«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Оҕуруот аһа үүнэн, сир аһа ситэн – туох барыта элбэх, дэлэй. Көмүс күһүн күннэрин баттаһа, дьон айылҕаҕа сир аһын хомуйан,ийэ айылҕабыт баайыттан сомсон, кыстыкка бэлэмнэнэр. Саха сирин айылҕата сир аһынан баай. Бүгүн олортон сорохторун кытары билсиэхпит.
Сир-дойду быттыга-хонноҕо
Хаһан да бараммат киэҥ баайдаах,
Айылҕа маанылаах аһыттан
Ким баҕар тиксиһэр аналлаах.
Моонньоҕон
Саха сиригэр киэҥник тарҕаммыт үүнээйи. Кини үрэх сүнньүгэр, тыа саҕатыгар, хотоол сиргэ үүнэр.
Моонньоҕону аһа буспутун кэннэ хомуйар ордук. Саха сиригэр саамай элбэх битэмииннээх сир аһынан биллэр. Сэбирдэҕэ, отоно ыарыыны эмтиир аналлаах. Холобур, сүрэх, куртах, оһоҕос ыарыытын, тирии бааһырыытын, тымныйыыны, хаан баттааһынын түһэрэр күүстээх.
Отонун хомуйан сууйан, ыраастаан баран тымныы сиргэ ууран хаһааналлар
Хаптаҕас
Үрэх хочотун тыатыгар сииктээх кытылы батыһа үүнэр. Алаас саҥатыгар да үүнүөн сөп. Бэс ыйыгар сибэккилэнэр, от ыйын ортотуттан отоно буһар. Куһүөрү, саахара элбээн, минньийэр.
Бу битэмииннээх, эмтээх үүнээйи. Отонун, сэбирдэҕин да хомуйаллар.
Отонун саахардаан, барыанньалаан, хатаран да хаһааныахха сөп. Сэбирдэҕин чэйгэ кутан, оҕуруот аһын кэнсиэрбэлииргэ тума курдук эмиэ тутталлар.
Хаптаҕаска баар кумариновай эттиктэр, антиоксиданнар киһи доруобуйатын тупсараллар. Күҥҥэ баара-суоҕа 150 г. хаптаҕаһы сиэтэххитинэ, күннээҕи С битэмиин нуорматын толоруоххут.
Сугун
Киэҥник тарҕаммыт үүнээйи. Кини мыраан сииктээх тэллэҕэр, күөл кытыытыгар, маарга, намыһах сиргэ үүнэр.
Бэс ыйын иккис аҥаарыттан сибэккилэнэр. От ыйын бүтүүтэ, атырдьах ыйын саҕатыгар ситэн, халлаан күөҕэ өҥнөөх буолар. Сугуну кураан күҥҥэ хомуйаллар.
Хомуллубут отону саахардаан эбэтэр барыанньалаан баран, сөрүүн сиргэ хаһааналлар.
Эмкэ сугун отонун да сэбирдэҕин да тутталлар. Сугуҥҥа фолиевай кислота баар.
Сугун уга сүүс сыл иһигэр аһын биэриэн сөп.
Кытыан (Арчы)
Өлүөнэ, Бүлүү, Алдан өрүстэр сүнньүлэригэр үүнэр.
Өбүгэлэрбит аһы-үөлү хаһаанарга, иһити-хомуоһу ыһаарарга, дьаҥтан харыстанарга, дьиэни-уоту ыраастыырга туһаналлара.
Үүнээйи хатырыгын балаҕан ыйыттан хомуйаллар. Сиппит сиэмэлээх, сымала сыттаах, курас амтаннаах буолар. Киһи иһигэр уу үөскээтэҕинэ, хабах сүһүрдэҕинэ, ууну таһаарарга, тыынар уорган сүһүрдэҕинэ, ас буһарыытын тупсарарга туһаналлар. Кытыан мутукчатын, хатырыгын ханнык эмэ арыыга булкуйан дьарҕаны (арамачыыс) оҥостоллор.. Итини тэҥэ кытыан лабаатын уматан дьиэни ыраастыыллар.
Долохоно
Ойуур ырааһыйатыгар, өрүс кытылын үрдүк сирин сөбүлээн, атын талахтары кытта иһириккэ табыллан үүнэр, өлгөмнүк астанар мас.
Эмтээх, киэргэл, ону таһынан аһылыкка туһаныллар үүнээйи. Эмкэ хатарыллыбыт сибэккитин, сиппит отонун тутталлар.
Отонун, сэбирдэҕин утах, барыанньа, сироп оҥороллор.
Дөлүһүөн
Саха сиригэр өлгөмнүк үүнэр.
Отонугар С, В2, Р, К битэмииннэр, А провитамин, флавоновой гликозидтар бааллар. Сэбирдэҕэ, силиһэ, умнаһа дубильнай сүмэһининэн баай.
Дөлүһүөнү эмкэ-томко киэҥник тутталлар. Отонун ситэ буһа илигинэ эбэтэр күһүҥҥү хаһыҥнар түһүөхтэрин иннинэ хомуйаллар. Отонун тута күн уотугар эбэтэр оһоххо хатарар ордук. Оһох сылааһа 80-90 °C -тан үрдүө суохтаах. Куурбутун кэннэ үлтү мэлийиллэр.
Дөлүһүөн элбэх битэмииннээх буолан, утах, барыанньа, сироп оҥорон туһаналлар.
Уҥуохтаах отон
Мыраан сирэйигэр, үрдүк, кураанах сиргэ үүнэр.
Сэбирдэҕин эмкэ анаан саас саҕаланыытыттан ыкса күһүҥҥэ диэри хомуйаллар. Аһын балаҕан ыйыгар хомуйар ордук.
Норуот эмчитэрэ бүөр, хабах ыарыытыгар, хаан барарын тохтоторго, хаан баттааһынын үрдэтэргэ тутталлар.
Сэрии сылларыгар хаппыт уҥуохтаах отону суорунаҕа тардан, бурдукка эбэн, лэппиэскэ, хааһы оҥостоллоро, үүт аска эбэн хойуннаран сииллэрэ.
Уулаах отон
Саха сиригэр киэҥник тарҕаммыт сир аһа. Сииктээх сиргэ хоточчу үүнэр. Отон атырдьах ыйын иккис аҥаарыгар ситэр. Бастакы хаһыҥнар кэннилэриттэн лаппа минньийэр.
Биир бастыҥ эмтээх үүнээйи. Эмкэ сэбирдэҕэ уонна отоно туттуллар.
Сэбирдэҕин эмкэ анаан саас эрдэ, ыам ыйын 10-15 уонна 20-22 күннэригэр хомуйаллар.
Уулаах отон тымныйыыттан, хаан аҕыйааһыныттан, быар, бүөр, хабах ыарыыларыттан киэҥник туттуллар.
Отог уһун кэмҥэ буорту буолбатынан ордук сыаналанар. Сөрүүн сиргэ хас да сыл туруон сөп.
Ааптар: Ульяна Павлова