ОҔО ЛИТЕРАТУРАТЫН ТУҺУНАН
“Кэскил” (“Бэлэм буол”) хаһыаппыт Бочуоттаах эрэдээктэрэ Нина Иннокентьевна ыллыктаах санааларын сурукка тиһэн хаалларбыт рукопистарын редакция архыыбыттан булан, бэчээттээн, саҥа кэм ирдэбилинэн электроннай көрүҥҥэ киллэрэн, ааҕааччы киэҥ сэҥээриитигэр анаан таһаарабыт.
Биһиги хаһыаппыт, оҕо хаһыата, оҕону,ыччаты коммунизм тыыныгар иитиигэ хаһыат тус бэйэтин жанрдарын таһынан, уус-уран литература бары көрүҥэ буолар. Буолаары буолан, саамай тиийимтиэ, саамай өйдөнүмтүө, саамай ааҕыллымтыа көрүҥүнэн буолар.
Ол эрээри, онно биһиги тала сылдьан саамай бастыҥтан бастыҥ, чулууттан чулууну биһиги кыракый ааҕааччыларбытыгар бэчээттиир кыахпыт суох. Ол эбэтэр уус-уран айымньы киирбэт. Онон буруйу бэйэбититтэн устуммакка туран, суруйааччыларга хомолтобун этээри гынабын, «кыраларга улахан литература баар буолуутун туһугар кыһаллыахтаахпыт» диэн Горькай олохтообут үгэһин олоххо киллэрбэппит эбэтэр биһиги сахабыт литературатыгар «кыраларга улахан литературалаахпыт» диир кыаҕа суохпут.
1978 сыллаахха биһиги хаһыаппыт 104 нүөмэрэ тахсыбыт буоллаҕына, саха суруйааччыларын айымньылара хаһыат 14 эрэ нүөмэригэр тахсыбыттар. Онно Семен Никифоров, Семен Данилов, Анастасия Сыромятникова, Петр Тобуроков, Иннокентий Эртюков, Петр Аввакумов, Феоктист Софронов (ити псевдонима, толору аата — Степан Феоктистович Софронов), Платон Ламутскай, Моисей Ефимов, Николай Якутскай, Иннокентий Артамонов айымньылара киирбиттэрэ. Итиннэ мин астынымаары гынабын. Уус-уран айымньы сакаас быһыытынан суруллубат дииллэр, онон бүтэйдии көһүтэрбитигэр тиийэбит.
Сыалланан-соруктанан, мэлдьи оҕолорго анаан үчүгэйкээн айымньылары Петр Тобуроков суруйар.
Оҕоҕо аналлаах уус-уран айымньы суруллуутун көҕүлүүр сыалтан, биһиги редакциябыт Үөрэх министерствотын уонна комсомол обкомун кытта кыттыһан, сабыылаах литературнай куонкурустары биллэрбитэ. Ааспыт сыл ахсынньытыгар Октябрьскай революция уонна Комсомол 60 сылларыгар аналлаах икки сыл устатыгар барбыт куонкурус түмүктэммитэ. Ол иннигэр В.И. Ленин аата комсомолга уонна пионерскай тэрилтэҕэ иҥэриллибитэ 50 сылын туолуутугар аналлаах куонкурус ыытыллыбыта. Ити икки куонкуруска поэзияҕа 24 айымньы, ол иһигэр 6 поэма, 18 хоһоон, прозаҕа — 52, драмаҕа 5 айымньы киирбиттэрэ. Онтон бастакы куонкуруска 15 айымньы бириэмийэлэммититтэн Союз чилиэнэ 3 баар: Михаил Тимофеев, Петр Тобуроков, Иван Федосеев. Иккис куонкуруска 8 айымньы бириэмийэнэн хайҕаммытыттан, биир даҕаны Союз чилиэнэ суох. Киирэн да баран, хаалбыт суох. П. Тобуроков поэмата наһаа улаханынан куонкуруска ылыллыбатаҕа.
Онон биһиги куонкурустарбытынан суруйааччылары хайдах да кыайан интэриэстэрин тарпатыбыт, ол эрээри билигин даҕаны эрэлбитин сүтэрбэппит. Билигин эмиэ биир куонкуруһу Минпростуун уонна обкомоллуун биллэрээри сылдьабыт.
