Олунньу ый 16 күнүгэр өрөспүүбүлүкэбит биир биллэр суруйааччыта, Майа сэлиэнньэтин, Моорук, Тараҕай нэһилиэктэрин, Уус-Алдан улууһун Мүрү нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина Иннокентий Сосин үбүлүөйдээх 95 сылын туолар.
Иннокентий Сосин Мэҥэ-Хаҥалас Мооругар 1928 сыллаахха төрөөбүт. Оҕо сааһа Эрбэһэр алааска ааспыт. Соҕотох оҕо буолан, кини бэйэтэ маһынан оонньуур оҥостон: мас атынан, ытынан, мас ынахтарынан оонньуур эбит.
1955 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай институту бүтэрбит. Үрдүк партийнай оскуола ЦК КПСС суруналыыстыка отделыгар үөрэммит. Холкуоска ынах үүрээччинэн, сэкирэтээринэн, саха тылын уонна литературатын учууталынан, хаһыат эрэдээктэринэн, методиһынан үлэлээбит.
Бастакы кинигэтэ «Айаннаан иһэн» 1959 сыллаахха тахсыбыт. Айар үлэтин ырыаһыт поэт быһыытынан саҕалаабыт эбит. Хоһоонноро билигин ырыа буолан ыллана сылдьаллар. 60-тан тахса хоһоонугар ырыа матыыба суруллубут эбит, холобура «Биригэдьиир Марыына», «Тус хоту», «Мэттэкэ-тэттэкэ Миитээкэй».
Киниэхэ анаан акростих хоһоон айан холоннум.
Суруйан хаалларбыт хоһоонноро
Олуһун тарҕаммыт эбиттэр,
Сэргэх ырыа буоланнар
Истиҥ иһирэх иэйиилээхтэр,
Намыын намчы матыыптаахтар.
Ахтыылары аахтахха, Иннокентий Михайловиһы үгүстэр эколог суруйааччы диэн ааттыыллар. Ол мээнэҕэ буолбатах. Кини күнү-дьылы кэтээн көрөр, айылҕа туругунан норуот билгэлээһинин суруйбут, айымньыларыгар киллэрбит биир тарбахха баттанар суруйааччыбыт буолар. Суруйбут кэпсээннэригэр айылҕаны, оту-маһы, тыынар-тыыннаах туспа эйгэлэрин көрдөрөр. Иннокентий Сосин биһиги киэн туттар, убаастыыр суруйааччыбыт буолар. Кини оҕолорго аналлаах үгүс кинигэлэрдээх. Сорох айымньылара «Албын саһыл», «Тураах күөмэйэ бүппүт», » Ыт утуйа мээрик буолбут», «Икки чабычах» уо.д.а. үөрэнэр учебниктарбытыгар киирбиттэр.
Онон кинини Саха Өрөспүүбүлүкэтин фольклоругар, историятыгар улахан суол хаалларбыт суруйааччылартан биирдэстэрэ диэххэ сөп.
Иннокентий Михайлович биһиги нэһилиэкпитигэр командировкаҕа хаста да кэлэ сылдьыбыт. Кини биһиги дойдубутун «… Чыамайыкылар сирдэрэ улуус кииниттэн төһө даҕаны тэйиччи сытарын иһин, олус кэрэ айылҕалаах, бэртээхэй уулаах-хаардаах, чөкө сытар бөһүөлэк. Сүөһү иитиитин сайыннарарга табыгастаах, элбэх киэҥ ходуһалардаах, от үрэхтэрдээх. Булт-алт өттүнэн эмиэ куһаҕана суох. Онон саха киһитэ олохсуйан олоруоҕар олус табыгастаах дойду» диэн суруйбута баар.
Оннук биир сырыы түмүгэр «Чыамайыкым оҕото» диэн хоһоон айыллыбытын көрдөөн буллум.
«Чыамайыкым оҕото»
Даркылааҕым күөлүгэр
Тааһы тамныы-тамныыбын,
Харыйачаан күлүгэр
Ханыылаахпын саныыбын.
Чыычаах кэрэ, үчүгэй
Чыамайыкым оҕотоо,
Көөчүктэнэ күөгэйэн
Кэлиий эрэ тиэтэйэн.
Даркылаахха күн көҕөр
Анды оонньуур кэмигэр
Таптал, үөрүү, дьол түһэр
Түһүлгэтэ көһүтэр.
Таастаах Тамма эбэккэм
Талахтарын быыһынан
Сэдир сирэм сибэкким
Сиэдэрэйин хомуйан,
Чыычаах кэрэ, үчүгэй
Чыамайыкым оҕото
Көөчүктэнэ күөгэйэн
Кэлиий эрэ тиэтэйэн.
Бу хоһооно ырыа буолбут эбит. Ону эбээлэрбит сөбүлээн ыллыылларын биллим.
Оҕотуттан кырдьаҕаһыгар диэри норуот сөбүлээн ааҕар суруйааччыта Иннокентий Михайлович Сосин 95 сылынан!
Аайа Макарова, 9 кылаас үөрэнээччитэ, «Проба пера» эдэр корреспондена, Мэҥэ-Хаҥалас Чыамайыкы.