Олунньу 22-23 күннэригэр Мүрү 1 №-дээх оскуолатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кыайыы» байыаннай-патриотическай оонньуу бэһис төгүлүн ыытылынна. Бу тэрээһин Кыайыы 75 сылыгар уонна өрөспүүбүлүкэҕэ патриотизм сылыгар ананна. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр энтузиаст учуутал Андросов Н.С салайар «МҮРҮ» БПК быһаччы тэрийиитинэн күрэххэ 80 кыттааччы, 10 хамаанда күөн көрүстүлэр.
Күрэхтэһээччилэр сэттэ араас көрүҥҥэ бэйэ бэйэлэрин тургутуһан көрдүлэр. Оскуолабыт икки хамаанданы туруорда. «Мүрү1» урукку састаап балайда күүстээх, элбэх күрэхтэргэ соҕуруунан-хотунан кыттыбыт уонна кыайбыт хамаанда хамаандыыра, оскуола быйылгы выпускнига Бережнев Ганя, иккис «Мүрү 2» хамаанда 7-8 кылаас үөрэнээччилэриттэн турар, саҥа күрэхтэһэн эрэр хамаанданы БПК биир күүстээх хамандыыра Копырин Толя салайда. Эдэр хамаанда соторутааҕыта Бүлүү улууһугар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ баран бастакы миэстэни ылан, кыайыы диэн хайдах кэлэрин билбитэ. Ол иһин, бу да күрэххэ бэрт эрэллээхтик кииристэ.
Быйылгы күрэххэ 10 хамаандаттан Таатта улууһуттан лицей «Таатта» диэн БПК, Мэҥэ-Хаҥалас улуустан Хара орто спортивнай оскуолата «Доблесть» уонна Төҥүлү орто оскуолата «Хотой» диэн БПК кэлэн кыттыыны ыллылар. Бэйэбит улууспутуттан Дүпсүн, Чараҥ, Мүрү №2, Лөгөй уонна Түүлээх орто оскуолалара байыаннай-патриотическай кулууптарын тэрийэн кытыннардылар. Сыл аайы күрэх үрдүк таһымҥа ыытыллара харахха быраҕыллар буолан иһэр.
Уопсай түмүккэ оскуола бастакы хамаандата «Мүрү1» кыайыы өрөгөйүн биллэ, 2 м эрэллээхтик өрөспүүбүлүкэ биир күүстээх хамаандата «Доблесть» (Мэҥэ-Хаҥалас) ылла уонна 3миэстэни Мүру 1 №-дээх оскуола БПК иккис саҥа састааба «Мүрү2» ылла. Улууспутугар байыаннай кулууптар сайдан иһэллэрин Чараҥ, Түүлээх оскуолалара көрдөрдүлэр.
Кузьмин Александр Николаевич, өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕону патриотическай иитиигэ киин салайааччыта.
Былырыын Кыайыы 75 сылыгар уонна патриотизм сылыгар анаан үөрэх министиэристибэтэ анал бирикээһэ тахсыбыта. Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуола иһинэн бары өрөспүүбүлүкэ байыаннай-патриотическай кулууптарын түмэр сыаллаах сыантыр тэриллибитэ. Бу сыантыр ыччаты эт-хаан, өй-санаа өттүнэн патриот буола үүнэригэр сыаллаан, араас тэрээһиннэри, күрэхтэһиилэри сүрүннээн ыытар. Бүгүҥҥу күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ иһинэн 284 байыаннай-патриотическай кулууп үлэлиир, онно 8000 оҕо дьарыктанар. Маны таһынан ыччат Юнармия кэккэтигэр киирэр. «Победа» өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай күрэх оҕолорго патриотическай тыыны иҥэрии,чөл олоххо сыһыарыы сыаллаах бэрт ураты оонньуу быйыл бэһис төгүлүн ыытылынна. Хамаанданан күрэхтэһии буолан, хас биирдии кыттааччыттан эппитинэс, кыайыыга дьулуур, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү, табаарыстыы сыһыан ирдэнэр. Күрэххэ кэлбит хамаандалар бары да олус бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ көстөр. Күрэхтэһии тэрийээччилэрэ түһүмэхтэри сонуннук, уратытык , дьиҥ олоххо чугаһатан оҥорбуттарын биһирээтим. Уус-Алдан улууһа ыытыллар күрэхтэргэ балай да ситиһиилээхтик кыттар. Өр кэмҥэ дьаныардаахтык үлэлээбит учуутал Андросов Н.С курдук дьоннордоох буолаҥҥыт, байыаннай-патриотическай кулууптар сылын аайы көрдөрүүлэрэ тупсан иһэр. Бүгүҥҥү тэрээһин да ону көрдөрөр, хамаандалар бары көрүҥҥэ бэлэмнээхтэрэ, оҕолор быһыылара-таһаалара тупсубута тута харахха быраҕыллар.
