Биһиги гимназиябытыгар оҕону араас өттүттэн сайыннарар сыалтан үгүс тэрээһиннэр күннэтэ кэриэтэ буолаллар. Олортон биирдэстэрин кыргыттар икки ардыларыгар ыытыллар үгэс буолбут «Кэрэ Куо» куонкуруһу ааттыахха сөп. Быйыл 12 кэрэчээн кыыс кыттыбыта.
Куонкурус кыайыылааҕынан Сахаяна Матвеева буолбута.Биһиги Сахаяналыын кэпсэттибит, куонкурус туһунан санаатын туоһуластыбыт.
– Сахаяна, «Кэрэ Куо» үрдүк ааты ылбыккынан истиҥ эҕэрдэ! Бастатан туран, билсиэххэ.
– Махтал. Мин С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын XI кылааһын үөрэнээччитэбин. Матвеевтар дьиэ кэргэн улахан кыыстара буолабын. Бииргэ төрөөбүт убайдаахпын уонна балтылаахпын. 2005 сыллаахха тохсунньу 10 күнүгэр күн сирин көрбүтүм.
– Куонкуруска кыайыам дии санаабытын дуо?
– Суох эрээри, эрэл баара (күлэр). Кылгас кэм иһигэр барытын толкуйдаан быһааран, түргэнник бэлэмнээх буолбутум. Улахан көмө-ама ийэм, үҥкүүм учуутала, кылааһым салайааччыта уонна дьүөгэлэрим буолбуттара. Кинилэргэ олус күүскэ махтанабын.
– Биир кэлим эксээмэн туттараары да сырыттаргын быыс булан чаҕылхайдык кытыннын дии. Ханнык биридимиэттэри туттараары сылдьаҕыный?
– Кэрэхсээн уонна умсугуйан үөрэтэр биридимиэттэрбин аангылыйа тылын уонна обществознаниены талбытым. Үөрэхпэр күүскэ кыһаллабын, маҥнайгы кылаастан саҕалаан туйгун сыанаҕа үөрэнэбин. Ол иһин олох эрдэттэн быһаарынан күүскэ бэлэмнэнэбин.
– Үөрэхтэн атын өссө атын туох интэриэстээххиний?
– Үөрэҕим таһынан үҥкүүлүүбүн, гитараҕа оонньуубун уонна быыһыгар уруһуйдуурбун ордоробун.
– Олус бэрт, түмүккэ өрөспүүбүлүкэ кыргыттарыгар баҕа санааҥ.
–Бэйэм саастыы кыргыттарга куруутун сырдыкка, үтүөҕэ тардыһыҥ, кэрэни кэрэхсээҥ диэн сүбэлиэхпин баҕарабын.
Кэпсэттэ Наташа МАКАРОВА, Чурапчы гимназиятын пресс-киинин юнкора.