Күһүҥҥү чаҕыл күннэри баттаһа, Покровскайдыыр аартыкка баар Муусука үрдүкү оскуолатыгар, көмүһү бүрүммүт айылҕа быыһыгар турар дьоҕус коттеджка сырыттыбыт. Сүрэҕи үөрдэр, дууһаны ыллатар эҥин дьикти кынаттаах дорҕооннор манна уйаланан тахсаллар!
46 кыллаах, сэттэ педаллаах, дьикти кэрэ тыастаах, оркестр киэргэлэ буолар аналлаах үнүстүрүмүөннэр – арфалар кэчигирээбиттэр. Үс кыыс нарын-намчы тарбахтарынан сип-синньигэс кылы даҕайыахтара эрэ кэрэх – дьикти дьүрүскэн кутулла түһэр. Күһүн уонна арфа – хайдах эрэ биир ситимнээх курдуктар…
Оҕо саас араас түгэнэ
Сахаттан бастакы идэтийбит арфистка, Саха АССР үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыската, Муусука үрдүкү оскуолатын профессора, арфаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы, Россиятааҕы куонкурустар дьүүллүүр сүбэлэрин, педагог-арфистар Россиятааҕы ассоциацияларын чилиэнэ Лидия Павловна Новгородова:
– Аҕам сэриигэ барыар диэри биһиги Маҥан аннынан Жуковкаҕа олорбуппут. Бастаан аҕабыт сэриигэ сураҕа суох сүппүтүн туһунан сурук, онтон Москва аттыгар өлбүтүн туһунан ыар сурах кэлбитэ. Ийэм түөрт кыра оҕолоох хаалбыта. Сэрии кэмигэр аччыктыыры, тоҥору-хатары билбиппит. Онтон абаҕабыт Афанасий Иванов барыбытын сыарҕанан Намҥа көһөрөн аҕалбыта. Кини, сэрииттэн инбэлиит буолан эргиллибит убайбыт, биһиэхэ дурда-хахха буолбута. Эбэбит Варвара Ивановна биһигини олус аһынара, наһаа үчүгэйдик көрсүбүтэ: алаадьылаах, күөрчэхтээх, сүөгэйдээх. Оо, хам аччык оҕолор сонно тута остуолга сүүрэн бытарыһан тиийдэхпит. Афанасий Егорович Володя биһиккини бэйэтэ үлэлиир оҕо дьиэтигэр ылбыта. Билиҥҥи тылынан эттэххэ, «билсиинэн» ыллаҕа. Ол эрээри, оччотооҕуга убайбыт барахсан итинник дьаһаныыта элбэх оҕолоох ийэбэр өрүһүлтэ буолбута. Ийэбит барахсан биһиэхэ кэлэ сылдьара, оҕолорун ахтан муҥнанара. Хамаҕаттаҕа Дьокуускайтан муусука интэринээт-оскуолатын иитиллээччилэрэ уонна учууталлара сынньана кэлэллэрэ. Пианиноларын илдьэ кэлбиттэр этэ. Көрбөт кэмнэригэр убайым Володялыын ол пианино клавишаларын баттыалыырбыт. Итинник, бэйэбит да билбэппитинэн, муусуканы умсугуйбуппут. Онтон 1949 с., биир үтүө күн иитээчи Ульяна Кычкина миигин Дьокуускайга муусука оскуолатыгар үөрэниэҥ этэ диэн илдьэ барбыта.
Соһуччу түгэн
– Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо муусукаалынай интэринээт-оскуолата сэрии кэнниттэн, саха бастакы композитора Марк Николаевич Жирков көҕүлээһининэн аһыллыбыт этэ. Саха сирин бары муннугуттан дьоҕурдаах оҕолор үөрэнэллэрэ. Ол эрээри, үнүстүрүмүөннэр, нуоталаах литература тиийбэт этэ, сольфеджио уруога суоҕа. Дьоҕус икки хоско дьарыктанарбыт.
Олорор хоспутугар 14 этибит. Ыалдьан бөҕө. Ол эрээри, хаһан да суламмат, санаабытын түһэрбэт этибит. Бэрт эйэлээхтик олорбуппут. Иитээччим Ульяна Ефимовна штапель матырыйаалтан былаачыйа тикпитигэр, наһаа да дьолломмутум! Муусука оскуолатыгар Майя Иванова, Надя Охлопкова, Татьяна Гурьева, Вера Свешникова диэн дьүөгэлэрдээҕим. Кинилэр бары биллэр муусукаан, педагог буолбуттара.