Кузьмин Николай Валерьевич «Доблесть» БПК салайааччыта, Мэҥэ—Хаҥалас»
«Мүрү» БПК салайааччытын Андросов Н.С 2010 сылтан билэбин. Үлэтигэр бэриниилээх, элбэх эдэр ыччаты патриот буоларга иитиигэ биир саамай улахан кылаатын киллэрсэ сылдьар киһинэн буолар. Оҕолоро да ону туоһулууллар, Россия иһигэр элбэх күрэхтэргэ кытыннылар. Инникитин бу күрэхтэһии Дальнай Восток таһымыгар тахсыан баҕарабын.
Блахиров Николай Николаевич, «Таатта» БПК салайааччыта, Таатта улууһа.
Бэртээхэй күрэхтэһии буолла. Оскуола кэллэктиибэ, остолобуой үлэһиттэрэ, волонтердар бары биир түмсүүлээх улахан күрэҕи үрдүк таһымҥа тэрийэн ыыттылар. Күрэхтэһии олимпийскай систиэмэнэн барбыта эмиэ сонун буолла.
Громов Сергей Альбертович, «Хотой БПК салайааччыта, Мэҥэ-Хаҥалас:
Иккис сылын маннык аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи «Победа» күрэҕэр кыттынныбыт. Бу маннык тэрээһиннэр үүнэр көлүөнэни эт-хаан, армияҕа сулууспалыырга бэлэмнээһинэрэ буолбакка, оҕо ис санаатын, толкуйунуларытан, патриот киһи буолан үүнэн тахсарыгар төһүү күүс буолар. Оскуола кэллэктиибэ Николай Семеновиһы өйүүрүн, сыаналыырын бэлиэтии көрдүм. Күрэххэ Николай Семеновичка иитиллибит урукку выпускниктар бириис туруорбуттара, курэхтэһии тэрээһинигэр күүс-көмө буолуулара учууталларын ытыктыылларын уонна бу сөптөөх үлэ бара турарын туоһута буолла.
Марков Дмитрий, Хара спортивнай оскуола 10 кылааһын үөрэнээччитэ, «Доблесть» БПК хамандыыра:
Былырыын Юнармия кэккэтигэр киирбитим. Мин бэйэм ахсыс кылаастан дьаныһан дьарыктанабын. Хамаандабытынан Москва куоракка баран призер буолан кэлбиппит. Мин тус бэйэм Уус-Алдаҥҥа иккис кэлиим. Күрэхтэһии тыҥааһыннаах, интириэһинэй. Үс иһигэр киириэхтээхпит диэн эрэллээх кэлбитим.
Тарасов Костантин, Таатта лицейын 11 кылааһын үөрэнээччитэ, «Таатта» БПК хамандыыра:
Байыаннай кулуупка дьарыктанарым үөрэхпэр мэһэйдээбэт. Армияҕа бэлэмнэнии, историяны интириэһиргээн ааҕыы, эт-хаан өттүнэн эрчиллии барытыгар туһалаах. Кыра кылаастары улахаттар үөрэтэбит. Быйыл оскуоланы бүтэрэбин. Атын да үөрэххэ туттарсар буолларбын, кулуупка дьарыктаммыппын астынабын.»
Стручков Айаал, Төҥүлү орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ, «Хотой» БПК:
БПК-ҕа маҥнайгы сылбын сылдьабын. Байыаннай үөрэҕи интириэһиргиибин уонна эт-хаан өртунэн күүстээх буолуохпун баҕарабын. Элбэх табаарыстанным. Быйыл күһүн Юнармия өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр иккис миэстэ буолбуппут. Кулуупка дьарыктанарбын сөбүлүүбүн.
Бэлэмнээтэ Тимофеева Полина 11а кылаас, Мүрү 1 №-дээх оскуолата
Интервьюлары ыллылар Соня Старостина, Сахаайа Павлова уонна Юлия Лазарева. Мүрү 1 №-дээх оскуолата.