Быйыл буойун-поэт, суруйааччы, драматург Тимофей Егорович Сметанин төрөөбүтэ 100 сыла. Бөһүөлэкпитигэр киэн туттар биир дойдулаахпытыгар анаан үгүс тэрээһин ыытыллар.
Тимофей Сметанин биһиэхэ, оҕолорго анаан, элбэх айымньыны суруйбута: «Куоскалар уонна саһыл», «Көрүдьүөс күн», «Куоска олоҥхото», «Бороҥ куобах үөрэммитэ», о.д.а.
Биһиги кылааспыт Руфина Владимировна Сметанина сценарийынан «Эдэр булчут» диэн хоһоонугар киинэ устубуппут. “Саха” НКИХ Кэбээйитээҕи филиалын үлэһитэ Туяра Дмитриевна Кокорева режиссердаан, таҥан, бу киинэбит олус табылынна. Сүрүн оруолу Ыстапааны Мирлан Дьяконов толорбута, оттон тиэкиһин Нарыйа Кондакова аахпыта.
Олунньуга энтузиаст-фольклорист, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Савелий Николаевич Тимофеев сценарийынан 5 көстүүлээх, 8 хартыыналаах «Күөрэгэй» испэктээк турда.
Сүрүн оруолу мин – Айна Толбонова, Олоону – Олег Иванов, маачаха ийэни Дьалкыыры – Маша Селляхова, Намыыны – Олег Иванов, Мойот оруолун Мирлан Дьяконов оонньоотубут.
I “A” уонна биһиги кылааспыт оҕолоро кутуйах оруолун толордулар. Испэктээги норуодунай тыйаатыр артыыһа Г.Ф. Иванов көрөн, олус хайҕаата.
“Tалааннаах оҕолор тахсан эрэллэр,” – диэбититтэн учууталбыт Саргылана Семеновна, төрөппүттэрбит уонна бэйэбит эмиэ олус үөрдүбүт.
Савелий Николаевич, төһө да 78 сааһыгар сырыттар, биирдэ олорон турбакка, биһиги кылааска «Фольклор» куруһуогун ыытар. Барыбытын хомус тардарга, норуот ырыаларыгар, чабырҕахха уһуйар. Кини такайыытынан биһиги үгүс ситиһиилээхпит.
2018 с. “Бриллиантовые нотки” норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ «Чэй, эрэ» фольклорнай ансаамбылбыт I истиэпэннээх лауреат буолан, Турцияҕа ыҥырыы туппута.
«Күөрэгэй» испэктээги бэлэмнииргэ Кэбээйитээҕи норуодунай тыйаатыр эдэр режиссера Антон Петров уонна Н.И. Полятинская салайааччылаах «Сайдам» норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ бары саба түһэн көмөлөстүлэр.
Кинилэр бу испэктээги видеоҕа устан, «Синяя птица» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ ыыттылар.
Туруоруубутун үгүс көрөөччү сэргээтэ.
Айна ТОЛБОНОВА,
IV “A” кылаас.
Кэбээйи.