Бэйэҕэ эрэллээх буолуохха
Саха бүгүҥҥү күҥҥэ саамай биллиилээх боксера Василий ЕГОРОВ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара сэлиэнньэтиттэн төрүттээх. Боксанан оскуола саҕаттан дьарыктаммыт. Кини Россия спордун үтүөлээх маастара.
Тус тренердэрэ – А.И. Пахомов уонна И.Е. Шидловскай.
49 киилэҕэ Европа икки төгүллээх чемпиона (2015, 2017), Аан дойду үрүҥ көмүс призера (2015), Россия икки төгүллээх чемпиона (2014, 2016) уонна үрүҥ көмүс призера (2013).
Кини миэхэ ийэбинэн аймаҕым. Биирдэ түбэһэ түһэн, син өр кэпсэппиппит, таарыччы, интэриэһиргээбиппин барытын ыйыппытым. Сөп ээ, өр кэмнээх эрчиллиигэ сылдьар, араас күрэхтэһиилэргэ кыттар убайбын аны хаһан таба тутуомуй?
– Вася, эн хас сааскыттан спорт бу көрүҥүнэн дьарыктанаҕын?
– Кыра эрдэхпиттэн. 13 сааспыттан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах араас күрэхтэргэ кыттыбытым, спортсмен быһыытынан буспутум-хаппытым.
– Оччолорго бастакы тренериҥ ким этэй?
– Миигин кырабыттан Афанасий Федорович Петров эрчийбитэ. Хомойуох иһин, ытыктабыллаах киһим олохтон олус эрдэ туораабыта. Билигин миигин Георгий Балакшины Олимп пьедесталыгар тиэрдибит Россия үтүөлээх тренерэ Артур Иннокентьевич Пахомов эрчийэр.
– Убаай, эн араас таһымнаах күрэхтэргэ аан дойду үгүс дойдуларыгар сылдьыбытыҥ. Чуолаан, ханна?
– Мексикаҕа, Финляндияҕа, Болгарияҕа, Бразилияҕа, о.д.а.
– Ханнык күрэхтэһиилэргэ киирсэр эйиэхэ ыараханый?
– Ханнык баҕарар спортсмеҥҥа чэпчэки күрэхтэһии диэн суох, барыта ыарахан. 2015 сыллаахха Европаҕа чемпионнуурбар, 2016 сылга Аан дойдуга иккистиирбэр, ааспыт сыл Бразилия Рио-де-Жанейро куоратыгар ыытыллыбыт Олимпийскай оонньууларга кыттарбар кэккэ ыараханнардаах этэ. Онуоха эбии ыйааһыҥҥын сотору-сотору түһэринэриҥ эмиэ олус охсуулаах. Ол эрээри, ити туһунан бэйэтин ытыктыыр ханнык баҕарар спортсмен ыһа-тоҕо, ытыы-соҥуу кэпсээбэт үгэстээх. Мин эмиэ онтон туттунааччыбын.
– Спордунан дьарыктанар туһуттан, эн санааҕар, хас биирдии киһиттэн туох ирдэнэрий?
– Тулуурдаах, инниҥ диэки дьүккүөрдээх, кыайыыга эрэллээх буолуоххун наада. Ону таһынан, хайа да түгэҥҥэ, киһилии майгыгын-сигилигин сүтэрбэтиҥ, бэйэ бодотун тардынарыҥ ирдэнэр. Спорка араас барыта буолар. Мөккүөрдээх да балаһыанньа үөскээччи. Ол аайы най бардаххына сатаммат, аатыҥ-суолуҥ алдьанар, оччотугар төрөөбүт дойдугун да түһэн биэриэххин сөп. Ол иһин эрдэттэн бэйэҕэр эрэллээх, бэлэмнээх буолуохтааххын, күүскүн-уоххун тургутунан көрүөхтээххин. Дьиҥэр, онно төрүөт элбэх буоллаҕа.
Саха сирин араас күрэхтэһиилэргэ дорҕоонноохтук ааттата сылдьар боксер убайым Василий Егоров билигин Россия сүүмэрдэммит хамаандата бэлэмнэнэр түмсүүтүгэр эрчиллэ сылдьар. Ол эрээри, рингэҕэ киирсииттэн быыс-арыт булан, төрөөбүт-үөскээбит айылҕатын чэбдик салгынынан толору тыына таарыйа, дойдутугар сынньана кэлэр үтүө үгэстээх. Киниэхэ биир дойдулаахтара туох баар үчүгэйи, спорт эйгэтигэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Алина ЗАХАРОВА,
VI кылаас,
“Кыымчаан” пост.
Табаҕа, Мэҥэ Хаҥалас.