Тохсунньу 28 күнүгэр Кэбээйи нэһилиэгэр улууспутугар маассабай спорт көрүҥүн сайыннарар, чөл олоҕу көҕүлүүр сыаллаах оскуола оҕолоругар уонна улахан дьон икки ардыларыгар волейбол күрэҕэ буолан ааста.
2008-2009 сыл төрүөх кыргыттарга уопсайа түөрт хамаанда кииристэ. Тыҥааһыннаах киирсии кэнниттэн кыайыы өрөгөйүн Сангаар хамаандата биллэ, иккис бочуоттаах миэстэҕэ Куокуй хамаандата, үһүс миэстэҕэ – Чагда хамаандата уонна төрдүс миэстэҕэ Кэбээйи нэһилиэгин хамаандата тигистэ.
Уолаттарга 1 миэстэҕэ — Сангаар хамаандата, иккис миэстэҕэ — Кэбээйилэр, үһүс миэстэҕэ — Куокуй уолаттара тахсан, үөрдүлэр-көттүлэр.
Маны таһынан Тыайа хамаандата зачёту таһынан киирсэн, эмиэ бастакы миэстэни ылыаҕын ылла.
Оттон дьахталлар уонна эр дьон күрэхтэрэ икки күн устата ыытылынна. Эрбии тииһин курдук эрийсэн, түмүккэ Сангаар бөһүөлэгин хамаандалара ситиһиилэнэн бардылар.
Кэлбит ыалдьыттар, кыттааччылар уонна тэрийээччилэр — бука бары спорт бырааһынньыгыттан астынан, дуоһуйан тарҕаспыттара буолуо диэн эрэнэбит.
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.