Сүбэдэй Айыы-Арчылаан Дьулустаан Уола киэҥ эйгэҕэ Kit Jah диэн аатынан ыллыыр-туойар, айар үлэнэн дьарыктанар. Кини ырыалара киһини уһугуннарар тэтимнээхтэр, биирдэ истэн баран ону умнубаккын, иһиттэххинэ, ойон туран тэҥҥэ имигэстик хамсаныаххын баҕараҕын. Рэп ырыаларыгар сахалыы оһуохай дорҕоонноро, былыргы өбүгэлэрбит куоластара ыраахтан иһиллэн ааһарга дылыгар.
Барыта – бэйэм…
Kit Jah оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, хоһоон суруйар буолбута. Ордук айылҕаны ойуулуурун сөбүлүүрэ. Кини айара да атын, бастаан ырыа матыыбын оҥорор, онтон тылларын төрөтөн таһаарар. Уолга арааһа бу талаан аҕатыттан бэриллибит быһыылаах. Kit Jah атын киһиэхэ, ураты тиэмэҕэ ырыа айара быдан чэпчэки. Эбэтэр, ол киһи туһунан тугу эрэ билэр, алтыһар буоллаҕына, айар кута уһуктарга дылы.
– Мин сайын ордук элбэҕи суруйар эбиппин. Ол аата онно үлэлиир-хамсыыр дьоҕурум ситэр, дууһалыын сырдыыбын уонна айыахпын баҕарабын. Оттон күһүн, саас хайдах эрэ уостан чуумпурабын. Кыһын иэйиим киирбэт, киһи ханна да барбат-кэлбэт, мин туспар дойдум «хаайыыга» кубулуйбукка дылы буолар. Бу сатабылым миэхэ хос эбэбиттэн бэриллибит эбит. Урут кэпсиирэ, киниэхэ биир тылы этэн биэрдэхтэринэ, ол онтон кини бүтүн хоһоону суруйан таһаарар үһү. Ол иһин, ырыаны айарым миэхэ быдан чэпчэки.
Дьонум
Оҕо сааһым тыаҕа ааспыта. Соҕотох ийэҕэ биэс буолан иитиллибиппит. Кини биһигини биирдэ да аччыктаппатаҕа, таһырдьа хоннорботоҕо. Онон ийэбит барахсан биэс оҕону иитэн атахпытыгар туруорбутугар дириҥ махталлаахпыт.
Төрөппүттэрим эрдэ арахсыбыттара. Ол эрээри эр киһи хантан төрүттээҕин хайаан да билиэхтээх диэммин, аҕабынан өбүгэлэрбин билэ улааппытым. Бастаан «аҕам миэхэ тугу да хаалларбатах» дии саныырым, билигин кэлэн толкуйдаатахха, ырыа хаалларбыт эбит. Мин ырыаларбын оҕолор сөбүлээн истэллэр. Ол аата кинилэри туох эрэ үчүгэйгэ үөрэтиэхпин сөп эбит. Сүрүн соругум – ол.
Аата
Пааспарыгар Сүбэдэй Айыы-Арчылаан Дьулустаан Уола диэн ааттаах. Улаатан баран, үчүгэйдик толкуйдаан баран уларыппыт. Мин сахабын, оччоҕуна сахалыы ааттаах буолуохтаахпын диэбит.
– Сүбэдэй диэн сүбэ диэнтэн тахсыбыт. Айыы-Арчылаан Дьулустаан Уола. Ол аата миигин айыылар арчылааннар бу олоххо кэлбитим. Билигин бары нууччалыы ааттаахпыт, араспаанньалаахпыт. Тус бэйэм илдьэ сылдьыахтаах ааппын-суолбун төнүннэрдим. Билигин ким баҕарар аатын уларытыан сөп, оннооҕор хос эһэлэрин, эбэлэрин ааттарынан ааттаналлар. Холобур, мин тас дойдуларга таҕыстахпына, сахалыы ааттаах буоламмын, ураты норуот буоларбын, тыллаахпын-өстөөхпүн көрдөрөрбүнэн киэн туттуом.
