«Инникигэ хардыы» өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕин аастыбыт. Эҥэ орто оскуолатыттан түөрт оҕо кыттыыны ылла, ол курдук 11 кылаас үөрэнээччитэ Оля Бурцева «Приготовление дезинфицирующего средства с нуля и проверка продуктов на подлинность», эмиэ 11 кылаас үөрэнээччитэ Света Бурцева «Количественный анализ аскорбиновой кислоты в трёх видах ягод Якутии и сопоставление результатов двух сезонов», 10 кылаастан Маша Бурцева «Анализ детской каши разных производителей», онтон алтыс кылаастан Витя Томский «Исследование состава жевательных резинок и выявление их влияния на организм человека» диэн тиэмэлэргэ үлэлэри көмүскээтилэр.
Бу кыттыбыт оҕолортон 6 кылаас үөрэнээччитэ Витя Томскай Витя 3-с миэстэ буолла. Кини кыра кылаастан ыла бу конференцияҕа кыттар, быйыл төрдүс сылын кытынна.
Оля Бурцева (11 кыл.) иккис сылын кыттар. Быйыл оскуоланы бүтэрэн үрдүк үөрэххэ киирэр санаалаах сылдьар. Кини «Приготовление дезинфицирующего средства с нуля и проверка продуктов на подлинность» диэн тиэмэтэ салгыы кыттарга мэктиэлэннэ. Онон Оляҕа салгыы ситиhиилээхтик кыттарыгар баҕарабыт!
Бу оҕолор ситиhиилэрэ — бу учуутал Ирина Викторовна ситимнээх, дьаныардаах үлэтин түмүгэ.
Снежана БУРЦЕВА, Энэ орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ, «Саhарҕа» пост эдкора,
Үөhээ Дьааҥы улууhа.