Волейбол – кыралыын-улаханныын дьон сэргиир, сөбүлээн оонньуур спорт көрүҥнэриттэн биирдэстэрэ. Волейбол историятын сэгэтэн көрдөххө маннык эбит. Волейбол төрөөбүт күнүнэн аан дойдуга олунньу 9 күнүн ааттыыллар.
1895 сыллаахха АХШ Массачусетс штатын Холиока диэн куоратыгар айыллыбыт. Гандбол, баскетбол, теннис уонна бейсбол элеменнэрин киллэрэн саҥа оонньууну Уильям Морган диэн физическай подготовка салайааччыта толкуйдаабыт. Бу оонньуу бастаан “минтонет” дэнэр эбит, кэлин Альфред Хальстед диэн профессор волейбол диэбит, нууччалыы переводтаатахха “летающий мяч” (“көтөр мээчик”) диэн буолар эбит. 1897 сыллаахха оонньуу быраабылата оҥоһуллан аан дойдуга тарҕанан барбыт. Сэбиэскэй сойууска ааспыт үйэ 20-с сылларыгар киирбит. Бастакы аан дойду чемпионата эр дьоннорго 1947 сыллаахха, онтон дьахталларга 1954 сыллаахха ыытыллыбыттар.
Ханна да буоларын курдук биһиги оскуолабытыгар спорт бу көрүҥүн өрө тутабыт, сөбүлээн дьарыктанабыт.
Волейбол төрөөбүт күнүгэр анаан оскуолабыт иһинэн кылаастарынан волейбол күрэҕэ буолла. Манна оҕобут ахсаана аҕыйах буолан 7-11 кылаастар 100% кытыннылар. Саппаас оонньооччуларынан 5-6 кылаас оҕолорун ыллылар.
Эрийсиилээх киирсиилэр түмүктэринэн чемпион үрдүк аатын 8-с кылаас хамаандата, 2-с миэстэни 11 кылаас хамаандата, 3-с бочуоттаах миэстэни 9 кылаас хамаандата ыллылар. Бастыҥ оонньооччуларынан Никифоров Алмаас (8 кылаас), Федоров Ермак (9 кылаас), Федорова Нарыйа (11 кылаас) ааттаннылар.
Мантан салгыы күүстээхтик бэлэмнэнэн кустовой, онтон улуустааҕы волейбол күрэхтэригэр кыттыахтара.
Прокопьев Вадим , Алексеева Лилиана ,
“Кустук” пресс-киин, Күүкэй, Сунтаар