Регги
Регги матыыба – дэгэрэҥҥэ майгынныыр. Бу хайысханы Боб Марли диэн Ямайка биллиилээх ырыаһыта айбыта. Регги саха тылыгар барсар буолан, үчүгэйдик иһиллэр.
Бастаан 2014 сыллаахха Kit Jah болҕойон истэн баран, сүрдээҕин сөбү-лээбит уонна ырыа суруйан холонон көрбүт.
– Сахаҕа саҥа хайысха эрээри, биһиги хааммытыгар регги баар. Кини тэтимэ сүрэх тэбиитин икки ардыгар тыаһыыр. Ол иһин киһини хайдах баҕарар бу тыаска үҥкүүлэтэр.
Cаҥа сулус
Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар «Новая Звезда» диэн ырыа куонкуруһугар Саха сирин аатын көмүскээбитим. Бу иннинэ «Фабрика звёзд» бырайыакка кыттыахтаах этим. Онно барыым кыайан табыллыбатаҕа. Ол иһин мин оннубар Нерюнгри уолун ылбыттара.
Оттон “Звезда” ханаал миигин «Новая звезда» бырайыакка ыҥырбыта. Бастаан 200-чэ киһи кастиҥҥа баара, үчүгэйдик ыллыыр дьону ылан испиттэрэ. Ону көрөн олус саарбахтаабытым. Бачча кэлэн баран “тугу эрэ ситиһиэхтээхпин” диэн толкуй киирбитэ. Ыллаабытым, сахалыы, ону дьүүллүүр сүбэ олус хайҕаабыта. Саха тылын олус үрдүктүк сыаналаабыттара. Кыттааччылар олус да үчүгэй куоластаахтар, онтон саамай толлубутум.
Продюсерым Ньургуйаана Николаевна миэхэ олус эрэнэр этэ. “Куттаныма, ситиһиилэниэҥ”, – диэн кынатыыр этэ. Онон киниэхэ күүскэ махтанабын! Сотору Москваҕа «Новая Звезда» кэнсиэригэр кыттыахтаахпын, билигин онно бэлэмнэнэ сылдьабын.
Инстаграм
Инстаграм нөҥүө мин киэҥ эйгэҕэ таҕыстым. Интэриниэт ситимигэр олох таласпатаҕым.
Арай, үлэм ирдэбилэ буолан, билигин инстаграмҥа олоробун. Бастакы видеобын балтым таһаарбыта. Аҕыйах чаас иһигэр көрөөччү болҕомтотун олус тардан, интэриэс бөҕө үөскээбитэ.
Ити кэннэ «Бууйа-бууйа» диэн ырыаны таһааран, улахан сыана эйгэтигэр кэлбитим. «Барыма» диэн ырыабын Санкт-Петербург, Москва кыргыттара ыллаабыттарын көрөн олус сэргээбитим.
Кыргыттар: «Саха тыла — олус кыраһыабай тыл» диэн суруйбуттар этэ.
Түмүк
Хаһыаты, кинигэни ааҕыҥ, үөрэниҥ диэхпин баҕарабын! Бу сиргэ киһиэхэ саамай наадалаах уонна сыаналаах өй буоллаҕа дии. Оскуолаҕытын этэҥҥэ бүтэриҥ. Сөбүлүүр үөрэххитигэр туттарсыҥ. Үлэһит буолуҥ.
Сорохтор тохсус кылаас кэннэ быраҕа сатыыллар, эбэтэр аҥаардас үөрэнэри сөбүлээбэт буолуу эмиэ баар. Бу олох сыыһа. Бэйэм маннык балаһыанньаҕа түбэһэн, билигин олус кэмсэнэбин.
Ыллаатахпына санаалыын чэпчиибин, үөрэбин-көтөбүн, үчүгэйгэ тардыһабын. Мин ырыабын истээччилэр эмиэ ураты турукка киирэллэрэ буолуо диэн эрэллээхпин. Инниким туһунан элбэҕи этэри туттунабын, барыта санаа-хоту табыллан иһэригэр эрэнэбин уонна итэҕэйбин!
Павел Ильин.