Бүгүн, тохсунньу 10 күнүгэр, Хотугулуу Илиҥҥи федеральнай университет үөрэнэр корпустарыгар академик В.П. Ларионов аатынан «Инникигэ хардыы» конференция кыттааччылара дакылааттарын экспердэр иннилэригэр көмүскээтилэр. Тыа хаһаайыстыбатын секциятыгар эдэр чинчийээччилэр сыл устата үөрэппит чинчийиилэрин, саҥа арыйыыларын кэпсээтилэр. Олохтоох, бэйэ бородууксуйата, аһа-үөлэ, ынаҕа–сүөһүтэ олохпут саамай сүрүн тутула буолар. Чэгиэн сылдьарга, үөрэнэргэ уонна үлэлииргэ биллэн турар, олус улахан суолталаах.
И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы оскуолатыттан 5 кылаас үөрэнээччитэ Дамир Куличкин тымныы, тыйыс айылҕалаах Сахабыт сиригэр арбуһу үүннэрии туһунан кэпсээтэ:
— Модут нэһилиэгэр дьоммор сынньалаҥмар сайын аайы тахсабын. Үүнээйигэ, оҕуруот аһыгар көмөлөһөбүн. Эһэм арбуз үүннэрэр. Кини арбуз үүннэрииннэн 2009 сыллаахтан дьарыктанар. Батыһа сылдьан хайдах аһатарын, көрөрүн-харайарын көрөөччүм. Мантан үлэ, дакылаат оҥорон таһаарыахха сөп эбит дии санаабытым. Арбузпутун муус устар ыйга олордобут. Атырдьах ыйыгар уонна балаҕан ыйыгар ситэр. Арбуз 3 арааһын үүннэрэбит. Сиппит арбузтары бэйэбит сиибит, аймахтарбытыгар бэрсэбит, атыылыыбыт.
— Кэлии арбузтан уратылаах дуо?
— Бэйэ үүннэрбит арбуз амтанныын атын, олус минньигэс уонна сүмэһиннээх буолар. Бу күһүн саамай бөдөҥ, улахан арбузпут ыйааһына 11 киилэттэн тахса этэ.
— Инники былааныҥ?
— Салгыы бу үлэбин өссө да сайыннарыам. Инникитин арбузтан мүөт оҥорон көрүөхпүтүн баҕарабыт, былаанныыбыт. Дьаабылыканы эмиэ үөрэтэр былааннаахпын.
— Маннык конференциялар эн санааҕар туох суолталаахтарый?
— Биология уруогун олус сөбүлүүбүн. Ол иһин үүээйиигэ, оҕуруот аһыгар сыһыаннаах чинчийиилэр миэхэ олус интэриэһинэйдэр.
Конференция сайдарбар кыах биэрэр. Экспердэр, учуонайдар учууталлар туһааннаах сүбэлэри биэрэллэрэ миэхэ инникибэр хайаан да көмөлөһүөҕэ.
Оттон Үөһээ Бүлүү 2-с №-дээх орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Сайаана Петрова моркуоптан чэй, оттон ботватыттан приправа оҥорбут.
Моркуоп чэйэ хаан эргииригэр, дабылыанньаҕа, холестариннаах дьоҥҥо туһата үгүс диэн эдэр чинчийээччи сэһэргиир. Моркуоп чэйэ чахчы төһө туһалааҕын билээри Сайаана хас да күннээх эксперимент оҥорбут. Нэһилиэгин олохтооҕор моркуоптан чэй уонна бэйэни кэтэнэргэ дневник бэлэхтээбит. Оттон моркуоп ботватыттын туус тума оҥорон мииннээн ыалдьыттарга амсатан, опрос оҥорбут. Бу үлэни тоҕо талбытын маннык кэпсиир: Биһиги агро хайысхалаах оскуолаҕа үөрэнэбит. Кылаастар бары үүнээйи эбэтэр оҕуруот аһын олордобут. Биһиги кылааска иккис сылын моркуоп түбэспитэ. Моркуоп хомуйа сылдьан ботватын бырахпакка туох туһаҕа таһаарыахха сөбүй диэн санаа үөскээбитэ. «Витаминная» уонна «Нантская» диэн суортары үүннэрбиппит. Моркуоп ботватын састаабар А, Е битэмииннэринэн, фосфор, калий, магний, йод, кальций микроэлеменнэринэн баай эбит. Туой-тума, чэй биир пачката 100 солкуобай.
Айылҕа биэрэр туһалаах битэмииннэрин бырахпакка, моркуоп ботватын бородууксуйатын туһанаргытыгар сүбэлиибин.
Өлөөн улууһун Дьэлиҥдэ орто оскуолатыттан Мария Николаева билиҥҥи кэмҥэ тоҕоостоох тиэмэни — таба иитииитин бөҕөргөтүү туһунан кэпсээтэ: Табаһыттар олохторун, туох уустуктары көрсөллөрүн чинйийдим. Уустуктары быһаарарга ханнык аныгы технологиялар көмөлөһүөн сөптөөхтөрүн үөрэттим. Холобур, квадроокептар табалар ханна сылдьалларын көрөргө, ахсааннаргын ааҕарга олус көмөлөөх. Мин чугас дьонум табаһыттар. Онно көмөлөһөбүн, хамнастаах үлэһиппин. Маннык конференцияларга киһи билиини ылар, элбэх оҕо үлэтин көрөр-сайдар.
Хас биир эдэр чинчийээччи үлэтэ олус ураты, интэриэһинэй, суолталаах. Сахабыт сирин сайдыытыгар бу үлэлэр, чинчийиилэр кыра да, улахан да кылааты киллэрэ турдуннар!
Игорь Ан,
VI кылаас,
Дүллүкү орто оскуолатын эдэр кэрэспэдьиэнэ