Төрөппүттэр ыйытыыларыгар хоруйдуур – Дьиэ кэргэн уонна ыччат социальнай-психологическай өйөбүллээх буолуутун өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин психолога Эмма Алексеева.
Кыыһым кыракый дэриэбинэттэн улуус киинигэр үөрэнэ киирдэ. Аҕыйах күн үөрэнээт этэр: «Миигин кытта ким да кэпсэппэт. Кыргыттар туораталлар, бэйэлэрэ туспа сылдьаллар. Бүгүн өссө биир кыыс: «Биир эмэ уолга чугаһыаҥ – кэһэтиэхпит», – диэн саанна. Кими да билбэппин. Санаабар, бары «Тоҕо биһиэхэ кэллиҥ?» диэбит курдук көрөллөр. Төннүөхпүн баҕарабын…».
Төттөрү манна аҕалыахпын, аҕата: «Сырыттын, тулуйдун, бэйэтин иннин бэйэтэ көрүнэргэ үөрэннин. Хаһааҥҥа диэри оннук бүөбэйдии, күрэтэ сылдьыаххыный?» – диир. Эмиэ да сөп курдук. Сотору син биир биһигиттэн арахсан, куоракка үөрэнэ барыа, онтон үлэһит буолуо дии…
Ол эрээри оҕобун аһынабын… Оннук тыйыс сыһыаҥҥа сылдьара майгытыгар-сигилитигэр охсуо диэн куттанабын.
Туох диэн кыыспар сүбэлиибин?
К.И.
Күндү К.И.! Оҕо саҥа кэлэктиипкэ киирэрэ майгытыттан, хараахтарыттан, тутта-хапта сылдьарыттан, иитиититтэн улахан тутулуктаах. Кини номнуо олоҕурбут оҥоһуулаах, халбаҥнаабат халыыптаах, бэйэтэ туспа быраабылалардаах, туспа бөлөхтөргө арахсыбат биир сомоҕо кылааска кэллэҕэ дии. Онно кини билиҥҥитэ туораттан киирии киһи. Ол иһин кэллэ кэлээт, ытыс үрдүгэр түспэтэ чахчы. Баҕар, эн оҕоҥ урукку кылааһыгар лидер буолуо. Ону манна тута билиммэттэрэ чахчы, оннугу ирдиир да сатаммат. Син биир саҥа киһи, ханна баҕарар, хаһан баҕарар буоларын курдук, тургутууну, кэтээн көрүүнү, чинчийэрдии үөрэтиини ааһыахтаах. Онон билигин кыыһыҥ улахан болҕомтоҕо сылдьар. Ол иһин сэмэйдик тутта-хапта сылдьыахтаах.
Оҕолору кытта туох биричиинэттэн тапсыбатын иккиэн ырытан көрүҥ, төрүөтүн быһаарыҥ. Кылаас салайааччытыгар сэрэтиэххэ сөп, бу ситуацияны.
Кыыс толкуйун-санаатын билигин үөрэҕэр, эбии дьарыктарга, куруһуоктарга уурдун. Үөрэх дьыла саҥа саҕаланна. Мантан ыла кылааһынан араас күрэхтэһиилэр буолуохтара. Онно кыттан, кэлэктиипкэ сыыйа-баайа киирэн иһиэ.
Оттон эн, төрөппүт буолан тураҥҥын, бэйэҥ бэйэҕинэн долгуйаргын, куттанаргын, саарбахтыыргын көрдөрүө суохтааххын. Ол оҕоҕор бэриллэр. Төттөрүтүн барыта сатаныаҕар, үчүгэй буолуоҕар эрэли үөскэтиэхтээххин. Адаптацияны барар кэмигэр күүс-көмө, өйөбүл буолуохтааххын.
