«Кимтэн кииннээххиний, хантан хааннааххыный?» диэн ыйытыыттан саҕалаан сахалар билсиһэр, сэһэргэһэр кэпсээннэригэр дойдуларыгар истиҥ сыһыаннаахтара, дойдумсахтара көстөр. Дойдуну үөрэтэр киһини ол иһин дойдуһут дииллэрэ саарбаҕа суох. Мин төрөөбүт дойдум Хоро нэһилиэгин туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыбыгар булбут матырыйаалларбын билиһиннэриэхпин баҕарабын.
Дмитрий Иванович Дьячковскай-Сэһэн Боло — дойдуһут. Кини 1934 сыллаахха төрөөбүт алааһыгар Сутуруолаахха былыргы малы-салы,таҥаһы-сабы мунньан саҕалаабыт. Аҕатын алта муннуктаах ампаарыгар тулатынааҕы нэһилиэктэртэн, алаастартан дьон-сэргэ урукку тэрили киниэхэ аҕалан туттарар буолбута. Хомуллубут экспонаттары Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр мусуойга биэрбиттэр.
1937 сыллаахха Сэһэн Боло уобаластааҕы мусуой археологическай экспедициятыгар кыттыбыт. Онно мусуой дириэктэрэ М.И. Ковинин, история-этнография сэбиэдиссэйэ И.Д. Новгородов уонна Боло буолан сылдьыбыттар. 1938 сыл күһүнүгэр Сэһэн Боло И.Д. Новгородовы кытары төрөөбүт нэһилиэгэр Одьулууҥҥа археологическай хаһыылары ыыппыт. Салгыы Сэһэн Ивановиһы пуонданы харайааччынан үлэҕэ ылбыттар. Итинтэн ыла кини олоҕун тиһэх күннэригэр диэри ис дууһатыттан тартаран, кыраайы үөрэтиигэ таһаарыылаахтык үлэлээбит.
Сэһэн Боло 1933 сыллаахха почта открыткатыгар бу курдук суруйбут (фонд 1413, опись 416, №15): «Усть-Алданский район, Урочище «Мүрү» или «Тойон Мүрү» считается урочищем с очень древних времен. Здесь жили тунгусы — ламуты, которые занимались охотой, держали оленей. Жили племена – рыболовники и после место заселено якутскими племенами-рыболовниками, скотоводами. Еще во времена Тыгына на это место жили сильные родовые общины якуты – борогонцы с Легой тоеном; Хоринцы с богачем – ТарбыахТиис (или Кэлимсэ Тиис), которые имели множество скота, людей-воинов. Здесь устраивали игры-ысыах, состязания и советы общин. С этим урочищем и жителями нынче связано много легенд и преданий исторического содержания». Запись в октябре 1933 г. С. Боло».
Хоро туһунан өссө биир үһүйээни архыыпка Иван Дмитриевич Новгородов тиспит. Иван Дмитриевич Новгородов — биллэр кыраайы үөрэтээччи, археолог, этнограф уонна историк. 1899 сыллаахха балаҕан ыйын 2 күнүгэр Дүпсүн улууһугар (билиҥҥитэ Уус-Алдан улууһугар) Түүлээх нэһилиэгэр төрөөбүт. 1913-1917 сылларга церковно-приходской оскуолаҕа, 1919-1922 сылларга — Дьокуускайдааҕы педагогическай техникумҥа, салгыы Иркутскайдааҕы государственнай университекка, 1931 сыллаахха диэри Илиҥҥи норуоттар институттарыгар аспирантураҕа үөрэммит. 1942-1945 сылларга Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр мусуой дириэктэринэн үлэлээбит. Кини Саха сирин норуоттарын 17-с-20-с үйэлэрдээҕи материальнай уонна духуобунай культураларын чинчийбит.
Иван Дмитриевич Новгородов «Якутские легенды об Омогое, Эллее, Улуу-Хоро. 1945 г. 65 л.» (фонд 1413, опись 400.) диэн «Из личного архива Новгородова И.Д.» диэн паапкатыгар 56-с нүөмэрдээх лиискэ иннигэр уонна кэннигэр, 57-с страницаҕа ( суруллубут күнэ-муус устар 30 күнэ,1942с.) бу курдук суруллубут: «Жили племя — Хоро- (Хоролор)… Они имели конного скота-лошадей и были прекрасные всадники… А весной, с наступлением лета они встали и проводили свои мрачные жизни. Впоследствии хоролоры … с якутами, на что мужчины были истреблены, а женщины взяты в жены (по преданиям колымских якутов).
Төрөөбүт дойдубут туһунан үөрэтии-чинчийии тиһигин быспакка салҕанан баран иһэрэ наада. Биһиги ыччаттар сайдыылаах үйэҕэ олорон өбүгэлэрбит тустарынан дьаныһан үөрэтиэхтээхпит, сурукка-бичиккэ тиһэн кэлэр көлүөнэлэргэ харыстаан, хомуйан хаалларыахтаахпыт.
Айталана ПУХОВА,
В.А. Протодьяконов-Кулантай аатынан Майаҕас орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ,
Уус-Алдан.