Оскуолабыт 1930с.төрүттэммитэ. Онтон ыла, 92 сыл ааста, бу сыллар тухары үлэ хайысхатыгар араас уларыйыылары барытын көрсөн кэллэ. Ол эрэн, тыа оскуолатын сүрүн төрүөтүнэн буолбут оҕону үлэнэн иитии хайысхата мэлдьи тутуһуллан, сайдан кэллэ. 80-с сыллартан 2014 сылга диэри дириэктэринэн СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Спиридонов М.С., үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн СӨ үтүөлээх учуутала, СӨ мэтэдьииһэ Иванова А.Д. үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Билигин дириэктэринэн Эверстов Е.П., дириэктэри научнай-методическай үлэҕэ солбуйааччынан Аммосова Т.К. үлэлии сылдьаллар.
2014 сылтан оскуолабыт Арассыыйа агрооскуолаларын сойууһугар киирбитэ. Арассыыйа таһымыгар кыралаан да буоллар ситиһиилэр бааллар. Ону сиһилии оскуола сайтыттан билсиэххитин сөп.
Бу суруйуубутугар быйыл Мукучуттан төрүттээх республикабыт тыатын хаһаайыстыбатын бөдөҥ салайааччыта, Ленин, Үлэ Кыһыл Знамята, Хотугу сулус орденнарынан наҕараадаламмыт, Саха АССР үтүөлээх агронома, РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, дьулуурдаах үлэтинэн аар –саарга аатырбыт Албан ааттаах биир дойдулаахпыт , бу үлэҕэ туох баар олоҕун, өйүн – санаатын, күүһүн – кыаҕын барытын ууран үлэлээбит, Таатта улууһун Петр Алексеев аатынан совхоһу салайбыт Семен Гаврильевич Жирков төрөөбүтэ 100 сылын туоларыгар ананан ыытыллыбыт үлэни сырдатыахпыт.
Семен Гаврильевич Жирков 1922с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр төрөөбүтэ. Үтүө аата Мукучуга “Албан аат түһүлгэтигэр” үйэтитиллэн турар. Бу күн нэһилиэк общественноһа, үөрэнээччилэр, Жирковтар, Ивановтар аймах кини туһунан ахтыы, уус-уран монтаж устан Тааттаҕа ыыппыппыт.
Алтынньы 21 күнүгэр Жирков С.Г. төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах икки оскуола икки ардыгар (биир оскуола Мукучу гимназията) научнай – практическай конференция буолбута. Бастаабыт үлэлэр Таатта улууһун Уус- Таатта оскуолатыгар ыытыллыбыттара.
Сэтинньи 17 күнүгэр Албан ааттаах биир дойдулаахпытыгар аналлаах “Олохтоох бородууксуйа” дьаарбаҥката ыытылынна. Маныаха, Мукучу нэһилиэгин тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, аһы-үөлү астыыр тэрилтэлэрэ, Танара орто оскуолата, “Дьоҕур кыһата” эбии үөрэхтээһин киинэ, биирдиилээн чааһынай дьоннор бары кытыннылар.
И.Е.Левин аатынан Танара агрооскуолатыттан VI кылаастан үөһээ оҕолор, учууталлар, үлэһиттэр кытыннылар. Биһиги оскуолабыт сорох кылаастара бэйэлэрэ астыыр – үөллүүр оборудованиелаахтар. Ол тэриллэрбитин оскуолабыт научнай салайааччыта, тыа хаһаайыстыбатын наукатын доктора Степанов К.М. бэлэхтээбитэ, сороҕун оскуола атыыласпыта.
Ол курдук, VI кылаастар (кылаас салайааччыта Ноговицына А.П.) попкорн оҥорор тэриллээхтэр, эбии дьиэлэриттэн араас аһы астаан атыылаатылар.
VII кылаастар (кыл.сал. Эверстова Л.С.) – кинилэр төрөппүттэрин көмөлөрүнэн араас аһы бэлэмнээн кытыннылар, маныаха, төрөппүт А.А.Алексеева Арыылаах учаастагыттан кэлэн олус көмөлөстө.
VIII кылаастар (кыл. сал.Кычкина М.П.) эмиэ төрөппүттэрин, учууталларын көмөтүнэн бэрт сэргэхтик кытыннылар.
IX кылаастар (кыл.сал. Новиков А.С.) мороженай оҥорор тэриллээхтэр. Онон үс араас (сакалааттаах, барыанньалаах, үрүҥ) мороженайы оҥорон кытыннылар.
X кылаастар ( кыл. салайааччыта Местникова Е.А.) шаурма оҥорор уонна саахар баататын оҥорон көрдөрдүлэр, дьон кэрэхсэбилин ыллылар.
XI кылаастар (кыл.сал.Афанасьева В.А ) кинилэр араас битэмииннээх коктейллары оҥорон атыылаатылар. Кылаастарынан саамай элбэх суумманы 8 кылаас (кыл.салайааччыта Кычкина М.П.) киллэрдэ.
Уопсай түмүккэ, оскуолабыт нэһилиэк баһылыгын аатыттан “Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга” диэн тус сыаллаах 20000 солк.гранынан наҕараадаланна. Эбии, “Эмис ынах этэ”, “Эмис убаһа этэ”, “Саамай улахан собо”, “Саамай өлгөм астаах тэрилтэ” номинациялары ылла. Онон үөрүүбүт муҥура суох. Субу курдук, оҕо кыратыттан бэйэтэ үлэлээн аһын – үөлүн булунарга үөрэтии тыа оскуолаларын сүрүн соруга буолар.
“Арылы” – пресс-бөлөх, салайааччы –
Новикова К.Е.
Кэбээйи улууһа, Мукучу. И.Е.Левин
аатынан Танара орто оскуолата.