Оскуолабыт таһыгар араас матырыйаалтан кыыллар кэккэлэстилэр, хаарынан Моруос оҕонньор, үүнэр 2023 сыл бэлиэтэ куобах оҥоһулунна. Көрөргө наһаа астык!
Киэһэ, хараҥарыыта, оҥоһуктар тула араас өҥнөөх лаампалар умайдахтарына, оҥоһуктар үөрбүт-көппүт курдук буолаллар.
«Кыыллары» кылаас оҕолоро төрөппүттэринээн оҥордулар, онтон Моруоһу, куобаҕы үлэ уруогар Иван Семёнович Захаров ыйыытынан уолаттар оҥорбуттар.
Кылааһым оҕолоро «кыыллары» кытары сөбүлээн хаартыскаҕа түстүлэр.
Амелия Прокопьева, 3 кылаас үөрэнээччитэ, «Тымтык» эдкорпост, Ороһу.