Оҕолоор, көрүҥ эрэ, бу эһиги курдук оҕолор бэйэлэрин илиилэринэн уонна баҕа өттүлэринэн көрөр-истэр кыһыннары үлэлиир теплицалара. Манна араас баар: оҕурсуу, помидордар, араас кэрэ сибэккилэр уонна күөх үүнээйи. Маннык кэрэни Хаҥалас улууһун Улахан Аан агро-хайысхалаах оскуолатыгар көрүөххэ сөп .
Билигин саас саҥа саҕаланар, оттон кинилэр үүнээйилэрэ сайыны санатан ас кутан ырааппыт.
Тыый, соҕуруу үүнэр, онтон кэлэр виноград кытта аһын куппут. Сотору ситиэҕэ, оччоҕуна минньигэс бэйэ виноградын амсайыахтара, астыныахтара.
Бүгүн биһиги соҕуруу дойду «олохтооҕо» оҕуруокка анаан саамай үчүгэй буору оҥорор, ньүөлсүтэр Калифорния чиэрбэлэрин туһунан агрооскуола маастара, педагог Людмила Христофоровна Абрамова кэпсиирин истиэхпит.
Бу чиэрбэлэри ылан, булан бэйэҕэ элбэтиэххэ сөп.
Татьяна Жиркова, суруналыыс.
Улахан Аан, Хаҥалас улууһа.
Сиһилии видеоҕа билис: