Гимназиябытыгар Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах нэдиэлэ “Иитиллэр ийэ тылбыт” диэн аатынан ыытылынна.
V-VIII кылаастарга тыл туһунан кэпсэтиилэр ыытылынналар. Онтон IX-XI кылаастарга “Чараҥ сипсиэрэ” литературнай түмсүү түһүлгэтэ, суруйааччылары, олохтоох ааптардары кытта көрсүһүүлэр буоллулар. Ол курдук IX “а” кылааска Александра Шеломова-Айталыма, IX “б”-га Светлана Ксенофонтова-Илгэйэ, Х “а”-ҕа кылаас Римма Корякина-Хотууна; Х “б”-га Николанна Бушуева-Арчылаана Чараҥ. XI кылаастарга Павел Федоров-Сомоҕо ыалдьыттаата. Айар үлэлэрин, кинигэлэрин билиһиннэрдилэр. Чуолаан ийэ тыл хас биирдии киһи олоҕор суолтатын туһунан кэпсээтилэр. Оҕолор олус сэргээтибит, интэриэһиргиир ыйытыыларбытын биэрдибит. Маннык көрсүһүүттэн астынныбыт.
Маны таһынан нэдиэлэ устата аангылыйа тылыгар дьиэ кэргэн олимпиадата (V-VII кылаастарга); “Сулустаах чаас” тыл, өй, билии оонньуута (V-VI кылаас оҕолоругар уонна төрөппүттэригэр); “Т.О.К.” (Толкуйдаа. Онньоо. Кыай) тыл, өй, билии оонньуута (IX-XI кылаастарга); “LinguaLand” английскай тылынан улуустааҕы интеллектуальнай оонньуу (гимназия), кылааһынан хабылык, хаамыска күрэхтэһиитэ ыытылыннылар.
Саина Захарова “сулустаах чааһа”
“Сулустаах чаас” тыл, өй, билии оонньуута V-VI кылаас оҕолорун уонна кинилэр төрөппүттэрин бииргэ түмтэ. Биһиги оонньуу кыайыылааҕын V “б” кылаас үөрэнээччитин Саина Захарованы кытта кэпсэттибит.
– Эн «Сулустаах чаас» тугун сөбүлээтиҥ?
– Билиигин:көрүүгүн туругутан көрөҕүн уонна түргэнник толкуйдуугун.
– Ханнык түһүмэҕи ордук сөбүлээтиҥ?
– Үһүс уонна бастакы түһүмэхтэри сөбүлээтим. Үһүс түһүмэххэ суруйааччылар айар үлэлэриттэн ыйытыылары биэрбиттэрэ. Оттон бастакы түһүмэххэ эргэрбит тыллар суолталарын быһаарбыппыт. Бу түһүмэххэ, хата, “суха” диэн буору хорутар тэрил буоларын биллим.
– Эбии туох интэриэһинэйи биллиҥ?
– Сэмэн Ноҕоруодап туһунан элбэҕи биллим. Кини 11 тылынан холкутук саҥарар, барыта 20 тылы үөрэппит эбит.
– Бастакы миэстэ буолбуккуттан үөрдүҥ?
– Биллэн туран, үөрдүм. Кыайыам дии санаабатаҕым. Сөпкө эппиэттээбит эрэ киһи диэн сыаллаах этим.
“Т.О.К.” бастыҥа Ньургун Чагылысов
IX-XI кылаас үөрэнээччилэрэ “Т.О.К.” (Толкуйдаа. Онньоо. Кыай) тыл, өй, билии оонньуутугар билиилэрин тургуттулар. Кылаастар сүүмэрдэммит хамаандалара төрөөбүт тылга, С.А. Новгородовка сыһыаннаах түһүмэхтэргэ күөн көрүстүлэр. Учууталлара биэрбит ыйытыыларыгар хоруйдаатылар. Кыайыылаах хамаанда чилиэнин, XI “б” кылаас үөрэнээччитин Ньургун Чагылысовы кытта кэпсэттибит. Кини: «Мин санаабар, маннык оонньуу оскуола оҕолоругар сотору-сотору ыытыллара наадалаах. Тоҕо диэтэххэ, оҕо элбэххэ үөрэнэр. Биир бэйэм бу оонньууга кыттан билиибин-көрүүбүн кэҥэттитм. Саҥаны биллим. Үөрэхпэр, дьону кытта алтыһарбар ол барыта туһалаах буолуо», – диэн санаатын үллэһиннэ.
Наташа МАКАРОВА, Айсен ЗАХАРОВ, X кылаас,
“Тумус кыһа” пресс-киин юнкордара,Чурапчы гимназията.