Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар айаннаан иһэн Эмискэ саха норуотун поэта, олоҥхоһут Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап төрөөбүт алааһыгар Саппыйаҕа тохтоон ааспыппыт.
Биһигини поэт түмэлигэр Эмис нэһилиэгин ытыктанар учуутала, Күннүк Уурастыырабы кытта үгүстүк алтыһан ааспыт Алексей Ильич Гаврильев көрсүбүтэ. Уурастыырап балаҕаныгар саахымат остуола турарын көрөммүн бу туһунан кэпсииригэр көрдөспүтүм.
Алексей Ильич кэпсээбитин курдук, Владимир Михайлович 1944-1945 сылларга саахымакка өрөспүүбүлүкэ биир күүстээх оонньооччута эбит.
– Владимир Михайлович саахымакка оонньоон призер, чемпион буолар диэн латыынскай алпаабытынан тахсыбыт хаһыакка сүрдээх үчүгэйдик суруйбуттар этэ. Дойдутугар биһиэхэ кэллэҕинэ саахымат туһунан наар кэпсиир этэ. Соппуруон диэн суоппардаах эбит. Айаҥҥа турунар буоллулар эрэ суоппарыгар: “Соппуруон, били, малгын ылбытыҥ дуо?” – диэн куруук ыйытар эбит. “Лаппа” диэн оонньууну эмиэ үчүгэйдик оонньуур буолан миэстэлэһэр эбит”, – диэн кэпсээтэ Алексей Ильич Гаврильев.
Норуот поэта бу дьарыгын дйодутун дьоно утумнаан, саахыматы сайыннараллар. Эмис нэһилиэгэр улахан дьоҥҥо, оҕолорго саахымат күрэҕин сыл аайы ыыталлар. Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ миэстэлэһэллэр.
Сайаана СОРОКОУМОВА, С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата
Ааптар хаартыскалара