Үөһээ Бүлүү улууһун Н.К.Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап аатынан Кэнтик орто оскуолата өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар эмтээх от хомуйуутунан дьарыктанар оскуолалартан биирдэстэрэ. Эмтээх от хомуйааһыныгыр хас биирдии үөрэнээччи кыттыыны ылар, хас биирдии кылаас от арааһыттан көрөн арахсан хомуйаллар.
Холобур, 1-2 кыл. оҕолоро хаптаҕас уонна моонньоҕон сэбирдэҕин үргүүллэр, 3 кылаастар отон, уҥуохтаах отон угун сэбирдэхтэрин, төрдүстэр пижма сибэккитин, бэһистэр хатыҥ сэбирдэҕин хомуйаллар уо.д.а., ити курдук хас биирдии кылаас бэйэтэ бас билэр үүнээйилээх.
Быйыл барыта 100 устуука эмтээх от арааһын бэлэмнээтилэр. Күһүҥҥү дьаарбаҥкаҕа 66 устуука эмтээх от арааһа атыыланна. Сыаната да удамыр — 50 солк. Оскуола кэллэктиибэ төрөппүттэргэ харса суох көмөлөрүн иһин махтала муҥура суох.
Быйылгы үөрэх дьылыгар оҕолор үүнээйи арааһын, ханна үүнэрин үөрэтиэхтэрэ, маны таһынан эмтээх оту хомуйуу, бэлэмнээһин, туһаҕа таһаарыы ньымаларын өссө чиҥэтэн биэриэхтэрэ.
Бу сайын оскуола Липпэлээх диэн сиргэ хортуоска олорто. 12 хортуоппуй суордун арааһыттан үүннэрдэ: «Розара», «Голландский», «Огонек», «Адретта», «Тувинка», «Фиолетовый голландский», «Костромской», «Свекловичный», «Сирень», «Канадская», «Невский», «Фиолетовый голландский с горохом». Хортуоска үүнүүтүн орто диэн бэлиэтииллэр.
Оскуолаҕа хортуоппуй, оҕуруот аһа үүннэриитинэн Екатерина Анатольевна Касьянова, Людмила Ивановна Семенова уонна Вера Александровна Дмитриева дьарыктаналлар. Оскуола үлэһиттэрин сыралаах үлэлэриттэн үүнүү үрдүк көрдөрүүтэ көстөр. Сайын устата, чуолаан бу кинилэр, дьуһуурустубалаан оҕуруот аһыгар уунуу куттулар, уоҕуртулар, элбэх үүнээйини ыллылар.
Ол курдук, биэрэс сордун арааһыттан «Фламинго», «Бивни мамонта F1», «Уральский толстостенный F1», «Золотой Рог F1»- 155 устуука, 20, 35 кг хомулунна, 2 киилэ атыыга таҕыста; «Стелла» оҕурсуу суорда — 30 устуука, 117, 12 киилэ хомулунна уонна атыыга таҕыста; «Шуга Бейби» арбуз суорда — 16 устуука, помидор — 250 устуука ( «Монгольский карликовый», «Якутский», «Морковный»), 58, 05 киилэ хомулунна, дьаарбаҥкаҕа 15, 5 кг атыыланна; «Июньская ранняя» хаппыыста суорда — 25 устуука, «Поздняя» суорда — 25 устуука, барыта 112, 33 киилэ хомулунна; «Дачник» тыква суорда — 5,20 кг; кабачоктар «Цукини полосатый», «Аэлита желтый», «Сосновский», «Белый лебедь» суортара 40, 14 киилэ хомулунна, дьаарбаҥкаҕа 8,6 киилэ 150 солкуобайга атыыланна, «Санберри» клубника 6 уга 500 солкуобайга барда, сүбүөкүлэ – 15,10 кг, моркуоп – 88, 2 кг, дьаарбаҥкаҕа – 24,2 киилэ 80 солк. атыыланна, укроп 18 тутума 50-нуу солк., салат 9 тутума 25-тии солк., лук 3,270 киилэ атыыга барда.
Оскуола үлэһиттэрэ агросубботникка «Зимний салат» диэн минньигэс лечону оҥордулар. Дьаарбаҥкаҕа 8 бааҥка 150-200 солк. атыыланна.
Үөһээ Бүлүү улууһугар «Күhүҥҥү киhи күлбүтүнэн» атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар Н.К.Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап аатынан Кэнтик орто оскуолата улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалтатын аатыттан туоһу суругу, Үөһээ Бүлүүтээҕи П.Н. Тобуруокап аатынан сынньалаҥ киин аатыттан «Баай сандалы» анал аат туоһу суругун туттулар.
Оскуола кэллэктиибэ «Токко», «Кустук» маҕаһыыннарга бэйэ үүннэрбит бородууксуйаларын атыыга таһаарар көмөлөрүн иһин барҕа махталларын тиэрдэллэр. Күһүҥҥү сонуннары Кэнтик орто оскуолатыттан Н.Ф. Будищева иһитиннэрдэ.