Оскуолабыт таһыгар икки мэндиэмэннээх дьиэҕэ Марк Слепцов, Аиза Решетникова олорбуттара. Кинилэр тэлгэһэлэригэр хаҥкылаан да биэрэрбит.
Мин скрипкаҕа оонньуурум. Нуучча тыйаатырыгар кэнсиэрдээбиппитин өйдүүбүн. «Улааттаххына, эн ким буолуоххун баҕараҕын?» диэн ыйыттахтарына, мэлдьи: «Артыыска буолуом», – диэн хоруйдуурум.
Онтон биир сыл буолан баран, 1950 с. дьоҕурдаах 12 оҕону Ленинградтааҕы Н.А. Римскэй-Корсаков аатынан консерватория иһинэн үлэлиир анал муусука оскуолатыгар сүүмэрдээбиттэрэ. Миигин эмиэ талбыттара.
Ленинград хайдах көрсүбүтэй?
– Билигин санаатахпына, Ленинградка тиийиим дьылҕам ураты бэлэҕэ эбит. Нева үрдүгэр турар улахан куораты көрөн баран… сөхпүтүм бэрт этэ! Биһиги бастаан Мариинскай тыйаатыр аттыгар, Матвеев переулогар тохтообуппут. Олохтоохтор үтүө, холку, интеллигентнэй бэйэлээхтэрин сөбүлээбитим. Биһиги нууччалыы да үчүгэйдик кэпсэппэт, саҥарбат этибит, «кытайдар», дии саныыллара. Аан бастаан манна кэлэн, алтынньы ыйга…халаан уутун көрбүппүт. Уулуссаҕа уу бөҕө бычалыйан, халыйан тахсан турара, онно арбузтар уста сылдьаллара… Туох барыта көрүөх бэтэрээ өттүгэр ууга былдьаммыта.
Барыбытын тус-туспа кыһаларга араарбыттара. Мин Римскэй-Корсаков аатынан консерватория муусукаалынай интэринээт-оскуолаҕа түбэспитим. Тарбаҕым кылгас буолан, скрипка кылааһыттан арфаҕа көһөрбүттэрэ. Биһигини кытары Марк, Ирина Таймановтар олорбуттара. Марк кэлин саахыматчыт, гроссмейстер, пианист буолбута. Ириналыын биир кылааска үөрэммиппит, ийэлэрэ интэринээккэ үлэлиирэ.
Кинилэр дьиэлэригэр үгүстүк ыалдьыттыырым. Араас тиэмэҕэ тапсан кэпсэтэрбит, ардыгар бөлүһүөктээн да ыларбыт. Кэлин биллэр скрипач буолбут Борис Гутников кинилэргэ сылдьара. Уопсайынан, мин кылааспар үгүс биллэр муусукаан буолбут дьон: Томас Зандерлинг, Юрий Симонов, Настя Брауда үөрэммиттэрэ. Биһиги кэннибититтэн Владимир Спиваков (кырата) үөрэнэ киирбитэ.
Маршак, Уланова, Черкасов…
– Үөрэнэрбит тухары, 10 сыл устата, харчыбыт суох буолан, Сахабыт сиригэр кэлэр кыахпыт суоҕа. Арай Марк Слепцов (пианист) Саха сиригэр сайылыыра, биһиги киниэхэ ымсыыран биэрэрбит. Дойдутуттан сахалыы аһылыгы аҕаларын, ону дойдубутун ахта-ахта сиирбитин өйдүүбүн.
Оттон биһиги Комаровоҕа оҕо дьиэтигэр сайылыырбыт. Финскэй хомоҕо сөтүөлүүрбүт. Сэрии буолбут сирэ буолан, саллааттар мэлдьи миинэ көрдүүллэрэ. Оттон биһиги отонноон саллааттары аһатарбыт.
Биһиэхэ ыалдьыттыы диэн аатырбыт поэт Самуил Маршак, балет «сулуһа» Галина Уланова, Александр Невскэйи киинэҕэ ситиһиилээхтик оонньообут ССРС норуодунай артыыһа Николай Черкасов уо.д.а ыалдьыттыыллара, кэлэллэрэ. Бары бииргэ Мариинскай тыйаатырга сылдьарбыт. Манна үөрэнэ сылдьан, дьиҥнээх доҕотторбун булбутум, кинилэри кытта билигин да алтыһабын, билсэбин.
