«Кэскил» хаһыат оҕо олоҕунан олорор, биһигинниин бииргэ үөрэнэр, үҥкүүлүүр, ыллыыр, кэпсээн кэпсиир, хоһоон суруйар, көрүдьүөстүк күлэр-үөрэр, суот суоттуур, дуобат оонньуур. Ону сэргэ сиэр-майгы, олох олоруу туһунуу кэпсэтэр. «Кэскил» биһиги сүбэһит-амаһыт доҕорбут кэтэһиилээх ыалдьыппыт. Күн бүгүҥҥэ диэри, информационнай технология сайдыбыт кэмигэр, хаһыаппыт Интернет ситимигэр киирэн, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаһар.
Биһиги Павловтар дьиэ кэргэн сыл ахсын араас хаһыаты суруйтаран ааҕабыт. Дьиэ кэргэн хас биирдии киһитэ бэйэтэ туспа сөбүлээн, кэрэхсээн, интэриэһиргээн ааҕар хаһыаттаах. Миэхэ оннук хаһыатынан «Кэскил» буолар. Оннук дьарыкка миигин эбэм уонна ийэм сыһыарбыттара.
Эбэм Павлова Роза Евсеевна, саха тылын уонна литературатын учуутала, үөрэппит оҕолоругар «Дьоҕур» поһу тэрийэн үлэлэппитэ. 55 №-нэн «Бэргэн» пресс-агенствоҕа регистрацияламмыт. Куруһуок оҕолоро оскуола, нэһилиэк сонунун «Кэскилгэ», улуус хаһыатыгар «Дабааҥҥа» суруйтуур эбиттэр. Көхтөөх үлэлэрин иһин, бастыҥ суруйууларын иһин 10-чэ оҕо «Океан», «Орленок» лааҕырга сынньанар путевканан наҕараадаламмыта. 5 оҕо Лена өрүс устун круизка сылдьыбыта, элбэх оҕо сыаналаах бэлэхтэринэн биһирэммитэ.
Таайым Егор VII кылааска сылдьан «Мин дьиэ кэргэним» диэн күрэххэ кыттан, Швейцарияҕа барар путевканан наҕараадаламмыта. Итинтэн сиэттэрэн омук сирдэригэр Англияҕа, Шотландияҕа үөрэммитэ.
Убайым Егорка аахпат, суруйбат эрдэҕиттэн хаһыаты кытта билсэн улаатта. Кини 5-с кылаастан «Дьоҕур» поска дьарыктаммыта, Оскуоланы бүтэриэр диэри «Кэскил» хаһыат эрэллээх корреспондена буолара. Убайым этэринэн, «тапталлаах хаһыаппыт балаһаларын аахтаххына, толкуйдуур дьоҕуруҥ сайдар, элбэх саҥаны-сонуну билэҕин, көрөҕүн. Ааҕарыҥ түргэтиир, кэпсииргэ үөрэнэҕин». «Кэскилгэ» Егор уопсайа 30-чэ ыстатыйата бэчээттэммитэ. Көхтөөх үлэтин иһин хаһыат аатыттан грамоталарлаах, «Океан» лааҕырга сынньанан кэлбитэ. «Кэскили» кытта тэҥҥэ улаатан, республикаҕа, Казань куоракка чинчийэр үлэҕэ үгүс ситиһиилэнэн, оскуоланы кыһыл көмүс мэдээлинэн бүтэрэн, билигин үлэһит, аспиарант.
Ийэм Мария Егоровна оскуола саҕаттан эмиэ «Кэскил» хаһыакка суруйара. V кылаастан «Дьоҕур» поска дьарыктанан, элбэх заметката «Кэскилгэ» бэчээттэммитэ. Билигин Мария Егоровна төрөөбүт-үөскээбит оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан, «Дьоҕур» эдэр кэрэспэндьиэннэр куруһуоктарын салайар. Кэлэр кэнчээри ыччаты айар үлэҕэ сирдиир, дьарыктыыр.
Мин эмиэ алын сүһүөх кылаастан «Кэскиллиин» доҕордоһон кэллим. 5-с кылаастан «Дьоҕур» куруһуокка дьарыктанабын. Хаһыат ыытар күрэхтэригэр бэйэм кыахпынан көтүппэккэ кыттабын, заметкаларбын ыытабын.
Онон, түмүктээн эттэххэ, “Кэскил» хаһыат саха оҕотун инникитин түстүүр, кэлэр олоҕун салайар. Кини күүһэ муҥура суох.
Ийэм этэринии, киэҥ билиилээх, эйэҕэс элбэх доҕордоох, аһыныгас сүрэхтээх, төрөөбүт дойдубутугар, айылҕабытыгар чугас буола улаатарбытыгар «Кэскил» хаһыаппыт үтүө сүбэһит, эрэллээх доҕор диэн өйдөөтүм.
«Кэскил» хаһыат хас биирдии саха ыалыгар күндү ыалдьыт буолан кэлэ турарыгар баҕарабын.
«Кэскили» суруйтарыҥ диэн ыҥырабын!
Дуолан Павлов, 6 кылаас үөрэнээччитэ,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.