Тохсуньу 28 күнүгэр Кэбээйи нэһилиэгин Григорий Кобяков аатынан модельнай библиотекатыгар, публицист, поэт, философскай наука кандидата, 1995 сылтан суруйааччылар сойуустарын чилиэнэ Петр Семенович Максимов уонна суруйааччы, прозаик, поэт, драматург уонна тылбаасчыт, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха сирин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа литературнай бириэмийэтин лауреата Иван Иванович Иннокентьев сырдык ааттарын үйэтитэр сыаллаах көрсүһүү буолан ааста.
Тэрээһиҥҥэ оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлар, «Кулуһун кут» литературнай түмсүү чилиэттэрэ уонна суруйааччылар аймахтара кыттыыны ыллылар.
Литературнай түмсүү салайааччыта, поэт Иосиф Григорьевич Кобяков суруйааччылар олохторун, айар үлэлэрин туһунан кэлбит ыалдьыттарга, чуолаан оҕолорго билиһиннэрдэ. Ол курдук,
Петр Семенович, үрдүк үөрэҕи бүтэрээт да, үлэ-хамнас үлүмнэһиитигэр түспүт киһи. Суруйар үлэтин научнай үлэтин кытта дьүөрэлээн кэлбит киһи. Дириҥ философскай өйдөөх учуонай киһи этэ.
Онтон Иван Иванович икки саастааҕар Кэбээйиттэн дьоно көспүттэрэ. Онтон ыла дойдутуттан тэйэн, тэлэһийэн хааллаҕа.
Иван Иванович айымньылара нууччалыы суруллубуттар. Кини хос эһэтэ нуучча эбитэ үһү. Ол да хаана оонньообут буолуон сөп. Уонна Сангаарга көһөн баран нуучча оскуолатыгар үөрэннэҕэ, нууччалар эйгэлэригэр сырыттаҕа. Ол эрээри Иван Иванович сахалыы биһигиннээҕэр ордук ыраастык саҥарар этэ. Арассыыйа таһымыгар биллибит суруйааччы буолар.
Петр Семенович Максимов Кэбээйи орто оскуолатын бүтэрэн, үгэс быһыытынан Кэбээйи сопхуоска үлэлээн, армияҕа сулууспалаан баран, үрдүк үөрэҕи бүтэрээт, үрдүк үөрэх кыһатыгар философия кафедратыгар ассистенынан хаалбыта. Аспирантураҕа үөрэммитэ. Өссө оскуола сылларыттан хаһыакка кини хоһоонноро бэчээттэнэр этилэр.
Петр Семенович аймахтара Александра Егоровна Полятинская уонна Аграфена Егоровна Обутова кэлэн ыалдьыттаан, ахтан-санаан барбыттарын кэлбит ыалдьыттар астыннылар.
Валентина Николаевна Иванова суруйааччы Петр Максимов туһунан сырдатта: «Петр Семенович 1957 сыллаахха 7-с кылааска үөрэнэ сылдьан, П.Е. Степанов салайыытынан Ньидьилинэн Тукулааҥҥа баран кэлбиттэр эбит. Ити сырыыларын туһунан Петр Семенович «Саҥа олох хаһыакка». Ньидьили эбэни, Тукулааҥҥа айан туһунан ыстатыйа суруйбутун ааҕаннар, дьон-сэргэ сэргээбит эбит. Оннук уус-уран тыл кэрэтин туттан суруйан турар. 2019 с. Дьокуускайга «Литературнай музейга» көрсүһүүгэ Кэбээйиттэн төрүттээх суруйааччылар бары бааллара. Онно Петр Семенович эмиэ сылдьан турар. Ити кэнниттэн кини доруобуйата күүскэ мөлтөөн онно-манна сылдьыбат буолбута. Уонна сыл анараа өттүгэр олохтон туораабыта. Петр Семенович хоһоонноро айылҕаҕа, төрөөбүт дойдуга, бииргэ төрөөбүттэригэр ананар этилэр».
Ити курдук Кэбээйиттэн төрүттээх суруйааччааччыларбытын олохтоохтор умнубаппыт, айымньыларын ааҕабыт, үөрэтэбит, кэнчээри ыччакка киэн тутта кэпсиибит диэн саха тылын уонна литературатын учуутала Марина Ивановна Егорова кэпсээнин түмүктээтэ.
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.