В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 7 «а» кылааһын оҕолоро күргүөмүнэн «Тускул» үҥкүү, ырыа ансаамбылыгар дьарыктаналлар.
Биһиги, көрсүө-сэмэй кыталык кыргыттардаах, хорсун-хоодуот уолаттардаах иллээх-эйэлээх 7 «а» кылаас үөрэнээччилэрэ, оскуолабытын олус таптыыбыт! Ийэлии истиҥник сыһыаннаах кылааспыт салайааччыта Анна Николаевна Евсеева биһиги талааммытын сайыннаран, хас биирдиибит ураты дьоҕурдаах, ситиһиилээх дьон буола улаатарбытыгар кыһаллар.
Оскуола боруогун маҥнай атыллаан, үөрэнээччи аатын сүкпүт дьоллоох күммүтүн бу баардыы өйдүүбүт. Ааҕарга-суруйарга үөрэппит маҥнайгы учууталбыт Марина Эдуардовна Расторгуева бука барыбытын ырыа, үҥкүү кэрэ эйгэтигэр аан бастаан уһуйбута. Онон кыра кылаастан сыанаҕа туттарга-хаптарга, бэйэбитигэр эрэллээх буоларга үөрэммиппит.
Кылааспыт оҕолоро араас хайысхаҕа барытыгар ситиһиилээхпит: үөрэҕи өрө тутабыт, спортан да туора турбаппыт, чинчийэр үлэнэн сөбүлээн дьарыктанабыт. Ол эрээри ордук үҥкүүлүүрбүтүн уонна ыллыырбытын сөбүлүүбүт. Алын кылаастан үҥкүүгэ уһуйбут учууталбытынан Лидия Ивановна Артемьева буолар. Кини биһиэхэ анаан араас интэриэһинэй, көрүөхтэн кэрэ үҥкүүлэри туруорар. Онон улуус, өрөспүүбүлүкэ, норуоттар икки ардыларынааҕы куоҥкурустарга мэлдьи бириистээх миэстэлэргэ тиксэбит. Барабаан тыаһа доҕуһуоллаах «Мажоретки» диэн кыргыттар эрчимнээх үҥкүүлэрэ оскуола бары тэрээһиннэрин киэргэтэр, көрөөччү биһирэбилин ылар.
Кылааспытын сомоҕолуур айымньылаах сүүрээнинэн ырыа кэрэ эйгэтэ буолар. Ырыаҕа Светлана Аркадьевна Борисова үөрэтэр. Ордук сахалыы, нууччалыы ырыалары ыллыыбыт, араас килииптэри устабыт. Бу сайын Кыайыы 75 сылыгар анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕэр «Дети войны» ырыабытынан лауреат буолбуппут.
Быйылгы үөрэх сылыгар айар куттаах кылааспыт дьарыгын саҥа сүүрээнинэн муода хайысхата буолла. Оскуолабытыгар Мария Сильвестровна Соловьева салайааччылаах “Сир симэхтэрэ” муода уонна дизайн устуудьуйата үлэлиир. Онно кылааспыт кыргыттара дьарыктанан саҕалаатылар. Көмүс күһүнү көрсө этническэй хайысхалаах фотосессияҕа кытыннылар, тус кэллиэксийэ тигиитигэр үлэлэһэ сылдьаллар.
Бу курдук, бука бары кыттар сомоҕо нүөмэрдэрбит табылыннахтарына, олус үөрэбит, ытыс хабыллар тыаһыттан астынабыт. Инникитин ырыа аргыстанан, үҥкүү үктэллэнэн, үрдүккэ көтүөхпүт, кыайыы кынаттаныахпыт диэн эрэнэбит!
Ааптар: Жора Герасимов, «Мэҥэбил» эдкорпост.