Алеша Дорофеев А.Е. Мординов аатынан Тааттааҕы лиссиэй VI кылааһын үөрэнээччитэ бу күннэргэ Дьокуускай куоракка 28-с төгүлүн ыытылла турар “Инникигэ хардыы“ научнай-практическай конференцияҕа “Төрдү-ууһу үөрэтии” секцияҕа кыттар.
Өбүгэлэр дьарыктара аҕа уустарын үөрэтиигэ биир ньымата буоларын туһунан чинчийэр үлэтин ыыппыт.
– Бастаан Андрей Андреевич Саввин “Гончарное ремесло у якутов” кинигэтин аахпытым. Хос хос хос эбээм Анна Ефграфовна Картузова туойу баһылаабыт маастар эбит. Эбээм штамповкаларын Чурапчы улууһун музейыгар көрөммүн наһаа соһуйбутум. Хос хос хос эбэм оччолорго: “Биэс үйэ тухары күөсчүппүт”, – диэн эппитэ баар. Кинигэ, музей, архыып матырыйаалларыгар олоҕуран ааҕан таһаардахха, хос хос хос эбэм 1891 сыллаахха төрөөбүт. 30 сыл устата туойунан дьарыктаммыт. Онтон мин эбээм удьуоруттан 11-с көлүөнэ буолабын. Инники өттүгэр скульптор буолуохпун баҕарабын, – диэн кэпсиир Алеша.
Чинчийэр үлэтигэр эбэтэ туой иһиттэри оҥорор ньымаларын тэҥнээн көрөн үөрэппит, бэйэтэ туой иһиттэри оҥорбут. Хос хос хос эбээтэ Чурапчыга Болтоҥо таһыгар Чурапчы уонна Татта үрэх икки ардынан турар Ураһалаах диэн сиргэ олорон ааспыт. Онно эбээтэ туһана сылдьбыт туойдаах сирэ баар.
– Ол сиритэн туой ылан, хос хос хос эбээм былыргы кээмэйинэн, биир буут истээх, улахан иһитин оҥорон таһаарыахпын баҕарабын, – эдэр чинчийээччи Алеша Дорофеев итинник сыаллаах-соруктаах үлэлиир.
Алена КСЕНОФОНТОВА,
«Кэскил» медиа-оскуола юнкора, Хадаар, Чурапчы
Хаартыскаҕа: Алеша Дорофеев салайааччытын Мария Егоровна Картузованы кытта