Ол эрээри биһиги куонкурустарбытыгар литератураҕа күүстэрин холонор, дьоҕурдаах, суруйар дьон оҕоҕо анаан суруйарга интэриэстэрин көтөҕөр дии саныыбыт, биһиги куонкурустарбытыгар хайҕаммыт айымньылар кинигэ буолан тахсыылара аҕыйаҕа суох.
Мин оҕоҕо ананан тахсыбыт айымньылары да (бэйэм да хаһыатым киэнэ буоллун), кинигэлэри ырытар сыалым да, кыаҕым да суох. Критиктэр ону миигинэ да суох оҥорор дьон буолуо.
Онон уопсай тылынан бэйэм санаабын этиэхпин баҕарабын:
1. Биһиэхэ киирэр айымньылартан сылыктаатахха, үгүс дьоҥҥо маннык өйдөбүл баар: оҕо литературата диэн оҕо туһунан литература диэн. Оҕоҕо оҕо эрэ туһунан суруллуохтаах диэн. Ол сөп – оҕону кини бэйэтин саастыылаахтарын холобуругар иитиэхтээхпит.
Ол эрээри, оҕону улахан киһи холобуругар эмиэ такайыахтаахпыт. Улахан дьон олорор олохторун, үлэлиир үлэлэрин кытта билиһиннэриэхтээхпит. Оҕоҕо аналлаах дьыалабыай кинигэ баар буолуохтаах.
2. Белинскэй этэн турар: «Чтобы говорить образами с детьми, надо знать детей, надо самому быть взрослым ребенком» – диэн.
Онон оҕоҕо аналлаах айымньы ким даҕаны, туох даҕаны туһунан буоллун, суруйааччы оҕо хараҕынан, оҕо өйдөбүлүнэн салайтаран, оҕо өйдүүр тылынан суруйуохтаах. Оҕо аатырбыт суруйааччыта Николай Носов оҕолору кытта үгүстүк көрсүһэрэ диэн суруйаллар. Кини айымньыларыгар сүнньүнэн бэйэтин дьиэтин иһинээҕи төрөппүт оҕолорун, сиэннэрин кэтээн көрүүтүгэр олоҕуран суруйара дииллэр.
Оҕоҕо анаан суруйарга киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук оҥоро сатаан суруйуу элбэх буолар. Эмиэ да остуоруйа, эмиэ да фантастика буолбатах айымньыга киһи итэҕэйбэт түгэннэринэн – оҕо хайаан да итэҕэйиэ диэн оҕону сэнии санаан киллэрии баар буолар. Герой көрсөр ыарахаттара искусственнай буолбакка, бэйэтиттэн бэйэтэ ситэриллэн тахсан иһэр логикалаах буолуохтаах. Оҕо оҥоро сатааһыны тута өйдүүр, ааҕа барбат.
Н.К. Крупская этэн турар: «Нам нужны такие книжки, которые говорили бы с ребятами всерьез, не сюсюкая».
3. Оҕо суруйааччыта хайаан да педагогическай кредолаах буолуохтаах. Биһиэхэ киирэр айымньыларга, айылҕа туһунан суруйууларга булчут киһи кыайыытын-хотуутун көрдөрөөрү, кыылы туох да аһыныыта суох хааннаан-баастаан, сэймэктээн өлөрүүтүн туһунан натуралистическай суруйуу үгүс буолар. Эбэтэр гражданскай сэрии түгэннэриттэн өстөөх наһаа кыыллыы киирсиини сиһилии суруйуу баар буолар. Холобур, биһиэхэ куонкуруска биир айымньы киирбитэ тахсыбатаҕыттан билиҥҥэ диэри хомойо саныыбын. Манна суруйааччы омсолоох геройдарын сиэри таһынан наһаа дьиикэй быһыылаабатаҕа буоллар, үчүгэй соҕус айымньы буолуо этэ дии саныыбын.
Биһиги оҕоҕо аналлаах сахалыы литературабытыгар ханнык ис хоһоонноох литература уонна туох форма тиийбэтий, мин санаабар?
Саха сирин историятын, Саха сиригэр советскай былааһы олохтооһун туһунан оҕоҕо тиийимтиэ литература суох. Үөрэнээччи история уруоктарыгар Россия, советскай кэм историятын билэр, үөрэтэр. Өскө ону үчүгэй учуутал түбэһэн, Сахатын сирин историятын кытта сибээстиир буоллаҕына, үчүгэй. Онтон сибээстээбэт буоллун?
