Бүгүн Улуу Кыайыы күнүн көрсө «Биһиги геройбут» диэн тутаах проекпытын дьоһуннаахтык түмүктээтибит. Ол курдук, 5 кылаастан саҕалаан Муома орто оскуолатын түмэлин салайааччыта Антонина Ильинична Никулина этиитин ылынан, биир дойдулаахпыт, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа лейтенант Максим Дмитриевич Черёмкин пааматынньыгын 7 сыл устата көрө-истэ сырыттыбыт, кини аатын үйэтитиигэ араас хабааннаах үлэни оҥордубут.
Тохсунньу 1943 с. Воронежско-Касторненскай кимэн киирии түмүгэр, Чесночное бөһүөлэгэр немецтэртэн босхолооһуҥҥа, биһиги Максиммыт сырдык тыына быстыбыта. Бу алдьархайдаах хаан тохтуулаах киирсиигэ бэйэлэрин олохторун толук уурбут буойуттары кытта Максим Черёмкин Липецкай уобалас братскай могилаҕа көмүллэ сытар. Бүгүн оҕолор пааматынньыкка түмүк сүгүрүйүүгэ толору кылааһынан кытыннылар. Өйдөбүнньүк видео уһуллубут, хаартыскаҕа түстүбүт.
Онтон кылааспыт бэтэрээннэрин Евдокия Николаевнаны, Мария Михайловнаны, Александра Дмитриевнаны дьиэлэригэр тиийэн эҕэрдэлээтибит, илии оҥоһук открыткаларбытын уонна ас наборун бэлэх ууннубут.Киэһэтигэр «Свеча памяти»уонна сибэкки дьөрбөтүн ууруу үгэс быһыытынан өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста.
Түгэнинэн түбэһэн, кылааһым төрөппүттэригэр бу сыллар тухары куруук өйөөн-көмөлөһөн, оҕолорбут дойдуһа дьон буола улааталларыгар бэйэлэрин холобурдарынан көрдөрөн, сүдү үлэбит олус үчүгэйдик түмүктэннэ. Кылаас салайааччытын аатыттан хас биирдиигитигэр улахан истиҥ махталбын тиэрдэбин!
11 «А» кылаас салайааччыта Лидия Серафимовна Неустроева,
Хонуу, Муома