Урок ааҕыыта «сэриигэ» кубулуйбатын
Иккис кылаас буоллубут да, уруок ааҕыыта билигин да биһиэхэ «сэрии». Киһитэ суох бэйэтэ дьиэтээҕи үлэтин толорбот. Киэһэ мин кэлэрбин кэтэһэн сылдьар. Оскуолаттан, дьиҥэр, эрдэ кэлэр уонна төлөпүөҥҥэ оонньуу-оонньуу олорор. Төлөпүөнү биэримиэхпин, ханна тиийбитин, тугу гынарын билэргэ үчүгэй.
Уопсайынан, үөрэнэрин наһаа сүрэҕэлдьиир. Үөрэххэ баҕатын хайдах уһугуннарабын?
Дария.
Күндү Дария! Умсугуу (мотивация) хас да көрүҥнээх. Ол онтон алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр туһааннааҕа – билэ-көрө сатааһын, туруорбут соругу ситиһии. Бу көрүҥ киһиэхэ айылҕаттан бэриллэр, онон кыра эрдэхпититтэн саҕаланар. Ону көҕүлээн, интэриэһин, баҕатын уһугуннаран, сыалга-сорукка туһаайан биэриэхтээхпит.
Мотивация киһиэхэ биир кэм олоҕун устата баар буолбатах. Ханнык эмэ уларыйыылаах, түһүүлээх-тахсыылаах кэмҥэ уостуон, симэлийиэн эмиэ сөп. Ол гынан баран, син биир күөдьүйэн тахсыахтаах. Онон оҕоҥ олох умсугуйара суох буолбатах, оннук диириҥ сатаммат. Кини оскуолаҕа билии ыла барарын үчүгэйдик өйдүөх тустаах. Ол киниэхэ туох туһалааҕын быһааран биэр.
Бэйэтин көрүнэргэ, дьаһаллаах буоларга оҕону кыра сааһыттан үөрэтэллэр. Уруок ааҕарыгар барытын суоттаан, оҥорон биэрбэккэ эрэ, ол оннугар дьиэҕэ үлэни толоруу хаамыытын (алгоритмын) кэпсээ. Холобур, ханнык уруоктан саҕалыырын, мунаахсыйар боппуруостарыгар эппиэттэри хантан көрдөөн буларын, быраабылалары уонна хоһоону хайдах быһыылаахтык үөрэтэрин, сыыһаларын хайдах бэрэбиэркэлэниэхтээҕин, үөрэппит матырыйаалы өйдүүр ньымалары.
Оҕоҥ эн үлэҕиттэн кэлэргин кэтэспэккэ, дьиэтээҕи үлэтин бэйэтэ хайдах сатыырынан оҥорон көрдүн. Кыайбатах сорудахтарын эрэ эйигин кытта оҥоруон сөп.
Аны туран, оҕоҕо оскуола, учууталлар тустарынан үчүгэй эрэ өйдөбүлү иҥэриэхтээххин. Истэн олордоҕуна, учууталын туһунан куһаҕаннык саҥарыаҥ – оҕоҥ оннук санаалаах буолуо, учууталын аанньа ахтыа, тылын истиэ суоҕа.
Оскуолаттан кэллэҕинэ, хайдах үөрэммитин, хас сыананы ылбытын, туохха ситиһиилэммитин, тугу билбитин уонна тугу сатаабатаҕын ыйыт, мэлдьи интэриэһиргиир буол. Кыһаллан, сыралаһан оҥорбутугар «үһү» да ылбыт буоллаҕына, санаатын өрө көтөҕөн хайҕаа.
Киниэхэ эрэнэргин биллэр, олус күүскэ таптыыргын эт. Барыта бэйэтиттэн тутулуктааҕын өйдөт. Ол эрээри ылыммат, ыарырҕатар уруогар «биэс» сыананы ирдээмэ. Ити кэриэтэ сөбүлүүр, сатыыр, дьоҕура-талаана тахсар предметигэр болҕомтотун хатаа. Үөрэҕэр эппиэтинэстээх буоларга, сыал-сорук туруорунарга уонна ону ситиһэргэ үөрэт.