Аҕыйах ахсааннаах норуоттар аан дойдутааҕы күннэрин көрсө, атырдьах ыйын 3 күнүгэр, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин дьиэтигэр медицина билимин дуоктара, СӨ үтүөлээх эмчитэ, Өлөөн улууһун ытык киһитэ, Саха сирин уонна Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун, “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация чилиэнэ, “Оленьими тропами к месторождениям алмазов Якутии” кинигэ уонна “Любовь в яранге”, “Үс саха төрдө” романнар ааптардара Иннокентий Иннокентьевич Винокуров-Тагус төрдүс кинигэтэ «Золотая империя тунгусов Айсин Гурун» романын сүрэхтэниитэ ыытылынна.
«Золотая империя тунгусов Айсин Гурун» роман Иннокентий Иннокентьевич тиһэх үлэтэ буолар, бэчээккэ биэрээри сылдьан, хомойуох иһин, 2020 с. бэс ыйын 21 күнүгэр кини ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта.
Саҥа буруолуу сылдьар кинигэ «Өлөөн эбэнки национальнай оройуона» муниципальнай тэриллии өйөбүлүнэн С.А. Новгородов аатынан “Айар” кинигэ национальнай кыһатыгар силигин ситэн күн сирин көрдө уонна атырдьах ыйын 3 күнүгэр оруобуна И.И.Винокуров төрөөбүт күнүгэр сүрэхтэннэ.
«Золотая империя тунгусов Айсин Гурун» роман урукку кэмнэргэ Илиҥҥи Азияҕа олорон ааспыт баай уонна бэйэтэ туспа устуоруйалаах норуоттар тустарынан ааптар история кырдьыгын бэйэтэ хайдах ылынарын, көрөрүн уус-уран тылынан дириҥник суруйбут.
Бу күн И.И.Винокуров-Тагус биир дойдулаахтара Өлөөн улууһун олохтоохторо быһа сибээскэ холбонон ытыктыыр киһилэрин ахтан-санаан аастылар, бэйэлэрин санааларын эттилэр, эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Маны таһынан «Айар» КНК хампаанньатын сүрүннүүр дириэктэрин солбуйааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Валерий Николаевич Луковцев, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Ольга Валерьевна Балабкина, Новосибирскай куораттан сэллиги чинчийэр үнүстүтүүт учуонай сэкирэтээрэ, медицина билимин доктора Татьяна Игоревна Петренко, Ил Түмэн народнай депутата Елена Голомарева, Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай суруйааччыта, эбээн омук, өрөспүүбүлүкэ биллиилээх уопсастыбаннай уонна государственнэй үлэһитэ, народнай депутата Андрей Васильевич Кривошапкин, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ билэлиэгийэ билимин бэрэпиэссэрэ Юлия Геннадьевна Хазанкович, биир идэлээхтэрэ НПЦ «Фтизиатрия» дириэктэрин солбуйааччыта, медицина наукатын доктора Александр Федорович Кравченко, торакальнай хирург Николай Христофорович Афанасьев уо.д.а. кыттыыны ыллылар.
Андрей Васильевич Кривошапкин И.И.Винокуров огдооботугар Оксана Александровнаҕа аҕыйах ахсааннаах норуоттар култууратыгар кылаатын уонна эбэҥки норуотун чулуу уола И.И.Винокуров-Тагус сырдык кэриэһин үйэтитиитин иһин Махтал суругу туттарда.
Кинигэ сүрэхтэниитэ Иннокентий Иннокентьевич муузата, доҕоро, таптала, кэргэнэ О.А.Винокурова тэрээһиҥҥэ кэлбит уонна кыттыбыт дьоҥҥо ис сүрэхтэн махталынан, үтүө тылынан түмүктэннэ.
Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар айылҕаттан айдарыылаах, уһулуччу талааннаах чаҕылхай киһилэрэ Иннокентий Иннокентьевич Винокуров-Тагус сырдык олоҕо кини оҕолоругар, сиэннэригэр, айымньыларыгар салҕана туруоҕа диэн бигэ эрэллээхпит.
Анна СЛЕПЦОВА.