Бүгүн, балаҕан ыйын 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин инновациятын, цифровой сайдыытын уонна инфокоммуникационнай технологиятын министиэристибэтин уонна Саха сирин инновацияҕа сайдыытын фондатын аатыттан «Биракчаан» медиакииҥҥэ анаммыт экшн-камера, микрофон-петличка, штатив тыйыс тымнылаах, үрдүк таас хайалардаах хоту дойдубутугар Эбээн-Бытантай национальнай улууһугар кэллэ!
Үөрүлээх быһыыга-майгыга «Биракчаан» медиакиин улахан хамаандатыгар туттардылар, эдэр кэрэспэндьиэннэр үөрүүлэрэ уонна инновация миниистиригэр Ефимов Василий Васильевичка махталлара муҥура суох.
«Биракчаан» медиакиин хамаандата бу өйөбүлтэн кынаттанан ВК куйаар ситимҥэ #АРКТИКА ОЛОҔО ханаал арыйан үлэлэтэр былааннаах, бу бырайыак бу күннэргэ олоххо киирэрэ күүтүллэр . «Арктика олоҕо» — бу ханаалга Арктика олохтоохторун, эбээн норуот култууратын, тыа олоҕун туһунан боростуой тылынан кэпсэниэҕэ, онон сайдыыга биһиэхэ өссө биир суол аана тэлэччи арылынна
«Биһиэхэ эрэммит дьон эрэллэрин түһэн биэрбэт курдук гына өссө үрдүк чыпчааллары дабайыахтаахпыт диэн сыаллаах-соруктаах үлэбитин саҕалаатыбыт» диэн эдэр кэрэспэндьиэннэр тириэрдэллэр.
Наум Наумов, «Биракчаан» медиакиин, Кустуур орто оскуолата, Эбээн-Бытантай улууһа.
keskil14.ru