Өскө бу итэҕэһи кинигэ издательствотын көмөтүнэн толорор буол. Ону хайдах толоруохха сөбүй?
«Детская литература» издательство “Как победила революция” – Октябрьскай революция ветераннарын, “Как сражалась революция” – гражданскай сэрии кыайыылаахтарын, “Революция строит социализм” – 20-с, 30-с сылларга социализм тутуллуутун туһунан ити сыллардаахха бастыҥ рабочайдар, тыа хаһаайыстыбатын биллиилээх үлэһиттэрин ахтыыларын хомуурунньуктарын сериятын таһаарар. Өссө да бүгүҥҥү күҥҥэ диэри салгыыра буолуо.
Сити курдук, серия да буолбакка, саатар биир сборнигы Саха сиригэр советскай былааһы олохтооһун, туругурдуу кыттыылаахтарын, колхознай тутуу ветераннарын, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыайыылаахтарын ахтыыларын о.д.а. биллэн турар туһааннаах кэмҥэ сөп түбэһэр чаҕылхай эпизодтары ылан – биир сборнигы оҕолорго анаан ону докумуоннарынан, фотографияларынан иллюстрациялаан таһаарара буоллар.
Өскө маны салгыы этэр буоллахпына, Саха сирин суруйааччылара оҕоҕо аналлаах историческай сэһэн саха литературатыгар Софрон Данилов «Манчаарытыттан» ураты, суох. Саха сирин революция иннинээҕи кэми, Саха сирэ Россия састаабыгар киириитин, Саха сиригэр нуучча үс көлүөнэ революционердара сыылкаҕа сылдьыыларыгар чаҕылхай орто уонна улахан саастаах орто уонна улахан саастаах оҕолорго аналлаах историческай матырыйаал историктар айымньыларыгар баһаам. Онно олоҕурбут историческай уус-уран айымньы айыллара буоллар, бэрт да буолуо этэ. 1982 сылга Саха сирэ Россияҕа холбоспута 350 сыла туолуутун улахан бырааһынньыга бэлиэтэнэрэ хоһуйуллар. Ити датанан сибээстээн, биир эмэ суруйааччы сорук оҥостон итинник ис хоһоонноох айымньыны оҕолорго бэлэхтиирэ буоллар бэрт буолуо этэ. Нуучча советскай литературатыгар оҕолорго анаан историческай роман, сэһэн элбэхтик суруллара биһиэхэ холобур буолуохтаах.
Өссө бу историческай датаны салгыы этэр буоллахха, борис Могилевскай оҕоҕо аналлаах айымньытын сүрүн геройдара — учуонайдар, революционердар Пирогов, Сеченев, Мечников, Тимирязев, о.д.а. Бу дьон наукаҕа, киһи олоҕун уларыта тутууга киллэрбит үтүөлэрэ-өҥөлөрө сүҥкэн. Ол эрээри суруйааччы айымньылара ол туһунан буолбатах. Кини геройдарын оҕо саастара – кинилэр характердара, өйдөрө-санаалара хайдах хатарыллыбытын туһунан эбэтэр революционердар көҥүл иһин охсуһуулара, учуонайдар научнай арыйыылара барыта норуот туһугар олоруу, үлэлээһин – суруйааччы итини барытын нравственнай төрүөтүн арыйан көрдөрөр.
Онтон биһиги сахабыт литературатыгар саха бастакы революционердарын, гражданскай сэрии кыайыылаахтарын, геройдарын, оҕо, эдэр саастарын көрдөрөр, кинилэр охсуһууларын туспа героическай эпизодтарыгар олоҕурбут уус-уран айымньылар оҕолорго булгуччу наадалаахтара саарбаҕа суох.
Л.И. Брежнев: «Давно уже стали легендой те годы. Но о них важно помнить, чтобы полнее, ярче представлять себе масштабы перемен», – диэн этиитинэн салайтаран, историческай тема бүгүҥҥү күннээҕи киһи иитиитигэр туһалыыр күннээҕи тема, күннээҕи ирдэбил эбэтэр современность буолара саарбаҕа суох диэн мин өйдүүбүн.