Кутана оскуолатыгар Олоҥхо күнүгэр түбэһиннэрэн Т.Е.Сметанин 100 сааһын бэлиэтиир ый түмүктэннэ. Фронтовик суруйааччы оҕолорго суруйан хаалларбыт айымньылара элбэх көлүөнэни иитэн таһаардылар. Оҕо аймах ордук үгэ хоһооннорун сөбүлүүр.
Сунтаар Кутанатыгар оскуола үөрэнээччилэрэ Тимофей Сметанин айымньыларын кытта сонуннук билистилэр. Биир ый тухары ох курдук оҥостон, айымньылары үллэстэн сыанаҕа таһаарарга холоннулар.
Бастакы түһүмэххэ 1-10 кылаас оҕолоро бастаан суруйааччы хоһооннорун аахтылар, остуоруйаларын оонньоон көрдөрдүлэр. Сахалыы астаах сандалыга олорон аһаатылар. Oнтон оһуохайга күрэхтэстилэр, тэрээһин өбүгэ оонньууларынан түмүктэннэ. Бэлэмнэнии үлэтин оскуола библиотеката, саха тылын учууталлара, кылаас салайааччылара, иитэр үлэ педагогтара бэрт сэргэхтик, интэриэһинэйдик ыыттылар.
Т.Е. Сметанин айымньыларынан сүһүөхтэринэн күрэх түмүгэ:
Кыра кылаастарга:
1 миэстэ — 3 кылаас, «Кыһыл былааттаах кыыс»
2 миэстэ — 1 кылаас, «Куоскалар уонна саһыл»
3 миэстэ — 2 кылаас, «Бороҥ куобах үөрэммитэ»Орто кылаастарга:
1 миэстэ — 6 кылаас, «Күөрэгэй»
2 миэстэ — 5 кылаас, «Куобахчаан күнэ»
3миэстэ — 4 кылаас, «Эһэ туһунан остуоруйа»
Улахан кылаастарга:
1 миэстэ — 9 кылаас, «Буойун саллаат суруктара»
2 миэстэ — 8 кылаас, «Манчаары»
3 миэстэ — 7 кылаас, «Эдэр булчут»
3 миэстэ — 10 кылаас, «Үчүгэйин даа тыыннаах хоһоон»
Хас биирдии кэлэктиип айымньыны уратытык туруора сатаабыт. Ким литературнай монтаж, ким композиция, ким ыллаан, ким инсценировкалаан көрдөрдө.
Ааптар: «Кутана кыымнара» эдкорпост