Ирина Шипулина диэн наһаа үчүгэй педагокка үөрэммитим. 1957 с. Саха сирин литературатын, искусствотын декадатыгар Москваҕа биир дойдулаахтарым иннигэр аан бастаан кыттар чиэскэ тиксибитим. Кэнсиэр Немирович-Данченко аатынан Муусукаалынай тыйаатырга буолбута. Никита Хрущев баар этэ дииллэр.
Консерваторияҕа
– Оскуолабын ситиһиилээхтик бүтэрэн, тута Н.А. Римскэй-Корсаков аатынан консерваторияҕа оркестр салаатын арфа кылааһыгар 16 эксээмэни туттаран киирбитим. Манна учууталым Ирина Викторовна Шипулина үөрэнээччитэ Елена Андреевна Синицынаҕа түбэспитим. Үөрэхпит сүрдээх ыарахан этэ эрээри, наһаа интэриэһинэйэ.
Биирдэ, Дыбарыаска аҕыс арфанан, аатырбыт Арам Ильич Хачатурян симфониятын оонньообуппутугар, ааптар илэ бэйэтинэн… дирижердаабыта! Уопсайбытыгар дьоппуоннар, кытайдар бааллара. Эйэлээхтик, көрдөөхтүк олорбуппут. Елена Образцова үрдүкү кууруска үөрэнэрэ. Муусука оскуолатыгар уон сыл бииргэ үөрэммит дьүөгэм Ира Кайманова, Роман Котляревскай диэн Ленинград биллэр композиторын кыыһа Наташа буолан доҕордоһорбут. Наташа Александр Орешников диэн худуоһунньукка кэргэн тахсыбыта. Оттон кэргэнин аҕата – биллэр худуоһунньук Виктор Михайлович Орешников – мин мэтириэппин уруһуйдаабыта. Онно араспаанньабын сахатытан: «Саҥа Куораттыыраба», диэбитим. Худуоһунньук бу хартыынатын «Портрет юной арфистки Лиды Новгородовой (Санга Куаротырова) диэн ааттаан, элбэх быыстапкатыгар туруорбут эбит. Ону кыыһым Чимгээ Интернет ситимиттэн, худуоһунньук хартыыналарын галереятыттан соһуччу булан ылан көрдөрбүтэ.
Кини курдук
1993 с. Муусука үрдүкү оскуолатыгар Саха сирин муусукатын историятыгар маҥнайгы арфа кылааһа аһыллыбыта. Кылааһы Саха сирин бастакы арфистката Лидия Новгородова сүрүннүүр.
– Биһиги маннык үчүгэй Муусука оскуолатын көҕүлээн тэрийбит Бастакы Президеммит Михаил Ефимович Николаевка олус диэн махтанабыт, – диир Лидия Павловна. – Арфаҕа үөрэппит оҕолорбут Лина Варламова Мароккоҕа Королевскай оркестрга, Маша Дедюкина, Луиза Шадрина Дьокуускайга Опера уонна балет тыйаатырыгар, Наташа Соломонова Филармонияҕа үлэлииллэр, Алина Леонтьева Улан-Удэҕа практикаламмыта.
Кристина Сорочинская, II куурус:
– Арфа – дьикти, кэрэ үнүстүрүмүөн. Дорҕооно истибит киһини барыларын абылыыр. Сэттэ сааспыттан Муусука үрдүкү оскуолатыгар үөрэнэбин. Лидия Павловна барыбытыгар наһаа үчүгэйдик, истиҥник сыһыаннаһар.
Кристина Соловьева, VIII кылаас:
– Мин бу оскуолаҕа алта сааспыттан үөрэнэбин. Лидия Павловна болҕомтолоох, үтүө санаалаах, наһаа үчүгэйдик үөрэтэр, быһаарар. Биһиэхэ бэйэтин оҕолорун, сиэннэрин курдук сыһыаннаһар. Араас минньигэс астарынан күндүлээччи. Мин Лидия Павловна курдук арфаҕа уһулуччу үчүгэйдик оонньуохпун баҕарабын.
***
1965 с. Лидия Новгородова консерваторияны бүтэрэн, ахтылҕаннаах дойдутугар бастакы арфаны сүгэн-көтөҕөн, муусука, драма тыйаатырыгар аҕалбыта. Ол арфа кэлиэҕиттэн тыа сирин тымныы кулууптарыгар саха дьоно арфа диэн дьикти үнүстүрүмүөнү сөҕө, махтайа, курдаттыы абылата истибиттэрэ. Оттон Лидия Павловна Новгородова саха муусукатын историятыгар бастакы арфистка.
Кэпсэттэ Жанна Леонтьева.
Алексей Васильев түһэриитэ