Улуу Октябрьскай социалистическай өрөбөлүүссүйэ буолбута 102 сылын туолла. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ история хаамыытын уларыппыт, киһи-аймах сайдыытыгар сабыдыаллаабыт сүдү суолталаах көстүү буолар. Бу туһунан Нам оскуолаларын оҕолорун санааларын суруктарыттан ааҕыҥ.
Өктөөп — сэбиэскэй кэмҥэ дьон сөбүлүүр бырааһынньыга этэ
Сэбиэскэй Сойууска 15 судаарыстыба киирэрэ. Ол кэмҥэ социалистическай дойдулар доҕордуу сыһыаннаах этилэр, “бырааттыы дойдулар” диэн ааттаналлара. Бу дойдуларга тас дойдуга тахсар паспора суох күүлэйдиэххэ сөп этэ. Омугунан атааннаһыы суоҕа.
ССРС оскуолаларын үөрэнээччилэрэ бары биир тэҥ формалаахтара. Саастарынан октябренок, пионер, комсомол диэн тэрилтэлэргэ киирэллэрэ. Холобур, мин саастыы оҕолор пионер кэккэтигэр киирэллэрэ, бэтэрээннэргэ тимуровскай көмөнү оҥороллоро. Билигин сорох оскуолаларга бу хамсааһын сөргүтүлүннэ.
Сэбиэскэй былаас саҕана хас биирдии киһи үлэлээх этэ. Үлэһит киһи холобурга сылдьара. Бастыҥ ыанньыксыт, бостуук босхо путевканан соҕуруу күүлэйдээн кэлэллэрэ.
Интэриниэт, төлөпүөн, ноутбук диэн суоҕа, ол иһин оҕолор наар сибиэһэй салгыҥҥа таһырдьа оонньууллара.
Өктөөп, Пиэрибэй маай сэбиэскэй дьон сөбүлүүр, күүтүүлээх бырааһынньыктара буолара.
Рустам Зоиров,
10 кылаас, Хамаҕатта саха-француз лиссиэйэ.
Хайа да кэм бэйэтэ туспа уратылаах
Сороҕор: “Оо, мин сэбиэскэй кэмҥэ олорорум буоллар”, — дииллэрин истэбин. Ол аата сорохтор олорор кэммитин, аныгы сайдыылаах үйэни соччо сөбүлээбэппит быһыылаах.
Онтон мин саныахпар, биһиги кэммит, сайдар кыаҕынан саамай үчүгэй. Бастатан туран, биһиги баҕарбыт сирбитигэр олохсуйан, сөбүлээбит үөрэхпитигэр үөрэнэн, талбыт идэбитин баһылаан, баҕарарбытынан олоруохпутун сөп.
Иккиһинэн, күн аайы саҥа технология, саҥа арыйыы олоххо киирэн иһэр. Ону тэҥэ медицина эмиэ сайдар. Араас ыарахан ыарыыны, эчэйиини эмтиир ньыма үөскээн, дьон өлүүтэ аҕыйаата.
Үсүһүнэн, аныгы оҕолор араас дойдуларга баран күүлэйдээн, үөрэнэн кэлиэхтэрин сөп. Онон сайдаллар, билиилэрэ кэҥиир. Үөһэ этиллибит пионерскай этэрээттэри солбуйар оҕо тэрилтэлэрэ, түмсүүлэрэ баар буоллулар.
Урут аан дойдуга буола турар сонуннары хаһыаттан ааҕан билэр буоллахтарына, билигин хас биирдии киһи суотабайыттан Интернекка киирэн, наадалаах сонунун булан көрөр. Биллэн туран, ити барыта киһи олоҕун чэпчэтэр, ол эрээри доруобуйабытыгар, бастатан туран, харахпытыгар буортулаах.
Сайдыыбыт бара турар, улахан собуоттар, фабрикалар туттуллаллар. Ол үчүгэй эрээри, биир өттүттэн — барыта айылҕаҕа охсуулаах.
Түмүккэ, хайа да кэм бэйэтэ туспа уратылаах, умнуллубат өйдөбүллээх диэн этэбин. Тус бэйэм сайдыы тэтимнээх үйэтигэр төрөөбүппүттэн олус үөрэбин.
Алина Ноговицына,
Хатырык, Нам.
Хаартыскаларга: Хамаҕатта саха-француз лиссиэйин оҕолорун кырдьаҕастарга аһымал ааксыйаларын түгэннэрэ.