Академик В.П. Ларионов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи XXVIII «Инникигэ хардыы» эдэр чинчийээччилэр научнай-бырактыкалыы кэнпириэнсийэлэрин истиэндэбэй түһүмэҕэ буола турар.
Тэрээһин уопсайа 42 хайысханан үлэлии турар. Олортон биир саамай интэриэһинэйдэрэ, аныгы кэмҥэ дьон олоҕун чэпчэтэргэ туһаайыллыбыт хайысха «Информатика и компьютерные науки: Сквозные цифровые технологии» буолар.
Бу хайысхаҕа 40 кыттааччы бэйэлэрин үлэлэрин дьүүллүүр сүбэ иннигэр көмүскээтэ. Ол курдук, кыттааччылар араас роботизированнай тэриллэрэ сир үлэтигэр киһини солбуйар, салгыҥҥа көтө сылдьан сүппүт дьиэ кыылларын көрдүүр, ойуур баһаарын эрдэттэн көрөн сэрэтэр о.д.а аналлаах айыллыбыттар.
Ол курдук, «Нейрокомбайн на базе лего» диэн үлэлээх А.Н. Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Семен Степанов бэйэтин бырайыагын туһунан бу курдук кэпсээтэ: «Мин бырайыагым тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр киһи эчэйиитин аччатар сыаллаах оҥоһулунна, ол курдук, бу комбайн иннигэр кыыл, киһи, эбэтэр атын эттик баарын датчигынан көрөн тохтоон хаалар, ону таһынан, саамай сүрүнэ диэн ыраахтан пультанан салайыахха сөп».
Онтон Алдан улууһун хатыстыыр нэһиэлигин 20-с нүөмэрдээх оскуола 6 кылааһын үөрэнээччитэ Коля Порядин бэйэтин илиитинэн оҥорбут дронун туһунан сырдатта: «Бу дроммун ыстаадаҕа табалар сүттэхтэринэ көрдүүргэ туһаныахха сөп диэн оҥордум, ону таһынан, ойуур баһаарын эрдэттэн көрөн миэрэ ыларга туһаныахха сөп. Дьиҥнээх дроннарга тэҥнээтэххэ ккыамтата арыый кыра, ол эрэн, сыанатынан быдан удамыр».
Онтон Арктикатааҕы Норуоттар икки ардыларынааҕы Оскуола 8 кылааһын үөрэнээчитэ Михаил Кисилев бэрт интэриһинэй бырайыагын туһунунан бу курдук кэпсээтэ: «Киһиэхэ былыр-былыргыттан икки илиитэ тиийбэт түгэннэрэ үгүстүк көстөллөр. Ол иһин мин бу кыһалҕаны быһаараары киһиэхэ эбии үһүс-төрдүс илии наада эбит диэн толкуйдаабытым. Уонна бу бырайыагы саҕалаабытым. Мин бырайыагым аата «Разработка дополнительных рук на ЭМГ датчиках» диэн, ол эбэтэр роботизированнай илиилэр киһи былчыҥнарыттан кэлэр токтары ааҕан анал дьайыылары оҥороллор»
Маны таһынан араас ыарахан малы таһар, сааһылыыр, араарар (сортировкалыыр) манипулятордар, булчуттарга анаан кыһыл кинигэҕэ киирбит көтөрдөрү көрөн араарар гаджет, чааһынай дьиэҕэ күөх төлөн быыһылыырын сэрэтэр датчик онтон да атын киһи олоҕун быыһыыр, чэпчэтэр бырайыактар киһини сөхтөрөллөр, үөрдэллэр.
Өлөөн улууһун Харыйалаах орто оскуолатын нуучча тылын учуутала Егорова Полина Прокопьевна кыттааччыларга кэнпириэнсийэ туһунан санаатын уонна оҕолорго баҕа санаатын эттэ: «Быйыл 55-с сылбын оскуолаҕа үлэлиибин, уонна бу үлэлиирим тухары «Инникигэ Хардыы» бастакы кэнпириэнсийэтиттэн саҕалаан оҕолору кытыннарабын, элбэх оҕом Дипломан, Лауреат ааттарын ылбыттара. Академик Владимир Петрович Ларионовы лично билэр этим. Түгэнинэн туһанан тэрийээччилэргэ, Өрөспүүбүлүкэ салайааччыларгырар, Билим Алын Академиятын үлэһиттэригэр махтаныахпын баҕарабын. Быйылгы сылга Өлөөн улууһуттан 16 оҕону кытыннара аҕаллыбыт. Бу кэнпириэнсийэ ыытыллара оҕолорго сүрдээх туһалаах. Оҕону иитиигэ, оҕо кыаҕын арыйыыга улахан суолталаах.Салайааччылрга этиэхпин баҕарабын, оҕолору сааскыттан дьарыктыыр үчүгэй, оччоҕуна толору сиппит үлэни көрдөрөҕүн. Барыгытын кэлбит саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин, саҥа сыл элбэх ситиһиини аҕаллын».
Бу курдук Академик В.П. Ларионов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи XXVIII «Инникигэ хардыы» эдэр чинчийээччилэр научнай-бырактыкалыы кэнпириэнсийэлэрин истиэндэбэй түһүмэҕэ бэрт сэргэхтик ааста. Сарсын сиэксийэлэринэн арахсан салҕыы үлэлэрин көмүскүүллэр. Кыттааччыларга ситиһиини баҕарыаҕыҥ.
Keskil14.ru