В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан оскуола сылын аайы үүнэр сүһүөх ыччаты өбүгэ үгэһигэр сыһыарар үлэни утумнаахтык ыытар. Ол курдук, уолаттарга анаан «Атынан айан» диэн ураты бырайыактаах. Итиэннэ улуус оскуолаларын ыҥыран, муҥха ыытар үгэстээх. Манна өрүс хочотугар олорор нэһилиэк оҕолоро кэлэн, муҥха сиэрин-туомун, ньыматын илэ харахтарынан көрөллөр, көмүс хатырыктааҕы кэһиилэнэн, үөрэ-көтө дьиэлииллэр.
Сэтинньи 15 күнүгэр Эмис оскуолатын муҥхатыгар Амма лицейин уонна 1,2 нүөмэрдээх оскуолатын, Чапчылҕан, Бөтүҥ, Покровка, Болугур оскуолаларын үөрэнээччилэрэ сырыттылар. Барыта 10 оскуолаттан 150 киһи кытынна.
Сарсыарда 9 чаастан күн киэһэриэр дылы оҕолор бииргэ бодоруһан, үлэлээн-хамсаан, кутааҕа буспут минньигэс миини астына амсайан, аныгы гаджеттартан аралдьыйан, күннэрин туһалаахтык атаардылар.
Киэһэлик Кулуһуннаах эбэ быйаҥыттан толору өлүүлээн, кэлбит дьон бары куул аҥардыыта собо үллэстэн, онуоха эбии кэлбит 10 оскуолаҕа биирдии куулу илии тутуурдаан, табыллан тарҕастылар. Уу иччитэ Күөх Боллох тойон анаабыт балыга астыгын, бөдөҥүн сөҕөн, махтанан, мантан кыһын иҥэмтэлээх саха төрүт аһын сиэхпит диэн кэлбит дьон санаалара көтөҕүлүннэ.
«Кэскил» медиа-киин,
Эмис орто оскуолата, Амма улууһа.