Ирбэт тоҥ — айылҕа биир дьикти көстүүтэ. Нууччалыы «криолитозона», «вечная мерзлота», «многолетнемерзлые горные породы» диэн аатттанар. Онтон ирбэт тоҥ ириитигэр туох уларыйыылар тахсыахтарай? Ол туһунан ирбэт тоҥу үөрэтэр институт лабораториятын сэбиэдиссэйэ, геолого-минералогическай наука кандидата Семен Петрович Готовцев кэпсиир.
Ирбэт тоҥ диэн тугуй?
Ирбэт тоҥ диэн сир анныгар 2-3 сылтан ордук кэмҥэ тоҥ сытар араҥаны ааттыыллар. Итинник тоҥ араҥалаах сир Саха сирин иэнин үксүн ылар. Ол иһин үгүс киһи өр сыллаах тоҥ араҥа устун хаама сылдьар курдук сананар. Оннук буолбатах. Тоҕо диэтэргит, өр сыллаах тоҥ араҥа үрдүгэр сайын аайы ирэр араҥа сытар. Кини өр сыллаах тоҥ араҥаҕа киирсибэт уонна «сайын ирэр араҥа» диэн ааттанар (сезонноталый слой). Итинник сайын аайы ирэр араҥа баар буолан туох баар оппут-маспыт силигилээн үүнэр. Ирэр араҥа сириттэн, отуттан-маһыттан көрөн халыҥа араас буолар. Кини 20-30 см саҕалаан 1,5-2,0 м онтон да халыҥ буолуон сөп. Холобур, туой буордаах кылгас оттоох аһаҕас сыһыыга сайынын ирэр араҥа халыҥа 1,0-1,5 м буолуон сөп. Онтон алаас куулатыгар хойуу муохтаах тыатыгар сайын устата баара-суоҕа 10-15 см эрэ ириэн сөп.
Булгунньахтаах сирдэр хайдах үөскээбиттэрэй?
Булгунньах диэн саха тыла. Ирбэт тоҥу үөрэтэр нууччалыы үөрэх кинигэлэригэр эмиэ ити аатынан биллэр. Булгунньах алаастар үөскээһиннэрин кытта сибээстээх. Ирбэт тоҥ дьапталҕа муустара ирдэхтэринэн, күөллэр үөскүүллэрин билэҕит. Холобура, Мүрү, Төҥүлү диэн алаастар былыр уһун кэм устата толору уулаах күөллэр этилэр. Күөллэр түгэхтэрэ тоҥмот. Бастаан ирбэт тоҥноох да буоллаҕына, хата, ол тоҥо сыыйа ирэн, түгэхтэрэ хас эмэ уонунан миэтэрэ дириҥнээхтик ирэр.
Онон күөл уоллаҕына, кини анныгар сыппыт ириэнэх сир үөһээттэн тоҥор. Ол тоҥуутугар уута мууска кубулуйар уонна үллэн сири өрө үтэр, булгунньахтары үөскэтэр. Алаас ортотугар булгунньах турар буоллаҕына, урут кини күөл түгэҕэ буола сылдьыбыт, күөлэ кууран хат тоҥмут эбит диэн буолар. Ортотугар булгунньахтаах алааһы сиппит алаас диэн ааттыыллар. Сороҕор асфальт суолга эбэтэр тротуарга эмиэ кыракый булгунньахтар (бөлкөйдөр) үөскээбит буолааччылар. Бу — ирбэт тоҥ биир кистэлэҥэ.
Килиимэт уларыйыыта
Билигин Аан дойду үрдүнэн килиимэт муҥутуур сылыйыыта буола турар, ол аата салгын сыллааҕы орто темпертурата сылыйан иһэр. Холобур, ааспыт үйэ 80-с сылларын эргин Дьокуускай куоракка сыллааҕы орто температура -9,5, 10,5 С (по Цельсию) кыраадыс эбит буоллаҕына, 2020 сылга баара суоҕа -6,0 С (по Цельсию) кыраадыс буолла.
Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, билигин буола тура килиимэт сылыйыыта быһа холуйан 1850 сыллар диэкиттэн саҕаламмыта уонна тохтообокко үрдээн испитэ. Бу сылыйыы бастаан айылҕаҕа буола турар уларыйыы сиэрдэринэн бытааннык саҕаламмыта. Оччолорго халлаан үөһээ араҥатыгар күҥкүйүү гаастара (парниковые газы) элбии иликтэрэ. Ол да буоллар, сылыйыынан сибээстээн айылҕаҕа араас кутталлаах көстүүлэр элбээн барбыттара. Сир-дойду ууга барыыта, кыһын хаар өлгөмнүк түһүүтэ, күүстээх тыаллар, сир курааннааһына уо.д.а. көстүүлэр.
Кэлэр сылга килиимэт сылыйыыта сир үрдүгэр уу элбээһинин кытта сибээстээх буолара буолуо. Ол аата ирбэт тоҥноох Сахабыт сиригэр сир-уот алдьаныыта күүһүрүөхтээх. Онон кэлэр сылларга айылҕаны харыстааһыҥҥа сүрүн болҕомтону ууруохха наада.
Ирбэт тоҥ ириитигэр туох уларыйыылар тахсыахтарай?
Биллэрин курдук, Саха сирин территориятын иэнэ 90 % өр сыллаах ирбэт тоҥунан бүрүллэ сытар. Килиимэт муҥутуур сылыйыыта кэлиҥҥи сылларга олус тэтимнээхтик баран эрэр. Холобур, Докуускай куоракка 1980-с сыллар эргин салгын сыллааҕы орто температурта -9,5, -10,5 С кыраадыс эбит буоллаҕына, 2020 сылга баара-суоҕа -6,0 С кыраадыс буолла. Итинник сылыйыы салгыы бардаҕына, кэлэр сылларга кэккэ кутталлар үөскүөхтэрин сөп.
Бастатан туран сир үрдүттэн чугас сытар ирбэт тоҥ муустара ирэн барыахтара. Ол түмүгэр термокарст диэн процесс элбиэҕэ. Уонча тыһыынча сыл анараа өттүгэр эмиэ маннык итийии сыллара кэлэн ааспыттара. Ол түмүгэр киин улуустар сирдэригэр-уоттарыгар элбэх дүөдэлэр, тыымпы күөллэр үөскэтэлээбиттэрэ. Кэлин олор уулара уолан, кинилэр алаастарга кубулуйбуттара. Онон кэлэр сылларга киһи-сүөһү олорор сиригэр бу термокарст диэн процесс алдьатыыта сүрдээх күүстээх буолара күүтүллэр.
Аны туран ирбэт тоҥ температурата үрдээн буор быһыттарбыт ууну туппат буолан эрэллэр, онон буор быһыттарынан хаайылла сытар күөллэр тоҕута түһүүлэрэ элбиэҕэ. Ол түмүгэр уу кыһалҕата өссө сытыытык турар кутталлаах. Кэнэҕэһин билигин бензин уматыкпытын харайар резервуардарбыт курдук, сыбаайаҕа тутуллубут тимир резервуардарга уубутун мунньан ынахтарбытын сыл таһаарар кэскиллэниэхпит.
Ирбэт тоҥ ириититтэн сибээстээх айылҕаҕа арааас кутталлар тахсыылара олус элбээн эрэллэр. Сир-дойду ууга барыытыттан бөһүөлэктэри көһөрүү курдук үлэлэр наада буолар кэмнэрэ кэлиэхтэрин сөп. Ол иһин геоэкологическай кутталы эрдэттэн өтө көрөн сөпкө дьаһаныахха наада. Маннык хабааннаах кутталлар хоромньулара олус улаатыахтара.
Сахабыт сиригэр ирбэт тоҥ халыҥа сүрдээх улахан. Марха өрүс таһыгар турар Солоҕон диэн бөһүөлэк чугаһыгар хаһыллыбыт скважинаҕа кини халыҥа 1400 миэтэрэ дириҥҥэ сытара быһаарыллан турар. Ол эрээри дьиҥинэн биһиги ирбэт тоҥ үөһээ 4-5 миэтэрэ ирдэр эрэ киһи-аймах олоҕун тосту уларытар сүрдээх улахан дойду күөрэ-лаҥкы барыа, сыбаайаҕа турар дьиэлэрбит сууллуохтара, сир-дойду ууга барыа.
Ол иһин ону кытары охсуһуу стратегиятын үөрэтиэххэ, үбүлүөххэ наада. Ирбэт тоҥноох Сахабыт сиригэр аналлаах методика уонна норматив баар буоларын көрүөххэ наада.
Кэпсэттэ Анна СЛЕПЦОВА.