Кэбээйи нэһилиэгэр быстах хомуурга ыҥырыллыбыт биир дойдулаахтарбытыгар «Итии таҥаһы хомуйуу» үтүө аахсыйата түмүктэннэ.
Сэтинньи 15 күнүгэр «Үрүҥ көмүс волонтердар» чилиэттэрэ Т.Д. Максимова, И.В. Терехова нэһилиэктэн хомуллубут көмөнү ааҕан, наардаан 8 хоруопкаҕа уган бэлэмнээтилэр. Уопсайа 10 симкалаах телефон, 10 аптечка, 6 паара перчатка, 28 стелька, 3 комплект термобелье, спортивнай бүрүүкэ, кальсон, 133 паара термонаскы, 156 паара истээх фабричнай наскы, илии баайыыта 10 паара истээх шерстяной наскы хомулунна.
Бу үтүө дьыала аахсыйатыгар нэһилиэк тэрилтэлэриттэн балыыһа, Кэрэ эйгэ оскуолата, норуодунай театр, оскуола учууталлара, техүлэһиттэрэ уонна үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар. Ону тэҥэ аҕа саастаах ытык мааны кырдьаҕастарбыт биир бастакынан кытыннылар. В.А. уонна П.А. Кушнаревтар дьиэ кэргэттэрэ, үгэс курдук, бу да сырыыга аахсыйаттан туора турбатылар. Саха сирин эрэгийиэннээҕи салаатын «Якутский казачий полк» атамаана, биир дойдулаахпыт Ф.И. Бондарев 10 симкалаах телефон, 10 аптечка тиксэрдэ.
Ити курдук Кэбээйи нэһилиэгэ дойдуга ыытылла турар биир сүрүн тэрээһинтэн туора турбатыбыт.
Информацияны биэрдэ Г.К. Егоров, Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр музей директора.
Бэлэмнээтэ «Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.