аҥаара оҕо тулуйан-тэһийэн олорор дуо? Билиҥҥи оҕолор «гиперактивнайдар», ол түмүгэр, тулуура, болҕомтото суохтар диэн анал идэлээхтэр бэлиэтииллэр.
Оскуола диэн тугуй?
– Оҕо үөрэнэ киириэн инниттэн билиэхтээх, өйдүөхтээх: оскуола диэн тугуй, манна тус быраабылалар баалларын, оҕо дьону кытары сатаан алтыһыахтааҕын, биир тылы булуохтааҕын. Холобур, тулуура суох оҕо уочараттааһын диэни билбэт, наар бэйэтин инники күөҥҥэ тутар буолуон сөп.
Уҥуоҕунан кыра
– Үөрэнэ киирэргэ оҕо эт-хаан өттүнэн сайдыыта, доруобуйатын туруга эмиэ улахан суолталаах. Кып-кыра уҥуохтаах оҕо улахан ноҕоруусканы тулуйумуон, кыайымыан сөп. Эбэтэр, аһаах, үгүстүк тымныйан ыалдьааччы эмиэ сааһын ситэн-хотон, аҕыс сааһын туолан да баран, оскуолаҕа киирдэҕинэ син.
Дьиэ оҕото
– Сорох оҕо биэбэйик диэҥҥэ сылдьыбакка, наар дьиэтигэр иитиллэр. Оннук оҕо эт-хаан өттүнэн сайдыыта үчүгэй буолуон сөп. Ити эрээри, бу оҕо аҕыйах киһини кытары алтыһа үөрэммит буолан, биирдии киһилээх үлэни эрэ сөбүлээн толоруон, ол түмүгэр элбэх оҕоҕо баһыйтаран, баттатан, бэйэтигэр аһары бүгэн, сүтэн хаалыан сөп. Итинник көстүү ордук куоракка, элбэх оҕолоох кылааска баар. Онон оҕону дьон ортотугар сылдьарга, олорорго, наадатын быһаарсарга, мунаарар ыйытыытын туруорарга эрдэттэн үөрэтиэххэ.
Алта саас уратыта
– Оҕо оскуолаҕа киирбит күнүттэн «адаптацияланар» кэмэ – 3 ыйтан саҕалаан, сыл аҥаарыгар диэри салҕаныан сөп. Алта саас диэн оҕо олоҕор кириисистээх кэм. Онон итини төрөппүт болҕойботоҕуна, оҕотун кытары сыһыана тыҥаан ылыан сөп.
Сорох оҕо оскуолаҕа бардаҕына, саамай сөбүлүүр киһитэ учуутала буолан хаалбытын сорох төрөппүт ыарыылаахтык ылынара баар суол. «Мин эппиппин ылыммат, атын киһи сабыдыалыгар киирэр, киниэхэ сүгүрүйэр курдук буолар» диэн саныыр.
Үчүгэй буоларга
дьулуһуу
– Алын кылаас үөрэнээччитэ үчүгэй буоларга, «туйгун» сыананы ыларга дьулуһуута, биллэн турар, хайҕаллаах суол. Ол гынан баран, биир эмит түгэҥҥэ онто табыллыбатаҕына, алҕаһаатаҕына, ыарыылаахтык ылыныан сөп. Итиннэ төрөппүт болҕойоро, оҕотугар көмөлөһөрө ордук. «Оо, дьэ куһаҕан буолбут, эн сыыспыккын» дииртэн туттунуохха, ол оннугар, ити түбэлтэни көннөрү түгэн диэххэ, соннук холкутук ылыныахха. Ол эбэтэр, «3»-һү, биитэр «2»-ни ылбытын өр сүрэҕэр сөҥөрдөр сыыһа.
Элбэх дьарык
наадата суох
– Маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр элбэх дьарык, куруһуок наадата суох. Бастакы сылга «Дьиэ-оскуола-дьиэ» хайысханан муҥурданара ордук. Уонна, саамай сүрүнэ, доруобуйатын үчүгэйдик болҕойуохха. Оҕо ыалдьар буоллаҕына, киһи сэрэхэдийиэхтээх. Ол инниттэн, хара маҥнайгыттан күннээҕи эрэсиими тутуһуннарыахха, аҕыйах эбии дьарыкка сырытыннарыахха, элбэх битэмиини сиэтиэххэ, иҥэмтэлээх үчүгэй аһы аһатыахха.
Эйэлээх эйгэ
– Оҕо аан бастаан оскуолаҕа барбыт сылыгар дьиэҕэ ким эмэ аттыгар мэлдьи баара, олороро үчүгэй. Үөрэхтэн кэлэрин көрсөр, сөптөөх усулуобуйаны олохтуур ордук. Дьиэҕэ киҥир-хаҥыр саҥарсыы кини баарына иһиллибэтэ ордук. Бу кэмҥэ оҕо кута-сүрэ ураты уйан, кэбирэх буолар. Кыһалҕаны, иирсээни олус ыараханнык ылынар. Ол иһин дьиэҕэ эйэ-дэмнээх сыһыаны олохсутар ордук.
Үөрэнэр үчүгэй
– Уопсайынан, «оскуолаҕа киирдибит» диэн аһара долгуйар, кыра киһини ыгылытар наадата суох. Оскуола үөрүү-көтүү, доҕоттор, билии-көрүү, үтүө учууталлар диэн сырдык санааны саҕар, күөдьүтэр үчүгэй.
Жанна Леонтьева
кэпсэттэ.