Ыам ыйын 31 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ «Түгэхтэй» сиригэр Бүлүү бөлөх оҕолоругар «Түмэр түһүлгэ» диэн тэрээһин бэркэ буолан ааста.
Манна Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн уонна Ньурбаттан уопсайа 70-ча оҕо кэлэн кыттыыны ылбыта. Бу тэрээһин сыала-соруга сахалыы саҥаны, суругу-бичиги сайыннарааһын, элбэтээһин. «Кэлэр кэнчээри ыччакка хайдах төрөөбүт тылбытын иҥэрэбит? Сахабыт тыла хааларын туһугар тугу гынабыт?» диэн ыйытыктары көрөн оҕолор күүскэ үлэлээтилэр. Буоларын курдук бастаан алгыс тыла этиллибитэ, ол кэннэ оһуохайы оройуттан тутан саҕалаабыппыт. Элбэх санаалар, сүбэлэр уонна баҕа санаалар тахсыбыттара. Тэрийээччилэр, ол эбэтэр Бурхалей Степанович Макаров, «Ийэ тыл» Cүбэтин дьаһабылын салайааччыта уонна Варвара Васильевна Васильева, улуустааҕы «Ийэ тыл» Сүбэтин салайааччыта оҕолору хамаандаларга араартаабыттара. Араас оонньуулар: таабырыннар, өс хоһооннор ис хоһооннорун быһаарыы, хоһоон ааптарын суруйуу уонна тургутуктар ыытыллыбыттара. «Саха тылын хайдах сайыннарабыт?» диэн бырайыак көмүскээһинэ буолан ааспыта. Оҕолор бары бэркэ диэн кыһаллан үлэлээтилэр. Сүрүнэ — бүтэһигэр Бүлүү түбэтин оҕолорун түмсүүтэ тэрилиннэ.
Мин санаабар сахабыт тыла сайдарын туһугар кими эрэ үөрэтэ сатаабакка, бастаан бэйэбититтэн саҕалыахтаахпыт. Биһиги ыраастык төрөөбүт тылбытынан саҥарар буоллахпытына, бырааттарбыт, балтыларбыт, доҕотторбут ону ситиһэргэ кыһаллыахтара. Холобур курдук, ХИФУ устудьуонун, суруналыыс идэлээх Эльдар Садовниковы аҕалыахпын сөп. Кини сахабыт тылын өрө тутар. Уустаан-ураннаан араас ыстатыйалары, хоһооннору суруйар. Эльдар ыраастык сахалыы саҥарарыттан, суруйарыттан киһи үөрэр, кинини кытта тэҥҥэ сайдыах, хамсыах санаа киирэр. Ити курдук холобур аҕалбытым санаабын бигэргэтэр дии саныыбын.
Маннык бырайыак буолбутуттан олус диэн үөрдүм уонна махтана санаатым. Тэрийээччилэргэ, оҕолорго, дьүүллүүр сүбэҕэ, салайааччыларга улахан махталбын тиэрдэбин! «Түмэр түһүлгэ» сылын аайы тохтообокко ыытылыннын, бу тэрээһин инникилээх.
Анжелина ЖДАНОВА, Х кылаас, «Ыллык» эдкорпост, Ньурба, Хаҥалас.